Курс валют
$
76.81
0.46
89.43
0.28
Курс валют
Курс валют
$
76.81
0.46
89.43
0.28
Меню
Поиск по сайту

Ахсынньы — Билгэ Хаан ыйа

01.12.2025 (2 недели назад) 11:11 0
Ахсынньы — Билгэ Хаан ыйа

Бу ыйга Үрдүк Айыылартан биирдэстэрэ — Билгэ Хаан чугаһыыр. Сүрүн болҕомто билиигэ ууруллар. Ити иһин өйү күүһүрдэр туом оҥоһуллар. 

Туомҥа Сээркээн Сэһэн суолтата улахан. Кини аата-ахсаана биллибэт остуоруйалаах, чабырҕахтаах, таабырыннаах. Өйү эрэйэр, сатабылы сайыннарар хабылык, тыксаан, дуобат  курдук оонньуулардаах.

Ый билгэтэ:

күн-дьыл туругун көрдөрөр күннэр бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.

12 — хаар түстэҕинэ ахсынньы 14 күнүгэр диэри тыалырар.

19 — тымныы буоллаҕына, сайынын үүнүү үчүгэй.

29 — сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына, тохсунньу 19 күнүгэр (Кириһиэнньэ)  диэри тымныы турар.

Ахсынньы ый туомнара: 

Билгэ Хааны олордуу. Билгэ Хааны олордон баран Айыы дьиэтэ билиини, кэрэхсэбили көҕүлүүр алгыһы тарҕатар. Туом ахсынньы 2-3 күннэригэр буолар.

Оставить комментарий