“БИЛБИТ – КӨРБҮТ”
Бу ый 14 күнүгэр “Талбан” диэн биэриини көрдүбүт. Саха сирин дьылҕатыгар улахан суолталаах түһүмэх кэми – автономияны ылбыппытын тула кэпсэтии барда. Бэрт аҕыйах ыйытыы киирдэ, үгүс истибиттэр ыйытан хоруй ылыахтарын соччо баҕарбатахтарыттан быһыылаах. Маннык улахан суолталаах дьыалаҕа саарбах хоруйу ылбат ордук диэбит да баара буолуо. “Историкпыт” – урукку лүөччүк В.Пестерев аҥар кырыы кэпсии сатаата, барытын быһаарбыт, орун-оннугар уурбут эбит.
Пестерев автономия боппуруоһун аан бастаан Күлүмнүүр өссө 1908 с. көтөхпүтүн аахпатах дуу, умнубут дуу. 1921 с. П.Ойуунускай И.Бараховтыын партия 10-с съеһигэр Москваҕа сылдьан кэлээт:
”Биһиги Бараахаптыын аптаныамыйаны син биир туруорсуохпут” – диэбитин дьиҥнээх историктар суруйбуттара ахтыллыбата. Төттөрүтүн, Ойуунускайдаах Аммосов утара, саарбахтыы сылдьыбыттарын курдук кэпсээн, дьоҥҥо оннук өйдөбүлү соҥноото. Мөккүөр быстах кэмҥэ син баара буолуо да ити икки киһи биир түмүккэ кэлэннэр доҕотторун кытта республиканы олохтоотохторо дии. Мөккүөр оччоттон баччаҕа диэри баара, баар да буолара буолуо.
Олунньутааҕы революция кэнниттэн учууталлара Ярославскай уонна Петровскай сылаас дойдуларыгар баран хаалбыттара. Үөрэппит эдэркээн уолаттара бу будулҕаҥҥа бэйэлэрэ эрэ хаалбыттар. Хата муммут кус оҕотун курдук буолбатахтар ээ, быһаарсан, көрөн, бар дьоннорун сөптөөх суолга туруора сатаахтаабыттар. Бэл билигин ким тугу да быһаарбат үлүгэрэ, оттон оччотооҕуга? Ким “Сиэрдээх”,ким “Ньыгыл” буолуон билбэт, буккуллар. Чурапчылар соторутааҕыта “Ньыгыллары” утары куоластаан баран, аҕыйах хоноот баһылык быыбарыгар “Ньыгыл” буола оҕустулар. Бараховка, Ойуунускайка, Аммосовка, Ксенофонтавтарга, Михайловка, Артемьевка, Боссоойкоҕо о.д.а. үгүстэргэ бука барыларыгар махтаныах эрэ тустаахпыт. Ээ-дээл буолбатахтарын, көрөн баран олорботохторун, дьон-норуот туһугар хайдах өйдүүллэринэн охсуспуттарын, Сахаларын сирин историятын оҥорсубуттарын иһин. Историк буолаары олус эппиэттээх соругу туруоруммут киһи архыыпка кумааҕы лоскуйун булаат мин барытын быһаардым, арыйдым диирэ, сымнатан эттэххэ, сатамньыта суох. Дьиҥнээх чахчыга хайа да бэйэлээх историк тиийэрэ саарбах, ол иһин улахан учуонайдар итинниккэ туттуна соҕус сыһыаннаһалларын бэлиэтии көрөбүн.
Ойуунускай уонна Аммосов буруйдарын билиммиттэр үһү. Сымыйанан хомуньуус буола сылдьыбыттарын, Японияҕа барар санаалаахтарын. Летчик-историк быһаччы инньэ диэтэ. Баҕар, атыннык этиэн баҕарбыта, сатаан саҥарбакка итинник тахсан хаалта буолуо. Бу икки киһи Москваҕа (Лубянкаҕа дуу, Лефортова дуу) сыппыттарын, хайдахтаах курдук кырбаммыттарын, накааһы көрбүттэрин туһунан Пестерев тоһоҕолоон бэлиэтиэхтээҕэ. Сорохтор тулуйаллара, сорохтор суох диир. Ким да тулуйбат накааһа этэ, ити туһунан суруйуу бөҕө баар. Мин тулуйбаппын уонна тугу суруйбуттарыгар илии баттыыбын, итини быһаччы этэбин. Арай Пестерев тулуйара буолуо.
Тиһэх кэмҥэ Ойуунускай “суукка тиэрдэллэрэ буоллар” диэбитэ эмиэ баар ээ. Мин ити биэриигэ биири дьиктиргээтим. Соторутааҕыта Саха сирин историята үс туомунан таҕыста. Пестерев ону көрбөтөх. Историкпын дэнэр киһи сонно тута булан ааҕыахтаах этэ буоллаҕа, суруйбут ааптардары убаастаан да туран. Онно баар-суох историктарбыт сыралара бардаҕа буолуо.
***
Иван БУРЦЕВ,
14.02.2022 с.
Академическай ученайдардаа5ар (Саха сирин историятын 3 томун суруйбуттардаа5ар) кыраайы уерэтээччи Пестерев керуутэ-истиитэ сонун, кырдьык буоллар да5аны. Академиктарбыт, ученайдарбыт конъюнктураны тутуhан кырдьыгы эппэттэр, этэр да наадата суох. “Победителей не судят”. Саха сирин советскай кэмин историята, республикабыт инники сайдыыта (советскай былаас сууллубутун кэннэ ордук) ньургун уолаттарбыт турууласпыт дьыалалара тумуктээх буолбутун туоьута, кинилэри хасыhан, ырытан бутун. Пора поставить точку. Они святые, не нам судить их. Талбан итинник передачалары ыытан бут – Ленини мавзолейтан таьаарар темаҕын (бастакы Талбан передачата) хатылаама
Иван Бурцев боппуруосу сопко туруорар. Кэлин кэмнэ историябытыгар “сананы арыйааччылар”, “атыннык корооччулэр”, ону аасан костон турар дилетаннар ороосулара, айдаарыылара, косто – биллэ сатыыллара асара куусурдэ. Пестерев дилетан буолбатах, учугэй чинчийиилээх, суруйуулаах, тасымнаах историк диэтин басылаабыт киси. Ол эрэн ити телевидениенан кэпсэтиигэ хайдах, тугу санарта буолла.. Багар, “Талбан” биэрии ырытааччыта история тематыгар тасымыттан эбитэ дуу.. Чуолаан ити биэриини корботогум да, урут история тематыгар “Талбан” биэриилэрин кордоххо, итэгэсэ элбэх этэ. Сурун линия, тумук суога, ыытааччы позицията чуолкайа суога костор этэ. Сумбур согус кэпсэтиилэр этэ.
Систиэмэ буоллаҕа, сакааһа оннук, онтон ханна ыраатыахтарай. Эппиттэрин этэллэр буоллаҕа. Оол улуу дьону бэйэлэрин таһымыгар түһэрэн бэйэлэрэ тжҥнэһэ сатыыллара буолуо.
Онтон улуу убайдарбыт бэйэ бэйэлэрин уган биэрбиттэр диэн сымыйа буолуо оччолорго да подделка диэн өйдөбүл баар бөҕө буоллаҕа. Оннооҕор билиҥүи кэмҥэ оҥорботоҕу да оҥорбут курдук оҥорон сууттаан, хаайан кэбиһэллэрэ сымыйа буолбатах.
Инники совет кэминээ5и дьон санаатын этиммит быЬыылаах: “академиктарбыт кырдьыгы эппэттэр да, хасыЬар да наадата суох”, диэни хайдах ёйдуёххэ сёп эбитэ буолла?
Ол ити совет кэмигэр историяны наар компартия хара5ынан кёруу буолла5а дии. Кими эрэ кулуккэ анньан, кими
эрэ наар туругурдан, Билигин атын кэм, атын салалта, онон урут буолбуту атын хара5ынан кёруу барара омнуоламмат.
Итинник саца чинчийээччилэри киЬи олус сэцээрэр, биир бэйэм бу биэриини олус хайгаатым. Ёссё буоларын куутэбин.
Былырыын Юзефович диэн нууча билицци кэмин улахан историк (гражданскай сэрии кэин) суруйааччыта Саха Сиригэр кэлэн, Амманан ицин сылдьан, ХИФУга О.Сидоровтыын ицин кёрсён барбыта. Онтон бу кыЬын Россия суруйааччыларын биир улахан премиятын ыларыгар тыл эттэ: Бу премиям гонорарын ацаарын Саха Сирин Амматыгар баар музейга бэлэхтиибин. Соторутаа5ыта онно сылдьан билбэтэхпин биллим, кёрбётёхпун кёрдум, онон ити кэннэ санаам тосту уларыйан хаалла, диэн.
Талбан, ону ити Олег Сидоровы ыцыран, бу Юзефович то5о инньэ диирин, уо.д.а. туЬунан биэрии оцороро буоллар.
Амма5а баар музей, билинни ХИФУ гражданскай сэриини уерэтэр специалистара билигин уруннэри кыhыллары эйэлэҺиннэрэ сатыыр музейга кубулуйда. Стродтары Пепеляевтэри сыллаҺыннаран “авторитеттана” сылдьаллар. Дьон бе5ену елербут, муҤнаабыт урун бандьыыттар Боссоойко, Артыамыйап, Павлов, Куонаан бандьыыт, Шарин, Пепеляев уо. д. а. геройдар, Россия туҺугар охсуспут идейнай дьоннор кинилэр эрэ буоллулар. Онон буржуазнай историк Юзефович тебетун сууйдэхтэрэ. Сахалар хас кэлбит киҺиэхэ ньыланнаабат буолун. Талбан Омикорм туҺунан передачалары ыыт, история уустук, меккуердээх боппуруостарын тыытыма.