Курс валют
$
93.44
0.65
99.58
0.95
Курс валют
Курс валют
$
93.44
0.65
99.58
0.95
Меню
Поиск по сайту

ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ КҮНҮГЭР БӨРТӨЛӨР ҮӨРҮҮЛЭРЭ ӨССӨ УЛААТТА

28.04.2023 10:08 0
ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ КҮНҮГЭР БӨРТӨЛӨР ҮӨРҮҮЛЭРЭ ӨССӨ УЛААТТА

«Бөртө сылгы собуота» ХЭТ «Туймаада Агрофирма» АУо биир улахан хаһаайыстыбата. Манна барыта 900 ынах сүөһү уонна 1000 кэринэ сылгы иитиллэн турар.

Бэҕэһээ ферматтан үөрүүлээх сурах кэллэ. Ол курдук Анна Калинская көрөр Баллака диэн ааттаах ынаҕа икки игирэ ньирэйи төрөттө. Онон бу дьоһун күҥҥэ Өрөспүүбүлүкэбит күнүгэр дьоһун бэлэх буолла.

Уопсайынан бу хаһаайыстыбаҕа 391 ынах баарыттан билиҥҥитэ 225 ынах төрөөн турар. Аны сайыҥҥа диэри ынахтар өссө төрөөн туруоруллубут сорук туолуо диэн хаһаайыстыба үлэһиттэрэ бигэ эрэллээхтэр. Бу күннэргэ үүт ыама үрдүү турар. Билиҥҥитэ күҥҥэ 2657 киилэ үүт ыана турар.

***
Прокопий ХАБАРОВ

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»