Хордогой муниципальнай суола оҥоһуллан бүттэ
Төгүрүк сыл устата биһиги улууспутугар айан сырыыта тохтоло суохтук барар, ол иһин суол оҥоһуллара хас биирдии улууспут олохтоохторугар улахан суолталаах буолар.
Суолу тутар тэрилтэлэри талыыттан саҕалаан, үлэ хаачыстыбатыгар кытаанах хонтуруол ууруллар, онон бүгүн сэтинньи 20 күнүгэр, Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, тутуу комплексын управлениятын салайааччыта Иван Егоров, тутуу салаатыгар суол-иис хаһаайыстыбатын сүрүннүүр исписсэлииһэ Дмитрий Васильев уонна Хордогой нэһилиэгин баһылыга Сергей Барамыгин тутатына миэстэтигэр тиийэн быйылгыттан саҕаламмыт 5,2 км усталаах «Хордогой» муниципальнай суолугар өрөмүөн үлэтэ хайдах ыытыллыбытын хамыыһыйа чилиэттэрэ көрдүлэр-иһиттилэр. Суолу өрөмүөннээһин 93% СӨ Суол-иис министиэристибэтин дорожнай фондатын субсидиятынан үбүлэннэ, 7% улуус бүддьүөтүттэн көрүллүбүт.
Үлэни кыайар-хотор анал специализированнай техникалаах ИП Ордахов Т.М. олохтоох уолаттары үлэлэтэн түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык тутан, дьон туһатыгар таһаарда.
***
“Сунтаар улууhа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата
Оставить комментарий