Феодосия Габышева: «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама иитии үлэтин иилии тутар аналлаах»
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогикаҕа наука дуоктора, бэрэпиэссэр Феодосия Габышева бэҕэһээ үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньаҕын «Эркээйи эргиирэ» былассааккатыгар кыттыыны ылла. Быйылгы тэрээһин сүрүн хайысхата – оҕону-ыччаты иитии, маныаха уопсастыба кыаҕын түмэ тардыы, идэтийбит түмсүүлэри олохтооһун.
Кэпсэтиини Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ тэрийэн ыытта. Миниистири солбуйааччы Владимир Тихонов иһитиннэрбитинэн, Арассыыйаҕа «Үөрэхтээһин туһунан» федеральнай сокуоҥҥа үөрэх ситимигэр иитии үлэтин көдьүүһүрдэр сыаллаах уларыйыылар киирэн, үөрэх тэрилтэлэрэ бу үөрэх дьылыттан иитии бырагырааматын олоххо киллэрэн саҕалыыллар. Бу үлэни тэрийэргэ кылаас салайааччыларыгар федеральнай киинтэн эбии төлөбүр көрүллүбүт. Онтон билигин киэҥ эйгэҕэ «иитии үлэтигэр оскуола дириэктэрин сүбэһитэ» диэн анал дуоһунаһы киллэрии бырайыага дьүүллэһиллэ сылдьар.
Феодосия Васильевна хааччахтааһын кэмигэр оскуола, иитии үлэтэ, араас тэрээһиннэргэ кыттыы, көҥүллүк алтыһыы курдук өйдөбүллэр ордук суолталаммыттарын бэлиэтээтэ. «Үгүс төрөппүт оскуола үлэтигэр сыһыана уларыйда. Үөрэх тэрилтэтэ билиини эрэ тарҕатар киин буолбакка, киһилии киһи иитиллэн тахсарыгар, оҕо дьоҕура-талаана арыллан киэҥ эйгэҕэ бигэтик үктэнэригэр олук буолар аналлааҕын толору өйдөөтүлэр», – диэн санаатын эттэ.
Салгыы тэрээһин кыттыылаахтарыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятыгар (Төрүт сокуонугар) олоҕуран уонна «Үөрэхтээһин туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн үөрэх ис хоһоонугар бэйэбит уратыбытын учуоттуур бырааптаахпытын санатта. Национальнай статустаах үөрэх кыһаларын арыйар, төрөөбүт тыл уонна литература биридимиэттэрин, культура араас эйгэтин хабар дьарыктары киллэрэр, үөрэх кинигэлэрин, ааптарскай бырагыраамалары оҥорор, араас ньымалары тобулар кыахпытын толору туһаныахтаахпыт диэтэ.
90-с сыллартан бэттэх норуот төрүт үгэһин, ыччатын иитэр-такайар ньымаларын, этнопедагогика хайысхаларын араас докумуоннарга хотоойутук киллэриибит, национальнай өрөспүүбүлүкэ быһыытынан бигэтик олоҕуруубутугар төһүү буолбута. В.Ф. Афанасьев – Алданскай, Д.А. Данилов, Н.Д. Неустроев, К.С. Чиряев, К.Д. Уткин, А.П. Оконешникова, В.Д. Михайлов, В.С.Долгунов, Е.П.Чехордуна курдук ааттаах-суоллаах педагог-учуонайдарбыт тэлэн биэрбит суолларынан эрэллээхтик айанныах тустаахпыт.
Салгыы Феодосия Габышева маҥнайгы президент М.Е. Николаев, миниистир Е.П. Жирков көҕүлээһиннэринэн ылыллыбыт Төрүт омуктар оскуолаларын саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсиэйэтэ, Т.М.Ильина салайааччылаах айар бөлөх суруйбут «Эркээйи»: төрүт култуураны тилиннэриинэн уонна сайыннарыынан оҕону иитии бырагыраамата» курдук сүдү суолталаммыт докумуоннар кэмигэр ылыллан, үгүс дьону үмүөрү тардан айымньылаах үлэҕэ сирдээбиттэрин аҕынна.
«30 сыл ааспытын кэннэ бу докумуоннар ис хоһоонноругар эргиллэн, суолталааҕын ылҕаан, билиҥҥи кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн дьоммутугар уунар кыахтынныбыт. Оччолорго курдук Т.М.Ильина салалтатынан үгүс учуонай кыттыһан, эдэр дьон эрчимин холбоон, дьоһуннаах үлэ бэлэмнэнэн, олоххо киирэргэ бэлэм. Тирэх үөрэх тэрилтэлэрин ситимнэрэ олохтоммута, методическай ыйынньыктар бэлэмнэммиттэрэ, тустаах былаан ылыллыбыта хайҕаллаах», – диэн кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ дьон болҕомтотун туһаайда.
Түмүккэ Феодосия Васильевна үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр туһаайан үлэни тэтимирдэргэ, бырагыраама суолтатын өрө көтөҕөрго уонна олоххо киириитин далааһынныырга этиилэрин киллэрдэ. Ол курдук:
- «Эркээйи эргииирэ» бырагыраама олоххо ыпсыытын сүрүннүүр аналлаах межведомственнай сэбиэти тэрийии. Бу үлэҕэ культура, социальнай эйгэ, доруобуйа харыстабылын, спорт, инновация уонна сибээс министиэристибэлэрин сыһыарыы. Оччоҕо эрэ оҕо-ыччат сайдар эйгэтэ олохтонор кыахтанар;
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин иһинэн бырайыактыыр офиһы, эбэтэр подведомственнай тэрилтэҕэ отделы тэрийии боппуруоһун үөрэтии. Тоҕо диэтэр бырагырааманы хас биирдии үөрэх таһымынан наардаан киллэрэргэ, табыгастаах ньымалары, албастары тобуларга, бырыайактары сүрүннүүргэ, үөрэхтэри-айаннары тэрийэргэ, бастыҥ уопуту тарҕатарга улахан болҕомто туһаайыллыахтаах;
- М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты кытта Педагогическай институтка тирэҕирэн Нам, Бүлүү, Дьокуускай педагогическай колледжтарын ситимнээн, бырагыраама ис хоһоонун баһылаабыт идэлээхтэри бэлэмниир, наука кадрдарын үүннэрэр дьаһалы ылыы.
Маны таһынан норуот докутаата күһүн хойутуу Ил Түмэҥҥэ «төгүрүк оскуолу» былааннаан улуустары, учуонайдары, суруналыыстары, уопсастыбаннай тэрилтэлэри ыҥыран, «Эркээйи эргиирэ» бырагырааманы олоххо киллэрии механизмнарын, сонун ньымаларын тула кэпсэтэр баҕалааҕын биллэргэ. Бары улуустары, үөрэх управлениеларын салайааччыларын сэргэхтик үлэлииргэ, «дьоһун түмүктэри ситиһэргэ туруонуоҕуҥ!» диэн ыҥырда.
***
Геннадий Охлопков
Пресс-служба Ил Тумэна
Бу баар дьиннээхтик ис иьиттэн уерэх туьугар кыьаллар, уерэх сайдыытыгар улускэн кылааттаах дьин норуот миниистирэ! Билинни уерэх миниистирдэрэ Феодосия Васильевна таьымыгар кыайан тиийэр кыахтара ханан да суох! Уерэх систиэмэтин олоччу ыстылар, дьон норуот керен хараастар эрэ!!