Айар аартыгыҥ арыллан истин!
Соторутааҕыта эрэ “Үрдэл” телевизионнай куонкурус түмүктэннэ. Кыттааччылар ортолоругар Василий Местников “Сарсыарда” диэн ырыаны ыллаан истээччилэр куттарын тутуон тутта. Кини кимий, тугунан дьарыктанарый, туох санаалааҕый-оноолооҕуй?
Васяны кытта кэпсэтэ олорон кини эдэр да буоллар олоххо ураты көрүүлэрдээҕин, киһини кытта лоп-бааччы толкуйдаан кэпсэтэрин, мындырын “Оҕо – төрөппүт сиэркилэтэ” диэн мээнэҕэ эппэттэрин, кини үчүгэй иитиилээх, өйдөөх, истиҥ буоларын көрөн төрөппүттэригэр махтаныахпын баҕардым.
– Василий, бастатан туран ааҕааччыларга төрдүгүн-уускун билиһиннэр эрэ.
– Мин Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин Кэптэнититтэн төрүттээхпин. Аҕам Василий Семенович Местников сааһын тухары оскуолаҕа математика учууталынан, ийэм Ираида Ивановна буҕаалтырынан уонна Пенсионнай фондаҕа үлэлээбиттэрэ. 1992 сыл, атырдьах ыйын 25 күнүгэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтүм.
– Эһэҥ Уйбаан Бөтүрүөбүс Колодезников нэһилиэк биир ытыктанар киһитэ, сааһын тухары салайар үлэлэргэ үлэлээбит, совхоз сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрсибит кырдьаҕас буолар. Кини эйиэхэ оруола?
– Эһэм билигин 85 саастаах. Оҕо эрдэхпиттэн үлэҕэ сыһыаран, окко-маска тэҥҥэ илдьэ сылдьан үтүө, үлэһит киһи буоларга үөрэтэрэ. Куруутун айылҕаны кытта сибээстээх буола, кэпсэтэ сылдьарга, үрдүкү күүстэргэ итэҕэйэргэ, сиэри-туому тутуһарга үөрэппитэ. Эһэм үөрэтиэҕиттэн Үрдүк Айыыларга, олох оҕо эрдэхпиттэн таҥараҕа, үрдүк күүстэргэ, иччилэргэ итэҕэйэбин. Куруутун сиэри-туому тутуһан сирбин-уоппун аһата сылдьабын, күн аайы сарсыарда эрдэ туран бар дьонум этэҥҥэ сылдьалларын туһугар айыылартан көрдөһөбүн, миэхэ билигин баар олоҕум иһин махтанабын.
Эһэбит үлэни өрө тутуҥ, киһи үлэтин тиһэҕэр тиэртэҕинэ онтон дуоһуйар, дьоллонор, эбиллэр диэн этээччи. Онон эһэбинэн олус киэн туттабын, кини сүбэлэрин, такайыыларын кэлэр кэнчээри ыччаттарбытыгар үтүө холобур курдук куруук кэпсии сылдьыам диэн бүк эрэнэбин.
– Бииргэ төрөөбүт хаһыаҕытый?
– Ыал кыра оҕотобун, эдьиийим уонна икки убайдарым лаппа аҕалар. Онон сүрдээх көрөн-истэн, бүөбэйдээн, атаахтатан да диэххэ сөп, улааппытым. Ол гынан баран дьонум сиэри таһынан атаахтаппатахтара, буойуллар кэмҥэ буойаллар этэ. Ол иһин “өйдөөх атаах” диэн этээччилэр. Эдьиийим, убайдарым миэхэ кынат буолаллар, өйүүллэр, көмөлөһөллөр, сүбэлииллэр. Онон кинилэргэ олус махталлаахпын.
– Төрөөбүт дойдугун төһө ахтаҕын, тугу оҥоруоххун баҕараҕын?
– Дойдубун туохтааҕар да күүскэ таптыыбын. Өр тахсыбатахпына ахтабын, суохтуубун. Сайынын дьоммун кытта оттоһобун, дойдум ыһыаҕар сылдьабын, күһүнүн, сааһын бултуубун. Лөгөйүм оскуолатыгар ыччаты иитэр куруһуоктар баар буолуохтарын баҕарабын. Холобур “Айылҕа оҕото” диэн. Манна булт сиэрин-туомун тутуһуу, албастарыгар үөрэтии, айылҕаны харыстааһын, ыраастааһын, чыычаахтарга көмө оҥоруу киириэхтэрин сөп. Мин дьиэм таһыгар сылга биирдэ хайаан да чыычаахтарга уйа оҥорон ыйыыбын. Билигин тэлгэһэбэр үс уйа баар, бары иччилээхтэр. Ону таһынан чугастааҕы тыабар эмиэ оҥорон ыйаталаабытым.
– Олоххо барытын боруобалыахтааххын дииллэр. Эн тугу гыныаҥ суоҕа этэй?
– Сорохтор эдэр сылдьан ыал буола иликпитинэ күүлэйдээн хаалыахтаахпыт дииллэр. Мин ону утарабын. Хас биирдии кэми, бириэмэни туһалаахтык, сөптөөхтүк олоруохтааххын, дьоллоох дьиэ кэргэн, амарах аҕа буоларга бэлэмнэниэхтээххин.
– Дьиҥнээх доҕор диэн кимий?
– Киһиэхэ чугас доҕор диэн үчүгэйгэ, ыарахаҥҥа барытыгар баар, өйөбүл буолуохтаах дии саныыбын. Бэйэм ити эппиппин тутуһабын. Оҕо сааһым доҕотторун кытта улаатан истэҕим аайы сүтэрсибэккэ, билсэ-көрсө сылдьарга талаһабын.
– Дьэ, ырыабыт туһунан кэпсэтиэххэ…
– Ырыаҕа ылларыым 5-с кылаастан саҕаламмыта. Учууталым Зинаида Петровна Лугинова ырыа куруһуогар киллэрээри дэлби хаайбыта, ыҥырара да бэйэм олох баҕарбат этим. Ол оннугар ийэм ырыаҕа уһуйуллуохпун, ыллыахпын олус баҕарара. Биирдэ ырыа куруһуогар оҕолору талан ылыыга куонкурус биллэрдилэр. Дьэ онно тиийэн олордохпуна Зинаида Петровна: “Хайа, Вася, ыллыаххын баҕардыҥ дуо?” – диэн ыйыппытыгар, чап курдук “Суох, маамам баҕарар”, – диэн хоруйдаабыппын билигин да уура сылдьан күлэ-үөрэ ахтааччы.
Бу кэннэ элбэх кэнсиэртэргэ, куонкурустарга сылдьан ыллыырбын сөбүлээбитим. Ол да буоллар киэҥ эйгэҕэ ыллыыр санаам суох этэ.
Онтон дьэ куоракка үөрэнэ киирэн баран ырыа эйгэтигэр күүстээхтик үлэлии сылдьар дьону көрсөн, олору батыһан, ырыаһыт буолар баҕа үөскээн күн бүгүн ыллыы-туойа, саҥаттан саҥа ырыалары таһаара, куоласпын күн аайы сайыннара, дьарыктыы сылдьабын.
Билигин Семен Ченянов “Арктик Войс” айар-тутар устуудьуйатыгар баарбын.
Сүбэ-ама, өйөбүл буолбут, улахан ырыаһыт буолар баҕа санааны үөскэппит дьонум олус элбэхтэр, олорго махталым муҥура суох.
Билигин радиоҕа хас да ырыалаахпын, бэйэбин көрдөнө сылдьар кэмим буолар. Үксүн бытаан, наҕыл, лирическэй ырыалары ордук табыллан ыллыыр эбиппин. Сахалыы народнай истииллээх ырыалары туохтааҕар да ордоробун, онтон тэйиэм суоҕа дии саныыбын. Ол курдук сахалар ытыктыыр, сүгүрүйэр ырыаһыппыт, ырыа айааччыбыт Христофор Максимов фондатын эдэр кыттыылааҕа буолабын.
Бэйэм 2015 сыллаахха ХИФУ финансовай-экономическай факультетын кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Билигин Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын техникатынан дьарыктанар сэмэй тэрилтэлээхпит, онно менеджер быһыытынан үлэлиибин.
– Киһи олоҕор ханнык кинигэни, киинэни, ырыаны билиэхтээҕий дии саныыгыный?
– Николай Якутскай “Төлкө” кинигэтин ааҕыахтаах. Сахаларга дьылҕа уонна төлкө диэн өйдөбүллэр бааллар. Дьылҕа диэн төрүөххүттэн сурулла сылдьар, төлкөнү бэйэҥ түстүүгүн, оҥостоҕун.
Кристофер Нолан режиссердаах “Интерстеллер” диэн киинэни көрүҥ диэн сүбэлиэм этэ. Биһиги аан ийэ дойдубут, сирбит-уоппут, киэҥ куйаарбыт хайдахтаах курдук киэҥин, улаханын уонна дьиктитин, интэриэһинэйин бу киинэҕэ туохтааҕар да итэҕэтиилээхтик, чопчутук көрдөрбүттэр. Оттон ырыаҕа Иван Аргунов тылыгар уонна матыыбыгар “Ырыа ыллаары” диэн ырыатын. Аатыттан көрдөххө көннөрү ырыа ыллыы кэлбит киһи туһунан буолуо дии саныыгын да, ис-иһигэр киирдэххэ тыла-өһө, ис хоһооно түгэхтээх, киһини тардар күүстээх. Ол курдук “дьоҥҥо дьолу баҕарартан ама туох күүс тэҥнэһиэй?”, “сиргэ таптал, дьоҥҥо таптал, баар буолуохтаах өрүүтүн”. Онон манна үтүө санаа, киһи олоҕор таптал, махтал барыта этиллэ, сурулла, иһиллэ сылдьар.
– Арай эйигин ким да сылдьыбатах арыытыгар илдьэн быраҕар буоллуннар. Туох үс малы илдьэ барыаҥ этэй?
– Испииискэ, саха быһаҕа уонна быа. Испиискэнэн уот оттунабын, быһахпынан ох саа оҥостобун онно быабын баайан бултаан аһыыбын.
– Эдэр киһи инники былааныҥ элбэх буолуо.
– Сааһым 25-м буолла. Уол оҕо, эр киһи олоҕор улаатар саас дии саныыбын. Бу саастан киһи инники олоҕун былаанныахтаах, толкуйдуохтаах, быһаарыахтаах. Олоҕун аргыһын көрсөн, дьиэ кэргэн тэрийэр кэмэ саҕаланар. Ити саамай улахан үлэ диэн Эдьиий Дора этэр эбит.
Хайаан да интэриэһинэй киһи буолуохпун, тугу эрэ айан-тутан, оҥорон-киллэрэн дьоммор-сэргэбэр, кэнчээри ыччакка хаалларыахпын баҕарабын. Ырыабын хаһан да тохтотуом, быраҕыам суоҕа.
Бу сылга “Этигэн Хомус” уонна “Үрдэл” курдук национальнай музыкальнай бириэмийэлэргэ киирбиппиттэн олус үөрэбин, истээччилэрбэр сүгүрүйэбин.
Оҕо сылдьан маннык буолуо диэн түһээн да баттаппат этим. Араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ көрөр, истэр артыыстарбын кытта биир сыанаҕа ыллыыр, биир эйгэҕэ сылдьар, кэпсэтэр-ипсэтэр олус долгутуулаах. Маннык тэрээһиннэр саҥа саҕалаан эрэр ырыаһыты кынаттыыллар, элбэх ырыаны дьоҥҥо-сэргэҕэ таһааран бэлэхтииргэ угуйаллар.
– Олус элбэх былааннааххын, үлэлээххин. Оттон иллэҥ кэм ордор дуо?
– Бириэмэни аттаран туһаннахха иллэҥ кэм да ордор. Саамай сөбүлүүр дьарыгым уһаныы буолар. Маһынан ол-бу тутуулары оҥоробун, ол курдук терраса, палисадник, теплица туппутум. Ордук эргэни уларытан, тупсаран уһанарбын сөбүлүүбүн. Ыллым да тутан кэбиспэппин, өр толкуйдуубун, бытааммын, бириинчикпин да диэххэ сөп, онтон сороҕор мөҕүллээччибин.
Манна куоракка гаражка булка-алка туттуллар маллары оҥорор тэрилтэни саҕалаан эрэбит. Чуолаан, куһу-хааһы ыҥырар, саҥатын үтүктэр маноктары.
Оттон үөһэ этэн аһарбытым курдук саас, күһүн куска-хааска сылдьарбын, бултуурбун олуһун диэн сөбүлүүбүн, ханнык да куруорка сылдьыбыттааҕар дуоһуйа сынньанабын. Сааһыран баран дойдубар тахсан олохсуйуохпун баҕарабын.
– Вася, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Баҕа санааларыҥ, былааннарыҥ барыта туоллуннар, олоххор ситиһии, таптал уонна эрэл эрэ аргыстаһа сырыттыннар!
****
Кэпсэттэ Наталья КЫЧКИНА,
Aartyk.ru
Оставить комментарий