ҮС ХАТЫҤҤА “КЫМЫС -АЙЫЫ АҺА” БЭСТИБЭЭЛ
Быйыл Туймаада ыһыаҕа хаһан тэриллиэҕиттэн ыытылларын курдук киэҥ далааһыннаахтык, элбэх тэрээһиннэрдээх буолан ааста. Арай быйылгы ыһыах уратыта диэн Россияҕа ылыллыбыт Педагог уонна Уһуйааччы ону таһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ылыллыбыт Үлэ сылларыгар ананна.
Өссө биир уратыта ыһыах Анал Байыаннай эппэрээссийэ кыттыылаахтарын өйүүр сыаллааҕар сытар. Быйылгы ыһыахха хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи ыалдьыттаата. Ол курдук чахчылар кэпсииллэринэн 230000 киһи ыһыахха сылдьыбыта биллэр. Куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарга анаан 110 культурнай программа бэлэмнэнэн бары дуоһуйа сынньаннылар. Бу программалар истэригэр «Кымыс – айыы Аһа» диэн алтыс төгүлүн ыытыллар кымысчыттар бэстибээл куонкурустара ыытыллан ураты миэстэни ылла уонна ыһыаҕы олус киэргэттэ.
Быйылгы бэстибээлгэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх кыттааччы кэлбит. Барыта 15хаһаайыстыба, олор истэригэр Хаҥаластан, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Намтан, Амматтан, Сунтаартан, Мэҥэ Хаҥаластан, Тааттаттан, Горнайтан, Уус Алдантан уонна Дьокуускай куораттан бэйэтиттэн кэпэрэтииптэр, бааһынай хаһаайыстыбалар, агропрофилированнай оскуола кыттан бэстибээл географията кэҥээбитин көрдөрөр.
Бэстибээли саҕаланыаҕыттан Дьокуускай куорат дьаһалтата, онтон салгыы хаһыс да сылын “Туймаада” Агрохолдинг тэрийэн ыытар. Бу тэрээһини киһи үөрүөн Благовещенскайтан «Амурагроцентр» компанията спонсордаан биһиги төрүт аспыт сөргүтүллэн сайдарын туһугар атын регионтан кэлэн көмөлөһөллөрө олус хайҕабыллаах. Манна бэйэбит хампаанньааларбыт кэлэр өттүгэр кыттыһан төрүт аһылыкпытын оҥоруу сайдыа диэн эрэбил баар.
Быйылгы бэстибээлгэ кимнээх кыайыы кынаттанан дойдуларыгар бардылар. 1 миэстэ – Хаҥалас улууһуттан «Улахан Алаас» – баһылык Лиханов М.П
2 миэстэ – «Бөртө сылгы собуота» ХЭТ – дириэктэр Павлов А.В.
3 миэстэ – ИП Федоров В.И.
Итини таһынан бэстибээлгэ алта номинацияҕа хаһаайыстыбалар күрэхтэстилэр.
Быыстапка миэстэтин киэргэтии – «Кыһыл Кулаада» КФХ – баһылык Варламов П.И.
Производствоны көрдөрүү – ИП Турантаева М.П.
Кымыс оҥоруутун үгэстэрин тутуһуу – Балаҕаннаах орто оскуолата – дириэктэр Жендринскэй С.А.
Саамай уопуттаах кымыс оҥорооччу – “Эйгэ Ил” КФХ – баһылык Васильев П.П.
Биэни түргэнник ыаһын – “Саха сүөһүтэ” СӨ СКТ – салайааччы Артемьев А.Е.
Эдэр кымыс оҥорооччу – Охлопков С.К.
Бэстибээл ыытааччылар маны тэҥэ 20000 кээмэйдээх өйүүр бириистэри олохтообуттар.
Бу бириистэр “Амма” СППК (Черноградскай А.А.), “Боччуо” ОСПКК (Васильев Г.К.), “Тоҕус” СПК (Сыромятникова В.И.), “Кымысчыт” КФХ (Стручкова Е.И.), “СӨ сылгыһыттарын холбоһуга” РОО (Слепцов В.С.) бэрилиннилэр.
Бэстибээлгэ элбэх ыалдьыт сырытта. Кинилэр истэригэр соҕурууттан элбэх учуонайдар, хампаанньалар салайааччылара уонна бэрэстэбиитэллэрэ ыалдьыттаатылар уонна араас кымыһы боруобалаан сыанабыл биэрдилэр. Онтон бэстибээл биир саамай муҥутуур чыпчаалынан Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Николаев А.С. кымысчыттар түһүлгэлэригэр сылдьан куонкурус кыттыылаахтарын үлэлэрин, кыһалҕаларын билсиитэ буолбута саарбаҕа суох. Манна өсө биири бэлиэтиэххэ наада бэстибээл аҥардас куонкурус эрэ быһыытынан барбата, манна төгүрк остуол, араас тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын түмүгэр өрөспүүбүлүкэ кымысчыттарын ассоциациятын тэрийии туьунан быһаарыы ылыннылар. Дьэ онон бу бэстибээл тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар өссө биир көрүҥ, төрүт былыргы үгэспит кымыс оҥоруу сөргүтүллэн сайдарыгар кыахтары биэриэ диэн эрэнэ хаалабыт.
***
Прокопий ХАБАРОВ
Кымыьы оцорон билигин Ковидтан туберкулёз бронха ыарытын утары иьэргэ атыылыа этилэр.Кыра цех переработки оцорорго Туох тиийбэтий.Сурэх бэлэс ой эбэтэр харчы.МСХ харчы бо5отун айбардыыр.Таах.Уут ас эт балык цехтарын оцорорго ой тиийбэт.Дьоццо утуону оцорор диэни билбэт тойоттор.Хата тоттору ыьан сиэн еврохотон еврокорова буолан буппутэ.