Дьиэ кэргэн үгэһэ

Хас биирдии дьиэ кэргэн үгэстээх буоллаҕына тирэхтээх буолар, силиһэ-мутуга бөҕөргүүр. Көлүөнэлэри ситимниир күүһүнэн дьиэ кэргэн үгэһэ буолар.
“Дьиэ кэргэн былааҕа”. Былаах суолтатын төрөппүттэр оҕолорун кытта бииргэ толкуйдаан, уруһуйдаан оҥоруохтарын сөп.
“Ый биир күнүгэр” – ый биир хайа эмэ чыыһылатыгар күннэтэ ылыллыбат минньигэһи оҕолорго атыылаһыахха сөп. Ый аайы чуолаан биир чыыһылаҕа. Ол күнү “Минньигэс күнүнэн” ааттыахха сөп.
“Ситиһии баанката” – дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнэ ханна, туохха ситиһиилэммитин суруйан бааҥка иһигэр уган иһэр. Бу бэйэ баҕатын, былаанын толорорго олус туһалыыр. Сыл бүтэһигэр биирдиилээн түмүк таһаараллар.
Өрөбүллэр аайы бииргэ түмсэн ас астыыр – бэртээхэй үгэс.
***
Aartyk.ru
Оставить комментарий