Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Курс валют
Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Меню
Поиск по сайту

Ийэ дойдуга бэринииилээх буолуу дьоһун холобура

12.02.2022 12:34 0
Ийэ дойдуга бэринииилээх буолуу дьоһун холобура

Дмитрий Николаевич Горохов 1948 сыл олунньу 11 күнүгэр Уус Алдан улууһун  II Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бэйэтин дьоҕурун таба тайанан, Дьокуускайдааҕы художественнай училищены ситиhиилээхтик бүтэрэн, Булуҥ оройуонугар анаммыта.


Дмитрий Николаевич Горохов Үлэтин Күhүүргэ черчение уонна уруhуй учууталынан саҕалыыр. Эдэр, эрчимнээх киhи олохтоохторго тута сөбүлэтэн, үүнүү-сайдыы кирилиэһин дабайбытынан барар. Ыччат ортотугар үлэҕэ көхтөөх, тэрийэр дьоҕурдаах киhини маҥнай култуура дьиэтин дириэктэринэн, Тиксиитээҕи хотугу этэрээт охотнадзорун охотоведынан, онтон «Булуҥ» сопхуос идэлээх сойууһун тэрилтэтин бэрэссэдээтэлинэн, Булуҥ сельсоветын норуотун дьокутааттарын бэрэссэдээтэлинэн, Булуҥ нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан үлэлэтэллэр. Дмитрий Николаевич айылҕа судаарыстыбаннай, ураты харыстанар Өлүөнэ Төрдүнээҕи заповеднигар дириэктэринэн үлэлии сылдьан заповедник биосфернай статуһун ыларыгар, бу заповедник ЮНЕСКО испииhэгэр киирэригэр, Булуҥ улууһугар овцебыктары олохсутууга улахан кылаатын киллэрсибитэ. Үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, СӨ Айылҕа харыстабылын туйгуна, айылҕа харыстабылын генерал-майора буолбута.

1990 с. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин XII ыҥырыытын дьокутаатынан талыллар. Дойду үрдүнэн бэлиитикэ, экэниэмикэ саамай мөккүөрдээх кэмнэригэр Дмитрий Николаевич дьокутаат быhыытынан улахан буhууну-хатыыны ааhан, үлэ-хамнас, дьон-сэргэ олоҕо туруктаах, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта тирэхтээх буолуутугар дьулуурдаахтык үлэлээбитэ.

2002-2013 сс. СӨ Ил Түмэн III-IV ыҥырыытын дьокутаатынан талыллан, олохтоох бэйэни салайыныы сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн, Аартыка боппуруостарыгар, хотугу норуоттар кыһалҕаларын, айылҕа баайын туһаныы, экология  боппуруостарыгар кэмитиэттэригэр таhаарыылаахтык үлэлээбитэ. Саха сирин судаарыстыбаннаһа күүһүрэригэр, сокуоннаһа сайдарыгар улахан  кылааты  киллэрсибитэ, олохтоох бэйэни салайыныы уонна судаарыстыбаннай былаас уорганнара ситимнээх үлэлэрин тэрийээччилэрэ буолбута. Кини норуот дьокутаатынан талыллан үлэлиир  сылларыгар 102 сокуону көҕүлээн киллэрбитэ.

Дмитрий Николаевич сыралаах үлэтэ «Норуот хаhаайыстыбатын үтүөлээх үлэhитэ», тыа хаһаайыстыбатын туйгуна үрдук ааттарынан, СӨ айылҕатын харыстабылын министиэристибэтин «СӨ айылҕатыгар ураты кылаатын иһин» кыһыл көмүс бэлиэтинэн, Айылҕа Аан дойдутааҕы пуондатын (WWF) «Аартыка айылҕатын харыстааһын иһин» дипломунан бэлиэтэммитэ, Булуҥ улууһун, Өспөх нэһилиэгин, Беллет эбэҥки национальнай нэһилиэгин Бочуоттаах гражданинын үрдүк аатын сүкпүтэ.

Дмитрий Николаевич маны таһынан Булуҥ Күһүүрүгэр Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылаахтарыгар, Сииктэҕэ Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, Уус-Алдан Дыгдалыгар сэттэ ини-бии хорсун буойун Румянцевтарга аналлаах пааматынньыктар ааптардара.

Дмитрий Николаевич Горохов Арассыыйа спордун маастара, спорт бэтэрээнэ, физическэй култуураны, спорду сайыннарыыга, чөл олоҕу пропагандалааhыҥҥа уҕараабат болҕомтотун уурара. Өлбөт-сүппэт бэлиэ түгэннэри бэлиэтиир ыраах сирдэргэ сатыы уонна хайыhарынан сырыылар көҕүлээччилэрэ уонна көхтөөх кыттыылаахтара.

Кини сааһыран да баран күүстээх, модун санаатынан, булгуруйбат ис туругунан ыччаттарга холобур буолар ыраах сырыыларын, сүрүн дьарыгын ыһыктыбатаҕа. Ол курдук, 2020 сыллаахха Улуу Кыайыы 75 сылыгар уонна Булуҥ оройуона тэриллибитэ 90 сылыгар анаммыт хайыһар десанын тэрийэн 7 хоту дойду хоһууннара «Күһүүр-Ньурба» хайысханнан ыраах айаҥҥа туруммуттара. Кинилэр бу сырыыларын Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Семен Сюльскай 1942 сыл тохсунньу-олунньу ыйдарыгар табаарыстарын кытта Күһүүртэн Ньурбаҕа  буурҕалаах туундараны туораан, хара тыаны тэлэн, очуос таас хайалары уҥуордаан тиийэн, бэйэтэ тылланан фроҥҥа барбыт хорсун сырыытыгар анаабыттара. Оччотооҕу аас-туор, ыарахан сылларга бу хорсун уолаттар 35 хонук хайыһарынан айаннаабыттар.  Ньурбаттан Семен Сюльскай Хотугулуу-Арҕаа фроҥҥа тиийэн, Ржев анныгар, Старой Русса уонна Великие Луки куораттар тастарыгар сэриилэспитэ. Курскай Дугаҕа ыараханнык бааһыран, билиэн түбэспит. Хоодуот байыас онтон куотан, Украинаҕа «Буревестник» бартыһааннар этэрээттэригэр тиийэн кыттыһан, өстөөҕү утары сэриилэспитэ. Салгыы I Украинскай фронт байыаһа буолан, Украинаттан Прагаҕа тиийбитэ. Бойобуой орденнарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Бу оччотооҕу уустук айаны,  хорсун буойуттар хайыһарынан тэлбит суолларын,  РСФСР спордун бэтэрээнэ Дмитрий Горохов көҕүлээһининэн уонна салалтатынан, биир дойдулаахтара хатылааннар билиҥҥи ыччакка сырдык холобур буоллулар.

Маны таһынан Ильмень күөл биэрэгэр граниттан оҥоһуллубут обелиск үйэ-саас тухары ыраах Хоту сир уолаттара – сахалар, Новгородскай уобалас Старорусскай оройуон иһин 1943 сыллаахха тыыннарын толук уурбут, бу хааннаах кыргыһыыга кыттыбыттарын туоһулуу турар биир ытык бэлиэ буолар. 1942 сыл күһүн анал хайыһар биригээдэлэрэ тэриллибиттэрэ. Бу биригээдэлэр сүрүннээн Сибиир дьонуттан уонна сахалартан турара.  Ильмень күөлгэ буолбут кырыктаах кыргыһыы сахаларга саамай ыар өйдөбүлү хаалларбыт, саамай элбэх сүтүгү таһаарбыт ураты кыргыһыы буолар. Ол сэриигэ 12-с гвардейскай стрелковай корпуc хайыhардьыттарын 19-сус састаабыгар киирбит 597 саха уола кыттыбыта. Хара буулдьа ыйылыыр уоттаах күнэ, биир суукка иһигэр 300 саха уолун олоҕун тимирдибитэ. Саха уолаттарын ыйыстыбыт Ильмень күөл уһуна – 45 килэмиэтир тэҥэ, кэтитэ 35 км курдук, дириҥэ 9,7 миэтирэ.

2020 сыл атырдьах ыйыгар кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэ СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка үтүөлээх үлэhитэ, спорт бэтэрээнэ уонна чөл олоҕу көҕүлээччи Дмитрий Николаевич Горохов салайыытынан Саха сирин сүүрүктэрин бөлөҕө 250 км. дистанцияҕа Ильмень күөлү эргийэ сүүрбүттэрэ. Хорсун-хоодуот саха саллааттарыгар сүгүрүйүүгэ туһуламмыт сүүрүү үтүө үгэскэ кубулуйан билигин сыллата эдэркээн уолаттар уонна  кыргыттар Ильмены тула  сүүрүгэ кыттыыны ылаллар, сибэкки дьөрбөтүн уураллар.

Үүммүт сыл саҥатыгар СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Николаевич Жирков салалтатынан «Дальние и сверхдальние лыжные переходы в Якутии» диэн Дмитрий Николаевич Гороховка анаммыт кинигэ бэчээттэнэнэн таҕыста. Кинигэҕэ Саха сиригэр 1930-с сыллартан саҕалаан ыраах сирдэринэн, тыһыынчанан биэрэстэнэн тайаан сытар ураты уустук усулуобуйаҕа хорсун-хоодуот айанньыттар сатыы уонна хайыhарынан  сындылҕаннаах сырыылара кэпсэнэр. Кинигэ дьоруойдарын бэйэлэрин харыстаммат  хорсун сырыылара, дойдуларыгар дириҥ бэриниилэрэ, үтүөҕэ-сырдыкка тардыһыылара эдэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур буолан саҥа суоллары арыйыаҕа.

***

 Ил Тумэн пресс-сулууспата

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»