Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Курс валют
Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Меню
Поиск по сайту

Дуума бэрэссэдээтэлэ хоруйдуур

15.08.2018 15:52 0
Дуума бэрэссэдээтэлэ хоруйдуур

Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлиттэн Александр Саввиновтан куорат олохтоохторо сэргиир уонна долгуйар боппуруостарын чопчуластылар.

“Куорат табыгастаах эйгэтэ”

бырагыраама

— Икки сыл устата “Комфортная городская среда” диэн федеральнай бырагыраама Дьокуускайга үлэлээтэ. Бу бырагыраама салҕанар дуо?

Биллэн турар, бу бырагыраама салгыы үлэлиир. Ааспыт сылга РФ субъектарыгар уопсайа 22 млрд солк. көрүллүбүтэ. Онон бырагыраама куораттар, сэлиэнньэлэр уонна бөһүөлэктэр сайдыыларыгар төһүү күүс буолла. Оттон ааспыт сыл түмүгүнэн, Дьокуускайга 280 мөл. солк.  федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна куорат бүддьүөтүттэн көрүллэн, тупсарыныыга көдьүүстээх үлэ барда. Ол курдук, 9 уопсастыбаннай миэстэҕэ, 21 дьиэ тиэргэнигэр уонна куоракка 45 тыһ. кв. м. тупсарыы үлэтэ барда.

Быйыл 107 мөл. солк. суумалаах тупсарыы үлэ былааннанар. Ол онно 8 уопсастыбаннай миэстэ уонна 4 дьиэ тиэргэнэ тупсарыллыахтара. Билигин тупсарыллыахтаах тиэргэннэр ахсааннара аҕыйаан эрэр. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ тиэргэннэрин тупарыыга олохтоох дьаһалта эбии 39 мөл. солк. көрбүтэ.

Олохтоохтор көхтөөхтөр – сайдыы баар

— Ханнык баҕарар дойду, куорат, нэһилиэк сайдыыта олохтоохторуттан быһаччы тутулуктаах. Эн куорат олоҕор нэһилиэнньэ кыттыытын хайдах сыаналыыгыный?

— Олохтоох былаас сүрүн күүһэ-күдэҕэ дьонугар-сэргэтигэр сытар. Мин икки холобурга тохтуохпун баҕарабын. Ол курдук, былааһы уонна олохтоохтору ситимниир биир бастыҥ үлэбит – “Норуот бүддьүөтэ” бырайыак. Бу бырайыак хаһыс да сылын куоракка ситиһиилээхтик үлэлиирин истэ-билэ сылдьабыт. “Норуот бүддьµүөтүн” көмөтүнэн куоракка 171 социальнай суолталаах бырайыак олоххо киирдэ. Санаттахха, бу үлэҕэ биирдиилээн дьон бырайыак толкуйдаан кытталлар. Олоххо киирбит бырайыактар уопсай суумалара 161 мөл. солк. тэҥнэһэр. Онтон 50 мөл. солк. олохтоохтор бэйэлэрин күүстэринэн куорат сайдыытыгар анаабыттара кэрэхсэбиллээх. Иккис кэскиллээх бырайыакпыт “Мөлүйүөн сибэкки” аахсыйа. Холобур, быйыл, биһиги куораппытыгар 1,5 мөл. тахса сибэкки олордулунна. Бу үлэҕэ-хамнаска  кэлэктииптэр, биирдиилээн дьон улахан өҥөлөөхтөр. Өссө ааспыт сылга “Үтүө санааланыы” пуорумун ситиһиилээхтик тэрийбиппит.

203-с түөлбэ сайдыыта

— 203-с түөлбэҕэ оскуола тутуута былааннанар дуо?

— Бу түөлбэҕэ билигин 550 миэстэлээх “Айыы кыһата” оскуола тутуллар. Үлэ былаанын туолуута 60%-ҥа тэҥнэһэр. Өссө кэлэр сылтан 360 миэстэлээх саҥа оскуола тутуута саҕаланыаҕа.

Ол да буоллар, билигин да оскуола тиийбэтин кыһалҕата сытыытык турар. Билиҥҥи туругунан, 50 оскуолаттан – 47 оскуола икки симиэнэнэн үлэлиир. Ол иһин биһиги дьокутааттарбыт сүбэлэринэн, 2022 сылга диэри оскуола тутуутугар аналлаах дорожнай каарта тиһигэ үлэлиэҕэ.

— Оттон суол-иис боппуруоһугар киирдэххэ, Хабаров уулуссатыттан Ларионовка диэри суол хаһан аспаалланыай?

— 2020 сылга былааҥҥа баар.

Дьиэ-уот боппуруоһа

— Эдэр ыаллары, бүддьүөт үлэһиттэрин уонна тулаайахтары дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматын туһунан тугу этиэххин сөбүй?

— Олохтоохтору дьиэнэн хааччыйыыга сүрдээх улахан болҕомто ууруллар. Холобур, ааспыт сылга  тулаайах хаалбыт 238 оҕо саҥа дьиэлэммиттэрэ. Салгыы “Эдэр дьиэ кэргэн” бырагырааматынан анал сэртипикээттэри 320 ыалга туттарбыппыт. Онтон бүддьүөт үлэһиттэрин дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата 15 сыл үлэлиир уонна олорор дьиэлэрин-уоттарын тупсарыыга, өрөмүөннээһиҥҥэ туһуланар. Бу кэм иһигэр уопсайа 568 ыал олорор дьиэлэрин өрөмүөннэннилэр. Олор истэригэр учууталлар, быраастар, ДьУоХХ үлэһиттэрэ о.д.а. бааллар. Бу сылга бырагыраама бүддьүөтэ 72 мөл. солк. тэҥнэһэр.

Бэлиэтээтэххэ, биһиги куораппыт Уһук Илиҥҥэ тутууга бастыҥ көрдөрүүлээх. Төһө да экэниэмикэ өттүнэн ыарахан буоллар, Дьокуускайга саҥа дьиэлэр дьэндэһэллэр.

Элбэх оҕолоох ыалга уот уонна гаас боппуруоһа

— Билигин элбэх оҕолоох ыал сирдэрин учаастагын инфраструктуратын оҥорууга кыһалҕа баар…

— Элбэх оҕолоох ыал учаастактарын уотунан, гааһынан хааччыйыыга быйыл 68 мөл. солк. көрүлүннэ. Ити бүддьүөттэн  58 мөл.солк. көрүллэн, 340 учаастакка  уот тардыллыа. Сүрүн үлэ Севернай түөлбэҕэ уонна Маҥан нэһилиэгэр буолуоҕа. Оттон гаастааһыҥҥа 11 мөл. солк. тыырыллыбыта. Бэлиэтээтэххэ, быйыл уонна эһиил Хатаска 940 учаастагы гааһынан хааччыйар соруктаахпыт.

Нэһилиэктэри сайыннарыы

— Оттон куорат таһынааҕы нэһилиэктэр олохторун-дьаһахтарын туһунан тугу этиэххиний?

— Нэһилиэктэр сайдыларыгар кэлэр биэс сылга анал бырагыраама ылыллыан наада. Ол эбэтэр, кэлим (комплекснай) бырагыраама олоххо киирэн, үлэ күүскэ ыытыллыахтаах.

Куорат Дууматын үлэтэ

— Эн бу сыллар усталарыгар дьокутааттар үтүөлэринэн ситиһиллибит саамай наадалаах үлэ диэн ханныгы ааттыаҥ этэй?

— Дуума дьокутааттара 551 быраап аактатын  уонна 10 сокуон көҕүлээһиннэрин ылыннылар. Олор истэригэр, холобур,  “Закон о тишине” (Чуумпу туһунан сокуон) уонна булт сокуонугар уларыйыылар о.д.а. киирэллэр. Манна эбэн эттэххэ, дьыссаат иитиллээчитин доруобуйатыгар туһалаах 20 күннээх анал меню бырайыагын олоххо киллэрдибит. Бу бырайыак 72,5 мөл. солк. бүддьүөттээх.

***

Валерия Яковлева,

Эхо столицы

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»