Бордоҥ дьаһалтатын отчуттара сылгы собуотугар көмөлөстүлэр
Ст. Васильев аатынан сылгы собуотун Мэҥэдьэктээҕи отделениетыгар быйыл оттооһун бытаарбытын иһин Бордоҥ нэһилиэгин дьаһалтата Улахан Күөлгэ звено ыытан үлэлэттэ.
Звеноводынан спорт уонна уопсастыбаннаһы кытары ситим отделын сэбиэдиссэйэ Александр Егоров анаммыта, ону таһынан звеноҕа бу отдел инструктора Спиридон Ушканов, дьаһалта суоппара Николай Андреев уонна “Баайга-дуолга сыһыаннаһыыларга уонна муниципальнай атыылаһыыларга кэмитиэт” МКУ инженерэ Станислав Кириллин киирбиттэрэ. Сылгы собуота дьоҕус “Синтай” тыраахтары, от мунньар состорунньугу, мотокосалары уларсыбыта, аһынан-үөлүнэн хааччыйбыта. Онтон уматык ороскуотун нэһилиэк дьаһалтата уйуммута.
Мэҥэдьэк нэһилиэгин сиринэн-уотунан массыынанан айаннаан, Марха өрүһү катамаранынан уҥуордаан, онтон аатырбыт Илин Эбэ күөлү уу мотуорунан туораан звено уолаттара Улахан Күөлгэ киэһэ хойут тиийбиттэрэ. Онно сылгы собуотун Мэҥэдьэктээҕи отделениетын табунщига Кирилл Васильев сири-уоту көрдөрбүтэ, үлэ былаанын сиһилии быһаарбыта. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй, ол эрэн сылбах курдук сытан хаалбыт, онон хаарыан быйаҥы кыһыл илиинэн баһан ылар ыарахан диэн кэпсээбитэ. Көмөҕө сурдьуларын, аймахтарын ыҥырбытын да үрдүнэн үлэ тэтимэ бытаарбыт.
Хонон тураат Хатыы уолаттарын кытары күүстээх үлэ саҕаламмыта. Кирилл кэпсээбитин курдук, от чахчы киһи сөҕүөн курдук хойуутук үүммүт, ол эрэн халаан уута түһэригэр сири кытары тэҥнэһэ сытан хаалбыт. Аны онто биир хайысханан буолбатах, араастаан эрийэ-буруйа сыппыт. Манастыырдаан охсор эҥин диэн хайдах да сатаммат быһыыта-майгыта буолбут. Бэл диэтэр, ыаллыы ходуһаҕа кэтэх отчуттар “хотуур кыайбат” диэн ааттаан турар оттоох эрэ өттүн талан, ону даҕаны чарааһын булан охсо сылдьар эбиттэрэ.
Онтон биһиги түөрт аҥы арахсан сирэйбит хоту түһүнэн кэбистибит. Чахчы силэйэ сатаан киһи ойоҕоһо иэҕиллэр ото эбит этэ. Хотуур көбө бэйэтэ субурҕа буолар күөх быйаҥа. Маалыкайга сай устата тараҕай сирдэри тиниктэспит дьон, үөрэ-көтө түһүнэн кэбистэхпит дии. От хойуутун тулуйбакка, сороҕор мотокосаларбыт моһуогураллар. Ону Николайбыт араастаан мындырдаан тилиннэртээн, таҥан биэрэр. Хатыыларбыт от мунньарга, бугуллуурга, эрдэ бэлэмнээбит отторун кэбиһэргэ сырыттылар.
Станислав Кириллин үлэ быыһыгар Улахан Күөл ходуһатын быалаата. Түмүккэ 239 га уопсай иэниттэн 80 га оттонуон сөп эбит, онтон 159 га дулҕа, уу, талах буолан сытар эбит диэн сурунна.
Тохсус хонукпутугар бары кэбиһиигэ киирдибит уонна бүтэһик охсуубутун бугуллаан кэбистибит. Омурҕаҥҥа эйэ-дэмнээх кэпсэтиилээх, эҥин эгэлгэ дьээбэлээх-хооболоох, бэрт өрө күүрүүлээх уонна күүрээннээх үлэ түмүгэр Улахан Күөлгэ 30-ча тонна күөх быйаҥ бэлэмнэннэ, кэбиһиилээх отторбут күрүө иһигэр кэчигирэстилэр.
Кирилл Васильев 128 төбө сылгым дьылы туоруур аһылыга баар буолла, быйыл хаһыы от даҕаны өлгөм диэтэ. Сарсыарда Маалыкай уолаттарыгар махтал иһирэх тылларын эттэ уонна Марха эбэни туоратан биэрдэ.
Ити курдук Бордоҥ нэһилиэгин дьаһалтата: “Бары күүһү – окко!” диэн лозунг чэрчитинэн ыыппыт анал звенота туруоруллубут сыалы-соругу килбиэннээхтик толордо, Маалыкайы аар-саарга аатырдыбыт Ст. Васильев аатынан сылгы собуотугар от бэлэмниир үлэҕэ бэйэтин кылаатын киллэрдэ.
***
Александр ЕГОРОВ,
“Маалыкай” пресс-киин
Оставить комментарий