Курс валют
$
76.66
0.73
87.67
1.08
Курс валют
Курс валют
$
76.66
0.73
87.67
1.08
Меню
Поиск по сайту

Күн-дьыл туруга: этиҥнээх ардах, тобурах уонна +33°

30.06.2026 (2 недели назад) 10:36 0
Күн-дьыл туруга: этиҥнээх ардах, тобурах уонна +33°

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?

Саха сирин соҕуруу, арҕаа өттүгэр быстах ардахтаах буолуо, соҕуруулуу-илин сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһүө, тобурахтыан сөп диэн Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр киинтэн (УГМС) иһитиннэрэллэр. Абый, Орто Халыма оройуоннарыгар сорох сиринэн күүстээх ардах түһүө. Кытылынан, этиҥнээх ардахха сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ түргэннээх тыалырыа. Түүн +13+18°, хотугулуу-илин +9+14°, сорох сиринэн +2+7°, күнүс +28+33°, ардахха уонна хотугулуу-илин +20+25°, Халыма-Индигиир оройуонун хоту өттүгэр +11+16°.

Дьокуускайга күнүс +29+31°. Соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8 м тиийэ түргэннээх тыаллаах буолуо, этиҥнээх ардахха сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ түргэннэх тыалырыа.

***
Ааптар:

Екатерина Попова хаартыскаҕа түһэриитэ

Оставить комментарий