Курс валют
$
106.19
0.99
112.02
0.78
Курс валют
Курс валют
$
106.19
0.99
112.02
0.78
Меню
Поиск по сайту

САХА ТЫЛЫН, ЛИТЕРАТУРАТЫН УОННА КУЛТУУРАТЫН УЧУУТАЛЛАРЫН II-С ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ СИЙИЭҺЭ

01.11.2022 14:43 1
САХА ТЫЛЫН, ЛИТЕРАТУРАТЫН УОННА КУЛТУУРАТЫН УЧУУТАЛЛАРЫН II-С ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТЭЭҔИ СИЙИЭҺЭ

Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390с., Саха АССР тэриллибитэ 100, саха тылын үөрэтии саҕаламмыта 100 сылларын көрсө бу дьыл сэтинньи 23-24 күннэригэр саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II-с өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһэ ыытыллара былааннанар.

Төрөөбүт тыл уонна литература  учууталларын II-с сийиэһин  көрсө  элбэх кэпсэтиһии, чопчулаһыы, сүрүн соруктары торумнааһын буола турар. Сийиэсчэрчитинэн ыытыллар сүрүн тэрээһиннэри С.Н.Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр  үнүстүүт  иилиир-саҕалыыр, сүрүннүүр тэрилтэ быһыытынан ананна.  

2017 сыллаахха ыытыллыбыт саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын I-кыөрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бары улууһуттан, Дьокуускай куораттан 550 дэлэгээт уонна 49 ыалдьыт кыттыыны ылбыта. I-кы сийиэскэ пленарнай мунньах, араас суолталаах тиэмэни таарыйар төгүрүк остуол уонна саха тылын, уонна литературатын, култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин бырайыактыыр үлэ хас да хайысханан тэриллибитэ. Сийиэс дэлэгээттэрэ саха тылын, литературатын уонна култууратын үүнэр көлүөнэбитигэр, кэлэр кэскилбитигэр тиэрдэр, сайыннарар туһугар этиилэрэ туһааннаах тэрилтэлэргэ тиэрдибит этиилэрэ төһө олоххо киирбитин чинчийэн, үөрэтэн баран ол түмүгүнэн кэпсэтиһии буолара ирдэнэр.

I-кы сийиэс кэнниттэн үөрэтии-иитии эйгэтигэр үгүс уларыйыы таҕыста. Быйылгы дьылга диэри тирэх быһыытынан туттуллубут Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үөрэҕин судаарыстыбаннай ыстандаартыгар уларытыылар киирдилэр. Онно этиллэринэн, Арассыыйа норуоттарын төрөөбүт тылларын, нуучча тылын судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтиини кытта тэҥҥэ, күүскэ уонна толору үөрэтии туһунан этиллэр. Саха тылын учууталын быраабын туһунан,   билиҥҥи үөрэх тиһигэр кини оруола, саха тыла уонна кэбиниэтэ, саҥа кэм ирдэбилигэр эппиэттиир сахалыы учуобунньуктар, орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар саха тылын, уонна литературатын,култууратын үөрэтии, оскуолаҕа киирэ илик саастаах оҕону төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии туһунан, төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ төрөппүт  оруолун туһунан; куорат эйгэтигэр саха тылын үөрэтии кыһалҕатын уонна инникитин туһунан, саха тылын, литературатын, кэпсэтии тылын олимпиадатын туһунан, онтон да атын  тыын боппуруостар, тоҕоостоох тиэмэлэргэ төгүрүк остуоллар,  санаа атастаһыылар ыытыллыахтара, иһитиннэриилэр буолуохтара, быыстапкалар тэриллиэхтэрэ.

Кэлэр 2023 сыл Арассыыйа Бэрэсидьиэниныйааҕынан дойду үрдүнэн Педагог уоннанастаабынньык сылынан биллэриллибитинэн Сахасиригэр төрөөбүт тылынан үөрэтиигэиитиигэ, сахатылын сайыннарыыга сыһыаннаах тэрилтэлэриситимнээх үлэҕэ киллэриигэ, саха тылын үөрэтэручуутал ыстаатыһын үрдэтиигэ кэскиллээх чопчуэтиилэри түмэн, буолаары турар сийиэс үлэтэ буэтиллибит хайысхаларынан, таарыллар тиэмэлэринэн, ыытыллар төгүрүк остуолларынан түмүктээх, таһаарыылаах буоларыгар быһаарыныылааххамсааһыннар оҥоһуллан, дириҥ ис хоһоонноох санааатастаһыылара тахсан, кэлэр III-с сийиэс үлэтинбылаана онно тирэнэн торумнаныах тустаах.

***

    Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт уопсастыбаннаьы кытта сибээһин салаата

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. учитель

    айуу-айа, почему коверкают заимствованные слова с русского языка, очень сложно воспринимаются, читаются и произносятся.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»