Дьоллоох Дьокуускайга саас кэллэ…
Тоҕус ый томороон кыһын кэнниттэн бэҕэһээ Дьокуускайга саас кэллэ. Эмискэ.
Саас кэлбитин аан бастаан Дьокуускай аэропордун үлэһиттэрэ, 17 кыбаартал олохтоохторо илэ харахтарынан көрбүттэр диэн буолла. Халлаантан 20 киилэлээх көмүс көһөҥөлөр сиирэ-халты саккыраан дьону соһуппуттар диэн. Онуоха ким эрэ: “Үтүө бит. Мантан антах олохпут лаппа тупсууһу”, – дэстилэр.
Дьоллоох Дьокуускай сорох дьоһун дьоно социальнай ситимнэргэ көмүс ардах түспүтүн билээт да Строительнай ырыынак туһаайыытынан массыыналарын уруулун туора тутан кэбистилэр. Тиийбиттэрэ бэлиэр тиҥсиринии бөҕө үһү. 17 кыбаарталга көмүс көрдүөхпүт диэн ким даҕаны өҥнөөх түүлүгэр да түһээн манньыйбатах буолуохтаах. Ким да көмүс буллубут диэн Бассаапка отчуоттаабата. Баҕар, хас эмэ кэминэн биир эмэ куорат олохтооҕо күлүмүрдүү түһүө.
***
Көмүс көһөҥөлөр Чукоткатааҕы хайаны байытар хампаанньа (ЧГГК) бас билиитэ диэн буолла. Булбут дьон бука диэн хаһаайыҥҥа төннөрөллөрүгэр биллэрбиттэр. Кырдьык эрэ, сымыйа эрэ, биллэриигэ баар төлөппүөн нүөмэринэн эрийэн сураспыт суох.
“ЧГГК” АО 2002 сыллаахтан Чукоткаҕа көмүс хостуур эбит. Хампаанньа генеральный дириэктэрэ Шимпер Клод диэн Канада гражданина. “ЧГГК” тэрилтэ “КинРосс Дальний Восток” ХЭТ тэрилтэҕэ киирэр. Кулун тутар 15 күнүгэр бу тэрилтэ кыһыл уонна үрүҥ көмүһү Чукоткаттан Красноярскайга илдьэн испит. Аара Дьокуускайга тохтоон уматык куттаары олохпутун сэргэхситэн ааспыт.
Биһи дьоммут хайыҥ охсунан “көмүс ардахха туох да кыттыгаспыт суоох, сөмөлүөт экипаһа техническэй бэрэбиэркэни бэйэтэ оҥорбутаа” диэн тута биллэрэ оҕустулар.
Сөмөлүөт тараһата хайа барбыт төрүөтүн СК РФ быһаарбыт диэн буолла: таһаҕас сыыһа тиэллибит, ыйааһына биир сиргэ чөмөхтөһөн анна тоҕо барбыт. Көмүс ыйааһына барыта 9,3 туонна эбит. Онтон сороҕо сири булбут.
Хомойуох иһин, эрдэ Бассаапка тарҕаммытын курдук, көһөҥөлөр куорат үрдүнэн таммалаабатахтар. Барыта пуорт балаһатыгар тохтубут. ОНУ БАРЫТЫН ХОМУЙБУТТАР!!! 17 кыбаарталга (кэм мы будем) сөмөлүөт өрөҕөтүн алюминий ньаалбаана эрэ түспүт. Саатар өҥнөөх металлы хаска туталлара буолла, диэн баран кэтэх тарбаныахха…
Бэҕэһээ көмүс ардах кэнниттэн пуортан тахсар суолга ГИБДД бөҕө. Дьон “кырдьык, көмүс түспүт быһыылаах” дии санаата. Онтубут “баара-суоҕа” полпред Трутнев кэлбит эбит. Даххаһыйыы.
Аны киэһэ телевышкабыт сандаарда. Мантыбыт куруук сандаарбат үһү, эмп курдук ычык-бычык хам-хаадьаа тыгыа үһү. Уот сыаната сүрдээх, оборудование сыаналаах. Харыстыыбыт.
***
Aartyk.Ru
Кемус кырдьык таммалаабыт уЬу куоракка.
Бэлиисийэлэр, чыкаалар кердеен сордоно агай сылдьаллар уЬу.
Онон ити Саабынапка, Бетуруепкэ, Уйбаан Даныылапка, Чыарныыхха эбии подпольнай миллионердар эбиллэллэрэ буолуо – кемуЬу булан баран тубэспэккэ, сатаан дьаЬаннахтарына.
Ингуштар ере кетуеккэлии сылдьаллар уЬу – кемуЬу кистээн атыылаЬабыт диэн сири-буору аннынан сурах ыыта охсубуттар уЬу.
Онон подпольнай миллионердар ахсааннарын ханатарга харса суох туЬунэн кэбиЬин!
Не хочет запасы недра России попасть в Канаду, без слов…