Эһиги нарын санныгытыгар дьиэ кэргэн олоҕун сүрүн түбүктэрэ сүктэриллэллэр. Эһиги тапталгытынан, эйэҕэс сыһыаҥҥытынан дьиэбит-уоппут сылаас тыыннанар. Бу Орто дойдуга үөрүүнү-көтүүнү, дьолу-соргуну, киһи-аймаҕы үксэтэр аһыныгас сүрэхтээх кэрэ аанньалларбыт буолаҕыт.
Биһиги дойдубут салалтата ону өйдүүр уонна улахан суолта уурар буолан элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр уонна оҕо төрөөһүнүн үксэтэр кэккэ бырагыраамалар тигинэччи үлэлииллэр. Дьиэ кэргэни, ийэ буолууну, оҕо сааһы өйүүр сокуоннары олоххо киллэриигэ СӨ бар дьонун дьокутааттара эмиэ тохтоло суох үлэ ыытабыт.
Бүгүҥҥү сырдык тыыннаах бырааһынньыкка эһиэхэ барыгытыгар чэгиэн-чэбдик туругу, дьолу-соргуну, сөҕүрүйбэт төлөннөөх тапталы, байылыат уонна уу-нуурал олоҕу баҕарабыт! Бырааһынньыгынан!
***
СӨ бар дьонун дьокутааттара
Г.Р. Балакшин, В.М. Прокопьев
Оставить комментарий