Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Курс валют
Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Меню
Поиск по сайту

Егор Ларионов «Олох кырдьыга» кинигэтин иккис туома сүрэхтэннэ

08.04.2024 15:19 0
Егор Ларионов «Олох кырдьыга» кинигэтин иккис туома сүрэхтэннэ

Муус устар  5 күнүгэр бөдөҥ политическай салайааччы, Саха АССР XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин депутата, I-кы уонна II-с ыҥырыылаах Ил Түмэн депутата, Ил Түмэн Бэрэстэбиитэллээх Палаататын бастакы Бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх улэһитэ Егор Ларионов «Олох кырдьыга» кинигэтин иккис туомун сүрэхтиир үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын ылбыта 100, Ил Түмэн тэриллибитэ 30 сыла туолууларыгар ананан тахсыбыт Егор Михайлович Ларионов «Олох кырдьыга» кинигэтин сүрэхтэниитэ Нам улууһугар Хамаҕаттаҕа «Түһүлгэ» норуот айымньытын киинигэр ыытылынна. Кинигэ 500 ахсаанынан «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ кыһатын кылаабынай редактора Борис Павлов этэринэн бу дьоһун, үйэлээх кинигэ республикаҕа аан бастаан толору суруллубут мемуарнай литератураҕа киирсэр.

«Олох кырдьыга» кинигэ түөрт түһүмэхтэн турар. Бастакы баска чулуу дьоммут М.К. Аммосов уонна И.Е. Винокуров тустарынан дакылааттар, ахтыылар киирбиттэр. Иккискэ Егор Ларионов бииргэ үлэлээбит, алтыспыт ытык дьонун тустарынан. Үһүс баска табаарыстара, доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, биир идэлээхтэрэ киирбиттэр. Төрдүскэ Егор Михайлович араас кэмнэргэ эппит этиилэрэ, дакылааттара, ыйытыыларга хоруйдара тиһиллибиттэр. Егор Михайлович бу 620 страницалаах дьоһун кинигэтин олоҕун эрэллээх аргыһыгар, таптыыр кэргэнигэр  Степанида Степановнаҕа анаабыт.

Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев эҕэрдэ тылыгар Е.М. Ларионов Российскай Федерацияҕа тиийэ биллэр, ытыктанар бөдөҥ бэлиитик, салайааччы буолан тахсыыта кини олоххо ураты дьулуурунан, туохха да тулхадыйбат бириинсибинэн, бэлиитик быһыытынан дириҥ өйүнэн-санаатынан, киһи быһыытынан көнөтүнэн, чиэһинэйинэн ситиһиллибитэ диэн кэпсээтэ.

 «1989 сыллаахха Егор Михайлович Нам оройуонуттан СӨ Үрдүкү Сэбиэтигэр 89 бырыһыан куолаһы ылан дьокутаатынан талыллыбыта. Онно үлэлии сылдьан  үлэҕэ уопуттаах, юрист идэлээх буолан, Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин сокуону оҥорор кэмитиэтин  бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Уларыта тутуу 90-с сылларыгар  дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаламмыта. 1989 сыллаахха М.Е. Николаев сойуус ыһыллан эрэр, онон өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонун суһаллык ылыныахха диэн этии киллэрбитэ. 1990 сыллаахха САССР Үрдүкү Сэбиэтин судаарыстыбаннай суверинитетын туһунан Декларацияны, онтон Саха өрөспүүбүлүкэтин  статуһун бигэргэтэр Төрүт Сокуону ылыналлар. 1992 сыллаахха Москваны кытта  Федеративнай дуогабарга илии баттаспыттара, өрөспүүбүлүкэ сүрүн сокуоннара ылыныллыбыттара. Бу дуогабарга биһиги өрөспүүбүлүкэбит туруорсубут сүрүн этиилэрэ барыта киирбиттэрэ. Ол курдук Саха сирин сирэ-уота, сиртэн хостонор баайа, тэрилтэлэрэ өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр киирбиттэрэ. Федеративнай дуогабарга национальнай өрөспүүбүлүкэлэр балаһыанньалара өссө тупсарыллан киирбитэ. Бу сыл муус устар 24 күнүгэр Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин сиэссийэтигэр, Арассыыйа Төрүт Сокуону ылынарын кэтэспэккэ, өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуонун – Конституцияны  ылыммыттара. Бу сүдү докумуоннар барыта бириэмэтигэр сөптөөхтүк оҥоһуллан, атын субъектары урутаан тутатына ылыллан испиттэрэ саҥа Саха сирин инники сайдыытыгар чиҥ укулааты уурбута, өрөспүүбүлүкэ экономиката салгыы ыһыллыытын тохтоппута. Манна Егор Михайлович юрист быһыытынан дириҥ билиитэ, олоххо уопута улахан оруолу оонньообута. Оччолорго Ил Түмэн Үрдүкү Палататын бэрэссэдээтэлэ сенатор эбээһинэһин эмиэ толороро, онон Егор Ларионов Москваҕа дойдубут Үрдүкү Төрүт сокуонун ылыныыга хамыыһыйа састаабыгар киирэн күүскэ үлэлэспитэ. Ол курдук, күүстээх киирсии, быһаарсыы кэнниттэн Арассыыйа Төрүт Сокуонугар «өрөспүүбүлүкэ» диэн тыл кэнниттэн ускуопкаҕа «судаарыстыба» диэн тыл суруллубута. Биир улахан ситиһии – сиртэн хостонор баай бу сиргэ олорор норуот бас билиитигэр киирэр диэн биһиэхэ олус наадалаах этии Төрүт Сокуоҥҥа киирбитэ. Мин оччолорго Москваҕа аспирантураҕа үөрэнэр кэммэр киниэхэ көмөлөһөөччү быһыытынан сылдьан Егор Михайлович уоттаах-төлөннөөх этиниилэрин истэр этим. Биирдэ Анатолий Чубайс тыл этэ турдаҕына Ларионов сүрдээх сытыытык экономика, быраап боппуруостарын биэрэн кинини мух-мах ыыппытын өйдүүбүн. Онно Егор Ларионов  «Саха сирин курдук ыраах, тыйыс усулуобуйаҕа олорор дойдуга рыночнай механизмнары киллэрэн буолбакка, социальнай, үп-харчы өттүнэн көмүскэл хайаан да баар буолуохтаах, сыана дойду үрдүнэн биир буолуо суохтаах», –  диэн эппитин спикер  аҕынна.

Алексей Еремеев түмүк тылыгар «Олох кырдьыга» кинигэҕэ Е.М. Ларионов бэйэтин тус олоҕун туһунан эрэ суруйуута эрэ буолбатах, алаас оҕото хайдах улахан бэлиитик буола үүнэн тахсыбыта, судаарыстыбаннаһы сайыннарыыга история хаамыытын хайдах баарынан тиэрдиигэ, ыччаты иитэргэ-үөрэтэргэ улахан суолталааҕын эттэ. Кинигэ Саха сиригэр судаарыстыбаннас саҥа көрүҥүн үөскээһинэ, көҥүлү туруулаһыы хайдахтаах уустук кэмнэргэ буолан ааспытын дьиҥ олох хаамыытынан холобурдаан  көрдөрөр олох энциклопедията буолар диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Ил Түмэн депутата Владимир Прокопьев «Олох кырдьыга» кинигэ икки туома сүрдээх хомоҕой тылынан суруллубутун уонна ыччаттарга дойдуларын историятын дириҥник үөрэтиигэ уонна политикаҕа саҥа киирэн эрэр эдэр дьоҥҥо  туһалаах буолуоҕа диэн санаатын тиэртэ.

СӨ Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын I, II, III ыҥырыылаах мунньахтарын депутата, Егор Михайлович чугас доҕоро Георгий Артемьев норуот чулуу уолаттара Махсыым Аммосов уонна Былатыан Ойуунускай норуот номоҕор киирбит улуу доҕордоһууларын үйэтитэр сыалтан, Нам уонна Таатта улууһун доҕордоһуутун олохтообуппутун хаттаан сөргүтүөҕүҥ, ыччаттарбытын сибээстиэҕиҥ, кинилэр холобурдарыгар иитиэҕиҥ диэн этии киллэрбитин намнар биһирии ылыннылар.

СӨ Ил Түмэн судаарыстыбаннай  мунньаҕын хас да төгүллээх депутата Михаил Гуляев тахсыбыт кинигэ Ил Түмэн үлэтин дириҥник сырдатан, судаарыстыбаннас олохтонуутун ыччакка тарҕатар сыаллаах, онон иитэр-үөрэтэр эйгэ үлэһиттэрэ ыччаты иитиигэ туһаныахтара диэн эрэлин биллэрдэ. Кини XII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт үлэтиттэн саҕалаан Е.М. Ларионов курдук улахан бэлиитиктэры кытта алтыһан олох күүстээх академиятын ааспытым улаханнык туһалаабыта диэн Егор Михайловичка махталын тиэртэ.

СӨ Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньаҕын сиргэ уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин эдэр салайааччылар Е.М. Ларионов бэлиитик быһыытынан үрдүк оскуолатын ааһаллара хайаан да наадатын бэлиэтээтэ. Манна «Олох кырдьыга» кинигэ остуолга сытар кинигэ буолуохтаах диэн эттэ.

Нам улууһун баһылыгынан өр сылларга ситиһиилээхтик үлэлээбит Александр Ядреев Егор Михайлович «Эрэл кыыма икки атахтаах баарын тухары өлөн-охтон биэриэ суоҕа, олорон ааспыт олохпутун, киһи-аймах историятын хара кыраасканан сото сатаабыттарын да иһин, илин саҕах сырдаан сири-уоту сылытан кэлэрин кэтэһэрбит кэмнээх буолуо дуо?» – диэн ханалытан этиитэ инникигэ кынаттыыр диэн бэлиэтээтэ.

Тэрээһин истиҥ, сылаас быһыыга-майгыга ааста. Кинигэни дьүүллэһиигэ Егор Михайлович бииргэ үөскээбит табаарыстара, бииргэ үлэлээбит доҕотторо, улуус, нэһилиэк эппиэттээх үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар, тыл эттилэр. Кинилэр Егор Михайлович кэргэнигэр ураты истиҥ сыһыанын, киһи быһыытытнан судургутун, чиэһинэйин, дьоҥҥо дьиҥ киһилии сыһыанын, киэҥ билиитин-көрүүтүн, билигин да эрчимнээҕин бэлиэтээн туран норуот тумус туттар киһитэ И.Е. Винокуров туһунан туспа кинигэ таһаарарыҥ буоллар диэн ааптарга баҕа санааларын тиэртилэр.

Уоланнар өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыыларын икки төгүллээх лауреаттара, Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лицей «Добун Дорҕоон» ааҕааччыларын бөлөҕө Семен Данилов  «Мин дойдум – Саха сирэ» хоһоонун харахтарын уота умайан туран аахпыттара, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх лауреттара «Махсыым уолаттара» ансаамбыл бөлөҕө «Чулуу Махсыым» ырыаны сүргэлэрэ көтөҕүллэн туран ыллаабыттара бу улуус ыччаттарыттан хайаан да Чаҕылхай Махсыым,  Илья Винокуров, Егор Ларионов туйахтарын хатарар дьон тахсыахтара диэн эрэл сырдык кыымын сахта, көлүөнэлэр ситимнэрэ салҕанарын көрдөрдө.  Ол аата олох салҕанар.

 

***

Ил Түмэн пресс-сулууспата

Оставить комментарий