Булчут сиэрэ-туома
САХА КИҺИТЭ БУЛЧУТ
Үтүө, көнө майгылаах киһи үтүө булчут буолар. Булчут киһи бэйэтин туһунан мээнэ кэпсэммэт. Сылбырҕа, мүччүргэннээх кэмҥэ уолуйбат, киэҥ көҕүстээх, наада буоллаҕына быһаарыныылаах, күүстээх-уохтаах, сырыыны-айаны тулуйар, хорсун, эр санаалаах буолар. Булчут тыаҕа сылдьарыгар сиэри-туому тутуһуохтаах. Булт кэнэҕэһин үөскүү-төрүү турарыгар кыһаныахтаах. Чугас аймаҕа өлбүт буоллаҕына, бултуур түөрт уон хонуктаах ахтыыта ааһыар диэри, тохтуохтаах.
Бултуу сылдьан өрүсүһүү, атын киһиэхэ туһаайыллыбыт булду эккирэтэр сатаммат – булдуҥ ханнар, көтөр-сүүрэр тэйэр. Булчут өлөрбүт булдун хайаан даҕаны туһаныахтаах, сытытыа-ымытыа суохтаах. Ол иһин чугастааҕы ыалларыгар бэрсиэхтээх, үллэстиэхтээх. Атын булчут булдун көҥүлэ суох ылбат.
***
Aartyk.ru
билигин хата Айсен Николаев сүөһүлээх дьону араарбакка үбүлээн дьон сүөһү, сылгы ииттэрэ элбээн эрэр. Ону атыылаһан аһааҥ, эбэтэр ииттиҥ.