“ЭКОДУХОВНОСТЬ” тула санаа атастаһыыта
Самаан сайыммыт үрүҥ тунах ыһыахтарын кэнниттэн Дьокуускай куорат Арчы Дьиэтэ духуобунай куултуура дьиэтигэр айар-тутар бырайыактаах общественник дьон биир дойдулаахпытын, атомщик, техническай билим кандидата, улуу бөлөһүөк киһибит Өксөкүлээх Өлөксөй научнай үлэтин хайысхатын, күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри сүрүн тосхолун илдьиритэн тиэрдэ сылдьар общественник учуонайбыт Иоган Егорович Максимовы кытта олус истиҥник, сэргэхтик кэпсэттибит.
Кинини кытта миигин аан бастаан биллэр историк учуонай А.А. Николаев бэйэтин экспедициятын бырайыагынан Новосибирскай куоракка илдьэ сылдьан билиһиннэрбитэ. Онно сөхпүтүм, Чурапчы Мөҥкүүдэ алааһыттан төрүттээх саха киһитэ, улахан куоракка төһө да олохсуйан олорбутун иһин, биһигэ ыйаммыт, киинэ түспүт иитиллибит алааһын ис тыыннаах иэйэхситин күн бүгүнүгэр диэри симэлиппэккэ кутугар-сүрүгэр иҥэрэн илдьэ сылдьар эбит диэн.
Дириҥ билиилээх учуонайбыт аан дойдуга киһи-аймах айылҕаҕа сыыһа сыһыаныттан көннөрүнэр суолун арыйарыгар көмөлөөх “Экодуховность” диэн бырайыагы үүннээн-тэһииннээн бүтүн Россиябыт үрдүнэн үлэлэтэ сылдьар. Бу бырайыак тыыннаах айылҕаны, киһи-аймаҕы технократическай сиэмэх общество содулуттан быыһыыр тускулаах. Киэҥ ыырдаах эйгэни хабар бырайыак. Киһи ылла да үлэлээн барар үлэтэ буолбатах. Манна бэйэҥ үлэҕинэн Иоган Егоровичка көх-нэм буол диэн социолог учуонайбыт У.А. Винокурова сүбэ быһыытынан санаатын эппитэ.
Дьэ, өйүм-санаам сааһыланан ситэн, учуонай доҕотторум тугу этэллэрин өйдөөн “Экодуховность” тула төгүрүк остуолу ис санаабыттан ыытарга ылсыбытым. Тэрээһиҥҥэ Арчы Дьиэтин директора Л.К. Андреева күүс, тирэх буолла. Тупса сырдаабыт Арчыбытыгар буолуохтаах кэммитигэр 20 тахса киһи биллэриибитинэн кэлбитэ. Иоган Егорович экодуховность бырайыагын туох санааттан ылыммытын билиһиннэрдэ. Сир дойду урусхалыгар киһи бэйэтэ буруйдаах, онно култуура уонна духуобунас диэн атын атын өйдөбүллээхтэрин табатык быһаарыахха сөп этэ диэтэ. Култуураны сайыннаран экологиябытын быыһаабатабын, онтон үрдүк халлаан эйгэтин кытары ситиммитин сөргүтэн бухуобанаска Кут Дабааҥҥа (Ноосфераҕа) тахсар кэм уолдаста диэн бэлиэтээн эттэ. Духуобунас кут-сүр сайдыыта, нууччалыыта квантовый переход диир.
Үгүс холобурдарынан истээччилэригэр быһааран истээччилэрин болҕомтотун тарта.
Биир кыттааччыбыт:
«Мин түүл, бит бөҕөлөөхпүн, үрдүк халлааны кытта ситим туох эрэ баар дуу…? Ноосфера диэн тугуй? », – диэн ыйытта.
Онуоха, Улуу Куйаары кытта ситимнээх Улуу Куданса олорбут тоҕус томтордоох Чурапчы уола, ытык учуонайбыт “Олоҥхоҕо ноо диэн баар. Бу “куйаар (космическое) үөрэх” диэн хоруйдаат кэпсэтиибит тэһиинин нохтоолоох сүрэҕинэн бүтүөр диэри ыһыктыбакка тутан олордо. Алаастарга үөрдэриттэн быстан сүүрүкэлии сылдьар аттар курдук бииртэн биир санаалар биир тыынынан кутуллан бардылар. Олортон төһөнү тутан хаалбыппын билиһиннэриим.
Светлана Ивановна Николаева: саҥа тэриллибит «Эбээлэр» НКО үлэлэһэ сылдьабын. Төрөппүттэрбититтэн сахалыы тыыны ылан кэлбиппит, ону кыайан бэйэбит оҕолорбутугар иҥэрбэтибит. Кинилэр үчүгэй дьон, айылҕаларын эмиэ таптыыллар. Ол эрээри сорох эбээлэр бэйэбитин эрэ көрүнэбит диэн санааҕа ылларан, өбүгэ ситимиттэн тэйии барда. Эбээлэр сиэннэрбит төрүт тылларын, үгэстэрин билэллэрин туһугар үлэлэһэр соруктаахпыт, үөрэх минстерствотыгар санаабытын тиэрдэр, олоҥхо дьиэлэригэр тирэнэр баҕалаахпыт.
Анатолий Владимиров: «Олонхо и Библия» кинигэбин сахалыы, нууччалыы, англискайдыы бэчээттэтэн та6аардым. Ыһыахтарга тойотторго бэлэхтээтим. Киһи олоҕо тылынан сир төгөрүгүн тула эргийэ сылдьар. Биһиги күөх куйаартан Арийдартан кэлбиппит. Хас биирдии саха талааннаах уонна сүөһү ииттэн, онтон ас оҥостон сөпкө олорбут эбиппит.
Аржакова Аграфена Ивановна: саха тылын уонна литературатын учууталынан Сэргэлээх оскуолаҕа филолог. н. к. В.Е. Степановалыын программа оҥорон үлэлиибит. Экодуховность бырайыагы киһи ийэ кутун, тус бэйэтин сайыннарыытын курдук ылынабыт, онтон Тэрис ыйдарынан өйдөбүл ситимин саха олоҕун-дьаһаҕын, хаһаайыстыбатын тэринэн, үгэстэри тутуһан тас олоҕу сайыннарар диэн билинэбит. Үөрэх матырыйаалларыгар оҕо ыйдар суолталарын эйгэлэринэн киһи буолар ис уйулҕаларын уһугуннаран арыйан биэрэр тоҕоостоох.
Татьяна Петровна Иванова: 30 сыл милицияҕа үлэлээбитим. Элбэх саха ыччата сиэри-туому билбэккэ үгүс хара быһылааннарга түбэһэллэриттэн сүрэҕим олус ытыыра.
Тойотторбут чиэһинэй буолбатахтарыттан олус хомойобун. Кырдьыгы этэр уонна онон олорор дьон таҥараҕа тэҥнээх буоллулар. Элбэх киһи таҥарата харчы буолла, Айыы, сырдык санаа олохтонуон баҕарабын.
Нина Егоровна Санникова: олоҕум аргыһа Тимофей Степанов 300 тахса уруһуйдардаах. Хартыынатын түүлүгэр көрөн уруһуйдуур дьикти, ураты талааннааҕа. Куруук турукка сылдьара, итинник киһини таба өйдүөххэ эрэ наада этэ, Тэристиин биир тыыннаахтар этэ.
Мин кини айымньылаларын үйэтитэргэ үлэлэһэбин. Билигин европа култуурата эстэн эрэр кэмигэр салайааччыларбыт норуоттарыттан туора туспа сылдьыбакка, кинилэр ис тыыннарын иһиллээн чугаһыахтарын баҕарабын. Төрүт олохтоох удьуордаах, силистээх-мутуктаах ыччаттарбытын түс-бас дьон оҥорорго дьулуһуоххайын.
Екатерина Петровна Федосеева: Турцияттан култуураны сомоҕолуур ассоциацияттан кэллим. Биһиги сахалар түмсэн төрүт култуурабытын сайыннарарга соруктаах араас хайысхалаах үлэлэри ыытабыт. Онно экодуховность бырайыак биһиэхэ улахан тирэх буолар. Бу үлэ чэрчитинэн биир дойдудаахтарыбытын ыкса ситимнээхтик үлэлиэххэ диэн этэбин.
Шишигина Анна Зиновьевна: “Амма көмүскэлэ” общественнай хамсааһыны салайабын. Аммабыт экологиятын харыстыырга элбэх киһи ис сүрэҕиттэн ылсан хамсааһыммытыгар кыттар. Үп-хаччы бырахсаммыт маһы кэрдиэртээх сирдэрин көрөн кэллибит. Инникитин үлэбитин өссө күүһүрдүөхпүт.
Виктор Семенович Кривошапкан: туох да мэнээх буолбат. Бүгүн эһиги манна мустан олорон кэпсэтэ олороргут эмиэ туохтан эрэ ситимнээх. Чараас эйгэ диэн баар. Ону норуот эмчиттэрэ бэйэбит айылҕабытынан алтыһан ылабыт. Саха киһитэ сахалыы эмтэниэхтээх, хаанааһын уонна түөннээһин олус туһалаах. Мин төрдүбэр ойууннар, удаҕаттар бааллар. Бу идэм өбүгэлэрбиттэн кэлбитэ.
Розалия Тимофеевна Афанасьевна: кэргэним Лазарь Афанасьев – Тэрис олоҕун саха кэскилин туһугар олорон барда. Мин ыал буолаат сэрэйбитим мэнээх киһиэхэ кэргэн тахсыбатахпын диэн. Тоҕо диэтэххэ, киэҥ дириҥ билиилээҕэ уонна ол билиитинэн олоҕу олороро. Архивка сылдьара, түүннэри-күнүстэри үлэлиирэ, элбэҕи ааҕара. Кыргыттара ис туруктаахтык иитиллэн тахсалларыгар аҕа быһыытынан улахан дьайыыны оҥорбута. Хас сарсыарда аайы бары төрүт хамсаныыларынан дьарыктанарбыт. Кини ити дьарыгын көмөтүнэн доруобуйам биллэ тупсубута. Тэрис куруук сахатын ыччатын инникитин туһунан саныыра. Үгүс үтүмэн элбэх үлэни сурукка тиһэн хаалларда. Быйыл доктор буолуохтаах “Философия Кулаковского” үлэтэ ХИФУ өйөбүлүнэн саҥа кинигэ буолан бэчээттэнэн таҕыста. Кини үлэтэ киэҥник тарҕанарыгар баҕарабын.
Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына: өй-санаа түмсүүтэ баар буолуохтаах. Аҕам киһи бэйэтин сааһынан мындыр буолара ордук, кэнники кэмҥэ саастаах дьоммут аһары шоунан үлүһүйэн эрэллэрэ оҕолорбутун сиэр-майгы өттүнэн иитэрбитигэр охсуулаах буолары гынна дуу.
Оскуолаҕа иитии үлэтэ мөлтөөтө. Төрөппүт ити хайысхаҕа болҕомтотун уурбат буолла. Ыһыахха сахалыы таҥныыга-симэниигэ төрүт үгэстэн халыйыы барбыт курдук көрдүм. Көлүөнэ ситимэ көстүбэт саастаах уонна эдэр дьон таҥастара биир буолбут көстөр.
Аны, кэпсэтиибитин куйаар ситимин нөҥүө Канадаттан биир дойдулаахпыт А. М. Григорьева салҕаан биэрдэ. Историк учуонайбыт Александра Михайловна доҕорун Иоган Егоровиһы эҕэрдэлээтэ. Кини Россиябыт таһыгар саха төрүт култууратын көрдөрөргө дьаныһан туран үгүс үлэни оҥорбутун сөҕө-махтана иһиттибит.
Варвара Иннокентьевна Уарова: оҕо эрдэхпиттэн ыалдьар этим, ону хамсаныы, гимнастика, үҥкүү нөҥүө ис турукпун бөҕөргөтөн спортивнай тренерынан үлэлээбитим. Билигин Сибиир тюрк омуктарын ситимнииргэ «Түһүлгэ» бырайыакпынан шордары кытта үлэлии сылдьабын. Манна бэйэм опытым үлэлэригэр дьүөрэлээн Тэрис «Сарыал хамсаныыларын» туһана сылдьабын. Түгэнинэн туһанан Лазарь Андреевичка норуотун туһугар оҥорбут үлэтинэн тыыннааҕар кыайан махталбын тиэрдибэтэҕим, ону билигин эйиэхэ, тапталлаах кэргэнигэр Розалия Тимофеевна, эйиэхэ этэбин. Улахан махтал.
Олоҥхоҕо үс дойду олугун Аал Луук Мас тутарыныы Иоган Егорович төрөөбүт сахатын сиригэр кэлэн, дьонун-сэргэтин кытта атах тэпсэн олорон силистээхтик кэпсэттэ. Бу дириҥ эйгэлээх, киэҥи толкуйдатар көрсүһүү элбэххэ санаа укта, истибит салҕыы үлэлиир кыахтанна. Онон, бу олох уларыйаары турар хамсатар хардыытыгар бэйэни ииттинии күүскэ барыахтааҕын өссө биирдэ тоһоҕолуур көрсүһүү буолла. Иоган Егорович «Экодуховность» бырайыагын түөрэҕин сахатын сиригэр түстээтэ. Киһи аймах мантан инньэ төрүт айылҕатын ситимин тутустаҕына, онно анаан бэйэтин сатаан ииттинэр уонна ыччаты, кэлэр кэскилин иитэр кыаҕы таба туттаҕына бу эйгэҕэ экодуховноска киирэр кыахтаныахпыт.
***
Анна Холмогорова
Оставить комментарий