Курс валют
$
96.11
0.04
105.69
0.38
Курс валют
Курс валют
$
96.11
0.04
105.69
0.38
Меню
Поиск по сайту

“Көс омук оонньуулара” Аан дойдутааҕы күрэхтэһиигэ сахалар хайдах кытыннылар?

23.09.2024 (3 недели назад) 10:44 0

Балаҕан ыйын 7-15 күннэригэр V-c Көс омуктар Аан дойдутааҕы оонньуулара Казахстан Астана куоратыгар ыытылынна. Саха сириттэн биэс көрүҥҥэ 43 спортсмен кытынна. Айсиэн Мигалкин уонна Айсен Атастыров мас тардыһыыга чөмпүйүөннээн, кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Өссө биһиги дьоммут бес асык, тогуз кумалак, овари уонна асык ату диэн көрүҥҥэ ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.

“Көс омук оонньуулара” Аан дойдутааҕы күрэхтэһиигэ сахалар хайдах кытыннылар?

Спортсменнартан хайдах кыттыбыттарын туһунан ыйыталастыбыт.

Вероника ИВАНОВА:

Мин Бүлүү улууһун, Чинэкэ нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. ХИФУ ИТИ (бакалавр) уонна ИЗФиР (магистратура) үөрэхтэри бүтэрбитим.

Хабылыкка, хаамыскааҕа ийэм Айталина Алексеевна Иванова үөрэппитэ, онтон магистратурам 1 кууруһугар үөрэнэ сылдьтан “Модуҥҥа” Белолюбская Надежда Николаевнаҕа дьарыктаммытым. 

Бу, Көс омук оонньуутугар күрэхтэһии буоларын тренербыт Надежда Николаевна кэпсээбитэ. Бес асык диэн оонньууну мин онно саҥа истибитим, ый курдук дьарыктаммыппыт. 

Маннык үрдүк таһымнаах күрэххэ бастакыбын кытынным. Бу күрэххэ кыттарбыттан наһаа үөрэ санаабытым. Эбиитин Арассыыйа аатыттан киирэр өссө үөрүүлээх уонна долгутуулаах этэ. “Модун” оҕолоруттан бес асык, асык ату, тогуз кумалак уонна овари көрүҥнэргэ ситиһиилээхтик кытынныбыт. 

Бес асык казахтар төрүт омуктарын оонньуута. Биһиги хаамыскабытыгар майгынныыр, уратыта диэн – бараан атаҕын сүһүөҕүн уҥуоҕунан оонньонор уонна сорох түһүмэхтэрэ атын.

Бастакы күҥҥэ биһиги Монголия, Турция, Чехия хамаандаларын кытары киирсибиппит, барыларын 3:0 хоппуппут. Онтон финалга Казахстан хамаандатын кытары 1 миэстэ иһин киирсибиппит. Олуһун диэн долгуйбутум. Оонньуу түмүгүнэн, биһиги иккис миэстэни ылбыппыт.

Күрэхтэһии таһыма олус  үрдүк. Уопсайа 21 көрүҥ баар, барыта да олус сэргэх көрүҥнэр. 

Көс омук оонньууларын кэнниттэн, Асык Атуга Аан дойду чемпионатыгар кыттыбыппыт. Ол онно 11 хамаандаттан 2-с миэстэни ылбыппыт. Уопсай хамаанданан түмүккэ, икки көрүҥ түмүгүнэн,  3 -с миэстэҕэ тахсыбыппыт.  

Бу икки улахан күрэхтэргэ кыттан, улаханнык дуоһуйдубут, уопут бөҕө ыллыбыт. Атын хамаандалар хайдах оонньуулларын көрдүбүт, бес асык быраабылатын барытын сиһилии үөрэттибит. Көс омук оонньуулара аны икки сылынан буолар. Онно кыттыам диэн бигэ эрэнэбин.

Астана куораты олус сөбүлээтим, наһаа кэрэ, ыраас куорат эбит. Дьонноро истиҥ сыһыаннаахтар, ыалдьытымсахтар. Сахалар буоларбытын билэн баран олус үөрэллэр, Саха сирин интэриэһиргээн ыйыталаһаллар. Бу оонньууларга араас дойдуттан сылдьар дьону кытары билсэн, кэпсэтэн, билии атастаһан, элбэх доҕордоннум.

Биһиги тренербытыгар Надежда Николаевнаҕа улаханнык махтанабыт. Кини биһигини эрчийэн, үөрэтэн, маннык үрдүк таһымнаах күрэххэ кытыннарда. 

Аделина ПОТАПОВА:

Мин Дьокуускайбын,  бу сылга Креативнай индустрия колледжыгар «Айар Уустар» фотография үөрэҕин бүтэрбитим. Бастакы кылаастан Надежда Николаевна хабылыкка, хаамыскаҕа дьарыктаата. 

Бес асык диэн көрүҥү урут истэр этим. Күрэхпит буолуон иннинэ мандат быһаарыытынан, хамаандалары икки бөлөххө араарбыттара, ол бөлөхтөр иһигэр хамаандалары кытта киирсиһии ыытыллыбыта.

Сыалбын ситиһэн, аныгыскы 2 сылынан буолар Көс омук оонньууларыгар уонна өссө да атын күрэхтэргэ кыттыам диэн баҕа санаалаахпын. 

Инесса БЕЛОЛЮБСКАЯ, Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 10 б кылааһын үөрэнээччитэ:

-Күрэхтэһии олус үрдүк таһымнаахтык ааста, чуолаан, мин аһыллыытын наһаа сөбүлээбитим. Норуоттар доҕордоһууларын биир тыыҥҥа түмэн, көрдөрбүттэрэ олус долгутуулаах этэ. Көс омук оонньуулара миэхэ даҕаны, атын оҕолорго даҕаны, улахан уопут буолар. Мин санаабар, бары сүрдээҕин хомуллан оонньоотубут.

Хабылыгынан уонна хаамысканнан алта сааспыттан оонньуубун. Биһиги кыттыбыт көрүҥмүт овари диэн этэ. 

Мин 2016 сыллаахха II уонна 2018 сыллаахха III-с Көс омук оонньууларыгар кыттыбытым. Онтон ыла Овари (западнай Африка), Тогуз кумалак (казахскай), Манкала (турецкай), Тогус коргол (кыргызскай), Алтай шатра (алтайскай) интеллектуальнай оонньууларын билэбин. Ити курдук, 2016 сыллаахтан саҕалаан, Саха уонна Алтай өрөспүүбүлүкэлэрин спортсменнарын кытары Казахстан оварига федерацията ыытар күрэхтэригэр кыттабыт. Ол курдук, Турцияҕа, Монголияҕа, Казахстаҥҥа, Алтайга, Кыргызстаҥҥа тиийэ кыттааччыбыт. Бу күрэххэ атырдьах ыйыттан сборданан саҕалаабыппыт, ол иннинэ онлайн бэлэмнэммиппит.

Биһиги көрүҥмүт икки күн буолла. Барыта 8 түһүмэхтээх, бастакы күҥҥэ 4 түһүмэх, иккис күҥҥэ – финалга тахсыы. Биир тур уһуна 20 мүнүүтэ. Финалга киириэх иннинэ араас спортсменнары кытары киирсибиппит. Ол курдук Узбекистан, Турция, Африка, Колумбия, Туркмения уонна атын дойдулар спортсменнарын кытта күрэхтэспиппит. Финалбытыгар кыргызтары, казахтары уонна монголлары кытта оонньообуппут.

Мин оонньууга эрэ болҕомтобун ууран туран кытынным. Биллэн турар, долгуйуу син биир баар буолар, ол эрээри киһи эмоциятын сатаан салайыахтаах, эмоцияҕа баһыйтардаххына, киһи болҕомтото ыһыллар.

Инньэ гынан, Арассыыйа хамаандата 3-с бочуоттаах миэстэҕэ тигистибит, бу олус үчүгэй көрдөрүү дии саныыбын.

Астана наһаа кыраһыабай куорат. Наар сайда турар, киһи сырыы аайы сөҕө көрөрө элбэх. Манна сэдэх көстүүлээх сирдэри, араас түмэллэри көрүөххэ сөп.

Тренербыт Надежда Николаевна кыра эрдэхпититтэн дьарыктаан, араас күрэхтэргэ кытыннаран, сүбэ-ама биэрэн, сири-дойдуну көрдөрбүт киһибит буолар. Кини биһиэхэ итэҕэйэн-эрэнэн, тулуурдаахтык дьарыктаан, бу ситиһиигэ тиийдибит. 

Бу күрэхххэ атын дойдулар хайдах толкуйдуулларын, хардыыларын көрөн үөрэннибит, ырытыстыбыт.

Салгыы Өрөспүүбүлүкэҕэ Д.Я. Федотов, А.П. Ушницкай аатынан күрэхтэргэ, Федерация кубогар кыттыахтаахпыт.

Юлиана ИЛЬИНА, Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын 11 кылааһын үөрэнээччитэ:

Күрэхтэһии наһаа үчүгэйдик ааста, миэстэлэстибит диэн бастаан хайдах эрэ итэҕэйбэтэҕим, онтон баалларбытын көрөн баран үөрүү-көтүү бөҕө буолбуппут.

Хабылыгынан уонна хаамысканан 2-с кылаастан саҕалаан дьарыктанабын. Бу күрэххэ анаан-минээн сайын дэриэбинэҕэ эрчиллэн саҕалаабытым, онтон атырдьах ыйыттан сбордаммыппыт. Коротких Оля III Көс омуктар оонньууларыгар 3-с миэстэни ылбыта, ол иһин кини биһигини үөрэппитэ. Астана куораты наһаа сөбүлээтим, волонтердар маладьыастар, барытын ыйан-кэрдэн биэрэллэр.

Салгыы Тааттаҕа ыытыллыахтаах Манчаары оонньууларыгар күүскэ бэлэмнэниэхтээхпит.

Ая Давыдова, ХИФУ физическай култуура уонна успуорт институтун 2 кууруһун устудьуона:

Мин Бүлүү улууһун, Чинэкэ нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Кырабыттан “Модуҥҥа” остуол оонньууларыгар дьарыктанабын. уопсайа 10-с сылым.  

Үрдүк таһымнаах күрэх буолан ааста. Тогуз кумалак диэн казах омук өй-мэйии оонньуутугар боруонса мэтээли ыллыбыт. Араас омук сириттэн кэлбит дьону кытары билсиһэн-алтыһан кэллибит.

Үс күн иһигэр шведскэй систиэмэттэн уопсайа 8 тур оонньообуппут. Кытай, АХШ, Кыргызстан, Гана уонна да атын дойду кыттааччыларын кытта киирсибиппит. Бачча элбэх хамаандаттан 5 иһигэр киирбит киһи диэн санаалаах этибит. Кырабыттан араас күрэхтэргэ кыттар буоламмын, арыый үөрүйэхпин диэххэ сөп. Оонньуу киирэрбэр өйбүн-санаабын сааһыланан киирэбин.

Астана куорат дьиэлэрин быһыыларыттан, бөдөҥнөрүттэн сөхтүм аҕай.

Салгыы саамай улахан күрэхтэһиибит диэн сайын буолар, Манчаары оонньууларыгар күүстээхтик дьарыктаныахтаахпыт. Саҥа тактикалары, хардыылары үөрэтэн, көрөн кэллибит. Наар эрчиллэ уонна үөрэнэ эрэ сырыттаххына күүстээх спортсмен буолаҕын.

***

Кэпсэттэ Татьяна ЖАНЧИКОВА

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»