Булчут күрэҕэ Сунтаарга
Муус устар 15 күнүгэр Хадан нэһилиэгэр 125 сылыгар аналлаах Булчут күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Кыттыыны ыллылар Тойбохой, Сунтаар, Бордоҥ Күүкэй уонна Хадан булчуттара. Ол курдук аҕа саастаах кыттааччыларга:
1 миэстэ – Пустоляков Геннадий(Хадан)
2миэстэ – Михайлов Куонаан (Бордоҥ)
3 миэстэ – Попов Роман (Хадан)
Эдэр саастаахтарга:
1 миэстэ – Аргылов Арсентий (Күүкэй)
2 миэстэ – Дмитриев Анатолий (Сунтар)
3 миэстэ – Михайлов Александр (Тойбохой)
Ону таһынан кыһыны атаарыы үөрүүлээх тэрээһинэ, атыы эргиэн дьон сэргэ астына дуоһуйа сынньанан дьонноругар ыалдьан бардылар. Бириистэри туруорбут Булчут, Авторитет, Автобес, Альфа Бетта Гамма тэрилтэлэригэр уонна Ульяна Дмитриевнаҕа махталбытын тириэрдэбит диэн Сунтаар улууһун дьаһалтата кэпсиир.
***
Aartyk.Ru
«Дайте мне средства массовой информации, и я из любого народа сделаю стадо свиней» диэн манна ыыппыттар ватсапка Геббельс эппитин.
Ким бэйэтигэр туохтааҕынан тулалыырын толорор.
Дьэ билигин үс күнүнэн тыынар-тыыннааҕы кыдыйа турунуо саха эр дьоно Саха правительствотын илээһининэн.
Кус атыырын өлөттөрөбүт диэн миэхэ правительство эппиэт сурук ыытан турар Егор Борисов саҕана. Күһүн кус атыыра хантан кэлиэй? Ийэлээх оҕолоро хаалан муҥнаналлар. Дьахталлар ону кыттаран бүгүн таҥара күнэ диэн бэлиэтээн үөрүү-көтүү буолуохтара.
Аныгы тугу да аахпат дьоҥҥо саха булчут диэн өйү-санааны правительство үгүс министерствота кырдьык нвк, хаһыаттар көмөлөрүнэн дириҥник иҥэрдэ.
Кус атыыра бэс ыйын ортото төннөр, ону тиргэ куһа диэн ылары көҥүллүүр саха дьоно улаатан эрэр уолаттарга.
Манна Сунтаарга геологияҕа үлэлээбит, сэрии сылларыгар Иркутскай уобаластан оҕо сылдьан дьонун кытта кэлбит билигин оҕонньор баар. Киниттэн ити Хара Тыаҕа туох ыллыктара этэй диэтэххэ:” Столько было лосей и оленей,”- диэн эппиэт биэриэҕэ.
Тайаҕы Таҥара оҥостуҥ диэн хайа эркинигэр уруһуйдаан хаалларбытын, аныгы дьон тугу дьаабыланар?
Ол үлүгэрдээх кыһаллыбыт киһи кыбыыга хаайан ылар Хара Тыа баараҕай кыылларынан эмсэхтэммит, аһаабыт диэни оннооҕор сэрии сылларыгар хас хардыы аайы хоргуйан өлө олорон сиэбиттэрин туһунан биир да үһүйээни, кэпсээни, суруллубуту булан ааҕыаххыт суоҕа.
Истиэххит да суоҕа. Айылҕаттан улааппыта куобаҕы, куһу ылаахтаабыт.
Ол ону даҕаны эр дьонунан кэмигэр харыстаммыт Аҕаларын Дойдутун Хара Тыата тулаайах хаалбыт оҕолоох кэргэттэрин абыраабыт курдук үөскэппитин элбэхтик Ийэм барахсан кэпсиирэ. Ол миэхэ эрэ буолбатаҕын үгүспүт билэр.
Тайаҕы, табаны кыдыйыы нууччалар геология үлэһиттэрэ саҕалаабыттарын, өлөрө-өлөрө кэнники буутун эрэ эбэтэр тыһын эрэ быһан ылан быраҕаттаан кээһэллэрин элбэхтик сөҕө истэр этибит. Ким да даҕаны биир көмүскэһэр тылы эппэккэ, хата бэйэбит ситэри сиэтибит.
Биһиги кыра сырыттахпытына дьон бултуур да солото суоҕа. Кадровай булчуттары тутан, кыраамыка, мэтээл иһин кэнники сэбиэскэй былаас түүлээҕи кыртарар этэ, киһи бары ыт, андаатар сылгы, сүөһү тириитэ таҥастаах этэ. Оттон сололоохтор ойохторун хайдах туттарыллар түүлээхтэн тииһэн таҥыннарбыттарын эмиэ Василий Титов кэпсээнигэр бэркэ ойуулуур.
Бастаан түүлээҕи кыдыйыы ыраахтылаах Россия саҕалаабыта. Ону КЭПСЭТЭР, ХАРЫСТЫЫР ЭЙГЭТИН көмүскээн үгүс Төрүт Итэҕэллээх дьон кыыллыы кыдыйыллыбытын аныгы үйэҕэ баҕарбатаҕын да иһин иһиллэр, онно-манна суруллубут буолар.
Кырдьык сэбиэскэй ыһыллан дьэ бүгүн үгүс саха эр дьоно быһыытын-майгытын күрүөтэ көтүллэн, оннук-маннык уһуну -киэҥи анаарбат тылларын баһа-атаҕа булт диэн буолбут, бэйэлэриттэн, күнээҕиттэн атыны анаарбат буола уһуллубут суруналыыстар,хаһыатчыттар уһуйууларынан, правительство үлэһиттэрин харса-хабыра суох быһыыларын-майгыларын батыһан бары булчут буола түстүлэр, аҕыйах сыл иһигэр Хара Тыаны, Байанайы халаан ылла. Ол кэннэ сиир-аһыыр сыаллаах бырааһынньык тэрийэн эбии иирдэ.
Соҕуруу дьон аны мээнэ түүлээххэ наадыйбат, муодата да аастаҕа эбэтэр атын саҥаттан -саҥа баайы тугу да кэрэйбэккэ баһан бардаҕа.
Ол хомолтолоох эрээри Бадыл Ойуун эппитин курдук:” Киһи акаарытын баайар бэйэтин баҕатыттан ураты күүс туох да суох.”
Ааҕыҥ, билиҥ-көрүҥ, бэйэлээх бэйэбит Аҕаларбыт Дойдутугар дьолу туойар көтөрдөрү, кыыллары кыргымаҥ.
Хаһан да саха булчут буолбатах.
Ким туохтааҕынан, тугу мунньуммутунан, тугу толоруммутунан Орто Дойдуга бэйэтин тула үтүөнү эбэтэр мөкүнү ыһар, үүннэрэр.
Тус – Сүр – Олоҥхо – Итэҕэл.
Субу курдук тутултан биир ситим устун Олоҕу дабайбыт, ити ис хоһоонун аттаран өйдөөбүт – Өбүгэ өйдөбүлүгэр Киһи буолар кэскиллэнэр.
Хас биирдии киһи Тустаах. Ол бэйэҕэ күн аайы эдэр эрдэххиттэн кыһаллартан, бэйэҕин көрүнэртэн, харыстанартан, туох киһи-аймах үтүө өрүтүн бэйэҕэр мунньаргыттан, Сиргэ төҥкөйөн үлэлииртэн, үлэттэн үөрэ, толкуйдуу, анаара үөрэнэртэн сайдар. Атыннык эттэххэ Тус сайдыыта элбэхтик күн аайы кытта төрөөбүт аһыыр ирдэбилгин толорон , аскын булунаары эт бэйэҥ бэйэ туһугар Сиргэ төҥкөйөн үлэлиириттэн, оттон мэйииҥ онно олорсон толкуйдуу үөрэнэриттэн тутулуктаах. Хас биирдии тыынар тыыннаах аһыыр кыһалҕалаах. Тугу сиибит даҕаны, бэйэбит эттикпитин ол сиэбит астартан таҥабыт. Аата Айыллыы. Саха киһитэ сүөһү, сылгы ииттэн (кырдьык Өбүгэ дьарыгынан), ол этинэн, үрүҥ аһынан, үүнээйи отоннорунан күндүлэнэн аһыахтаах. Ити биһиэхэ, сахаларга, эрэ буолбатах. Иннинэн сирэйдээххэ, уһугунан дугуммукка барытыгар бэйэтин тустаах олорор сирин кэрчигэр туох иитэр сүөһүлээҕинэн, үүнэр отоннооҕунан.
Дьэ биһиги, Сахабыт Сирин төрүт олохтоох омуктара ол туһугар от оттоон, сайын устата эҥинэ бэйэлээх ытырар- оборор хара тордох курдук күүгүнүнэн да сылатар кумаар, күлүмэн, оҥоойу ортотугар бэйэтэ туһунан ыһыктаах, түбүктээх, тыастаах, көлөһүннээх, тыыннаах буолар эйгэтигэр кэм эргиирин баттаһа, былдьасыһа мөхсөбүт.Төһө да ыарахан, кытаанах үлэ буоллар, итинтэн ураты саханы саха гынан тыллыыр, тыынныыр, тутуллуур, олохтуур эйгэ туох да суох ( эмиэ тустаах омугу барытын тустаах кэрчик сиригэр). Ол иһин ити бэрт кылгас кэм ыарыылаахтык ытырар оҥоойутугар да махтанаҕын.
Көлөһүммүтүн кытта эппит-сииммит иэниттэн кыһыны быһа мустубут кир-кох, туһата суох дьаппаллыбыт эттиктэр тахсаллар. Ити бүтүн бэйэбит өйдүүн-санаалыын, эттиин-хаанныын ырааһырар кэммитигэр аҥардас суоратынан, кымыһынан, үүтүнэн аһаан, испитигэр үрүҥ ас үтүөтүн иҥэринэн, туһата суохпутун хамсыыр сэниэ оҥостон, кырдьык да бэйэбитин саҥардынан биэриэхтээхпит.
Устар сайын куурбуппутун-хаппыппытын Айылҕа барахсан күндү көмүс күһүҥҥү көстүүтүнэн, чуумпутунан, наҕылынан тириибитин тэнитиэ, харбаабыт, чөкөппүт сыһыыгын эргийэн үөрэ, астына, хайгыы, махтана көрө үөрэммиккэ, Туһа туолбукка Сүр тыынын сүһүөххэр дылы толору кутуо, ис тутулбут аатын, ахсаанын ааҕа тустаах отонунан күндүлүө. Көтөр бииһин ууһа төрөөн-ууһаан Дойдутугар махтанан күүгүнүү көтөр аймалҕаннаах ыҥырсыыта ис Ийэ куппутун долгутуо.
Ол эрээри ити тымныы кыһалҕатыттан соҕуруу көтөр көтөрдөрбүт аймалҕаннаах ыҥырсыылара, күргүөмүнэн көтүүтэ киһи барахсаҥҥа өссө да эргиллэн кэлиэхтэрин баҕарар ыра санаа кыымын сүрэххэр сөҥөрдөр, эрэли, үтүөнү саҕар, сайыһар мунчаарыы диэххэ дуу, хомолто диэххэ дуу? Итинник сайыһыы, аһыныы өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр кэмигэр сүүрүгүрэн ааспата буоллар, хантан билэн саас аайы көстөөх дойдуну үлэ бөҕөннөн өксөйөн биһиэхэ эрэ төрүү-үөскүү мустар көтөрдөрбүт эмиэ бэйэлээх бэйэбит Аҕаларбыт Дойдутун ДОЙДУЛАНА Айыллыбыттарын билэн долгуйа күүтүө, күүгүнүү көтөллөрүн, уйа туттар түбүктэрин, тапталларын ырыатын, оҕолоругар кыһаларын күндүргэтиэ, кэпсээн кэһиилэрин кэтэһиэ этибит дуо?
Орто Дойдуга баар киһи-аймах үтүө өрүттэринэн: бэйэҕиттэн ураты Тулалыыр Эйгэ Тыыннааҕар, о.э. отугар-маһыгар, көтөрүгэр-сүүрэригэр, күөх ньаассын ньууругар, Өрүстэргэ, Үрэхтэргэ, Күөллэргэ, Хайаларга, Хара Тыаҕа харысхалынан, тапталынан, махталынан, хайҕалынан, билиигинэн, ытыктабылгынан, үөрүүгүнэн, үлэһиккинэн Тускутун толоруҥ, тупсарыҥ, сайыннарыҥ, байытыҥ, барҕардыҥ!
Туску!!!
Харыйалаах кыыһа.
Муус устар 19 күнэ, 2022 сыл.
сеп санаа, саха отчут омук, от оттоон суеhу, сылгы ииттэн олорон кэллибит, саханы хайдах куhэйэн туулээхсит, балыксыт онорбуттарын 17 уйэтээги архив суруйуулара кэпсииллэр, били саха биллэр опернай ырыаhыта бултаан аhаан олорбуппут диэн кэпсэлин тумугэр сайын аайы оттуур этибит диэбит этэ, дьэ итинник
Бу суруйбутун Сунтаардарга туох сыьыаннаагый?
Өссө маннык суруйбуттаахпын дьүһүйүүлэрбэр:
……пению птиц, рассказывающей о многом….., птицы беззаботно пропоют, что прошепчут деревья про любовь мою к тебе….,….көстөөх дойдуну өксөйөн төрүү-үөскүү мустар көтөр КЭПСЭЭН КЭҺИИТИН ЫЛЫНАН…., кэтэһэр, кэпсэтэр көтөр-сүүрэр….
Дьүһүйүү диэн ааттыыбын кутуллар санааны уруучуканы, кумаахыны булан түргэнник суруйан түһэрсэн эрэ испит тылларбын. Ол миэхэ эрэ оннук буолбатах, үгүс хоһоон суруйар, матыып айар, иистэнэр, уһанар, уруһуйдуур дьон инник туругу билэр.
Манан тугу этиэххин баҕарабын: ютубка иһиирэн кэпсэтэр омуктар бааллар эбит, язык свиста диэн, чыычаах курдук иһиллэр.Ону ютубка көрүҥ: язык свиста диэтиҥ да тахсан кэлэр.
Итинтэн түмүк оҥордоххо Өбүгэ барахсан кырдьык отун-маһын, көтөрүн-сүүрэрин кытта КЭПСЭТЭР, а.э. өйдүүр эбит. Көтөрдөр соҕуруу Дойдуттан көтөн кэлэн ТУГУ КЭПСИИЛЛЭРИН БИЛЭР ЭБИТ.
Инник ӨЙДӨӨХ ТУЛАЛЫЫР ЭЙГЭНИ, ДЬИИКЭЙ КӨТӨРДӨРҮ, КЫЫЛЛАРЫ аныгы акаары ити бэйэлэрин ааттарыттан атыны анаарбат нвк, хаһыат, сурунаал суруналыыстарын уһуйууларынан, млрд. үбүлэнэр “культура” , ” айылҕа харыстабылын” министерстволарынан, оччо хамнастаах былаас үлэһиттэринэн, депутаттарынан сиэтиллэн бүгүн туох буолбутун ойуулууртан да тарбаҕыҥ тардыах курдук. Аны Һунтаар һуруналыыһа дьахтар тыһы куһунан угуйарга ыҥырбыта төрүт муода буолбут.
“Ойуун түүлэ” 1910 сыллаахха (суоттаан көрүҥ эрэ үйэттэн орпут) Кулаковскай сурукка түһэрбитинэн эрэ, ол иннигэр Айылҕалаах дьон төһөттөн аныгы дьон акаарытыттан кэлэйэн Айбыта аккаастаныан билбиттэрэ биллибэт. Бүгүн киһи бары ойуун, алгысчыт аатырар да, Айыыта аккаастаммытын, о.э. бүгүҥҥүнү да билбэт, кыайан анаарбат. Просто жесть, дебилизм, идиотизм диэн эрэ тыллар ону ойуулуурга барсаллара дуу?
Ол көтөр, от-мас, кыыл-сүөл, Уу, Хаар, Хара Тыа суугуна барахсан эһиэхэ суруйар үтүө тылларбытын эмиэ бэйэтигэр олордон аҕалан эрдэҕэ. Ол иһин туох баардаах, дьиҥнээх Айылҕалаах дьон отчут, ойууртан, сыһыыттан арахпат, онно ХАРЫСХАЛЫНАН, ТАПТАЛЫНАН сылдьары сатыыр.
…………………………………….
Хайдах гынан биллибэккэ,
Хамсаппакка тугу да,
Харыстааммын барытын
Бу көстөр, иһиллэр эйгэ
Сүүрээнигэр сөп түбэһэн
Сүр тыынын ылынар
Сөкүүндэтин туттарбын.
Суох, сөкүүндэтин буолбатах,
Бытаарбыт Эргиир барыытын.
Аас, аас аттыбынан
Аныгы кэм ыгыыта, ыксала
Таарыйбакка эн миигин.
Сахам наҕыл олоҕор,
Киэҥ-холку майгытыгар
Көһүөм бүгүҥҥү ыксаллаах
Көлүөһэлээх олохтон
Сири бигээн хаамаары,
Сарсыҥҥыбар эрэнээри…..