Курс валют
$
91.11
0.16
100.39
0.35
Курс валют
Курс валют
$
91.11
0.16
100.39
0.35
Меню
Поиск по сайту

Интэриэһинэй кэм

17.10.2023 16:12 12
Интэриэһинэй кэм

Интэриэһинэй кэмҥэ олоробут ди, балысханнаах, дьалхааннаах,түргэн сүүрүктүү үрүлүйэ устар олохтоох 21 үйэ – социальнай ситимнэр сайдан куйаар нөҥүө информация ылыы, үөрэнии, үөрэтии үгэннээн турар  кэмэ.

Аҕам саастаах киһи быһыытынан былырыын баччаларга олохтон хаалсымаары инстраграмм диэҥҥэ киирэн кэргэним үбүлүөйдээх төрөөбүт күнүгэр туох интэриэһинэйи, туһулааҕы бэлэхтээн үөрдүбүт киһи диэн санааттан  араас дьарыктаах дьон страницаларын көрдүм.

Арай АВГУСТИНА ИЛЬИНА диэн уус дьахтар Мастер клаасстары ыытар диэни сэргээн киирэн остуол, олоппос оҥорон атыылыырын, кыра остуоллаах оһуордаах кириэһилэ оҥорорго үөрэтэрин олус сэргээтим. Саха, кыра оҕолоох наһаа үчүгэй дьарыктаах талааннаах киһи эбит диэн астынан директ диэҥҥэ суруйдум. Тута эппиэттээн, сертификат биэрэбин, бириэмэтин бэйэтэ болдьоон кэлэн үөрэнэр, 2-3 хонугунан бүтэрэн илдьэ барар, өссө трафареты түһэрэн биэриэм диэтэ. Мин наһаа үөрдүм, кэргэним  уһанарын сөбүлүүр, эрдэ Аммаҕа сынньана сылдьан инник кресло-качалканы көрөн ымсыырбытын санаан дьэ билигин бэйэтэ илиитинэн оҥорон төһө эрэ астынар дии санаатым.

Ылар эбиппин диирбин кытта кыыһым (улахан оҕолордоох буолан эдэр дьону инник ааттааччыбыт) начаас тиийэн кэлэн сертификат биэрдэ, мин уу харчынан 10000 туттардым.

Кэргэним подарогар үөрэн, биир күн бириэмэ үлэһэн баран үлэлээн кэллэ. Дьэ, онтон ыла сыл ааста, ол ситэри оҥоһуллубатах кириэһилэбит ол да бүтэ илик. Биир кэм солото суох аатырар, биитэр оҕом ыарыйда диэн буолар. Бастаан утаа барытын итэҕэйэн, ылынан иһэр этибит. Саҥа дьылга дылы бүтэрэн харыйа таһыгар аҕалан туруоруом диэн сиэннэригэр кэпсээн кэбиһэн санаата түспүтэ. Чэ, хайыахпытый, сааһыары сылыйдаҕына баран ситэриэҥ буо ,-диэн уоскуппутум.

Бириэмэ аастаҕын аайы сонньуйан, ама, маннык дьону албынныахха сөп дуо диэн хомойуу-хоргутуу санаата үүйэ тутта.

Телефону ылбат буолта, онтон ватсап да көрбөт, смс суруйан бу нэдиэлэҕэ хайаан да илдьэн биэриэм бэйэм, биитэр аныгы нэдиэлэҕэ таксинан ыытарга кэпсэттим диэн буолар. Уонна кураанаҕы куустарар. Кэлин букатын смс да мэлийдэ. Онтон Инстаграмм страницатыгар сэргэх олох, атыы-тутуу, дьон киниэхэ үөрэнэн оҥорбут үлэлэрин көрдөрөр. Тоҕо саастаах дьоҥҥо маннык мөкү, аанньа ахтыбат  сыһыан үөскээтэ?  Биһиги олоҕор ыарахаттардаах ду дии санаан саҥата суох күүтэр аакка сылдьыбыппыт.

Бу кэлин кэлэйэн, арааһа маннык итэҕэйэр дьону албынныы үөрүйэх эбит диэн санааҕа кэлэн бу санаабын үллэстэргэ сананным.

Ама манна, бэйэбит төрүт сирбитигэр дьон-сэргэ ортотугар олорон инник дьону албынныыр сөп буолуо дуо? Биирдэ хаһыс да төгүлүн эрэннэрбитин кэннэ бэйэм тиийиэм диэн үлэспитин сөп диэбитигэр сэгэйэн, дьэ хамсаныы тахсар буолла диэн тиийбитэ күлүүстээх олбуор көрсүбүтэ, эгэ түлүпүөн ыла сылдьыа ду!?

Бу биир сыл кэтэһэн баран суруйдум. Атын дьон кини албаһыгар киирэн биэрбэтиннэр диэн. Уонна хомойбут, албыннаппыт да дьон баара буолуо диэн санаа баар.

Дьэ, үйэбит үлүскэнник уларыйа турарын да иһин , былыр былыргыттан саха аймахха сиэр-туом тутуһуута, сиэр-майгы диэн баар буолуохтаах буоллаҕа. Силистээх, төрдүлээх, оҕолордоох киһи хайдах инник хоҥоруутугар хоннорбокко, санаатыгар туппакка дьону хомото, албынныы сылдьара сөп буолуой?

***

Мария Егорова,

Дьокуускай куорат олохтооҕо.

P.s. : Редакция попыталась связаться с Августиной Ильиной, но она трубку не подняла.

Обсуждение • 12

Добавить комментарий
  1. Хаххан

    Кэм буолуо.Оттон дьиэтигжр баран ол харчыны туура тутан ылар уустук Дуо.Рекэт диэн баар.Харчыга дьону наймылаан.Арыгы магазин таьыгар элбэхтэр.Биир сылга ол харчы 100,0 тыь.солк.буолуо.Икки оттуттэн да хайдах эрэ тормоз дьон эбиттэр.Харчы биэрэн баран таах олорор диэн тугуй.Суут сокуон баар.

  2. с песней по жизни

    Боец из Якутии Ньургуян Нафанаилов поет для своих сослуживцев. https://t.me/yakutia14news/14934

  3. Пенсионер

    Ханна надалаа5ы булуохтара суо5а.Хата кинилэр Булан суурэн тиийэн харчы бэлэхтээн сылы быьа куутэн олороллор.Автобуска биир да солкуобайы даарым биэриэхтэрэ суо5а ал5ас харчыта тиийбэтэх киьиэхэ.Куьа5ан ба5айы сырайдарынан мырдыцныы олоруохтара.Сыл буолан баран дьону сэрэтэн да диэн.

  4. Вообще

    Харчыны сразу биэрбэт куолу, проценнаан биэрии диэн баар. Пенсионер тем более, биэрэрин чуолкай буолла5а. Уерэммит дьоннортон ыйыталаhан баран харчы биэрэр куолу. Бэйэ5ит буруйгут

  5. То5о

    Булуу белех диэн уопсай, ханнык: Ньурба, Сунтаар, Вервил, Булуу, Орто Булуу, Аллараа Булуу, Кэбээйи соро5о. Определись

  6. Дьулус

    Чк диэн ити чурапчы киьитэ дииллэр этэ да? урут Бэрииьэп сагана ити баар этэ. Или чмо который?

  7. Халлаан

    ЧК- Чурапча киьитэ дэнэр.Илин эцэр.Кытайтан ууруллэн кэлбит биистэр.Наьаа дьаабылар.Айыл5а соруйан ата5астаабыт курдук.

  8. Киьи

    Албын-туекэй дьахтарга тубэспиккит. Итинниктэр элбэхтэр. Ити суума иьин суукка бэриллибэт диэн билэр б5а

  9. Дьокуускайга

    Сымыйа хаартысканы ыыппыт.Ону маны оцоробун диэн.Булан албынныыллар Мошенниктар.Сир участа5ын дьиэни дачаны албыннаан атыылыыллар.Авиабилет атыылыыллар хотуларга.Дьону сэрэтэр улэ барбат.

  10. саха уола

    Чурапчылар, Андаатардара уурайыа5ыттан ЧК буолан буппуттэрэ, билигин кеннеру дьоннор.Андаатар са5ана Чурапчы каадырдара наадата суох буолбуттара.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»