84 саастаах Анна Дьячковская отоннуу сылдьан тыатааҕыны көрсүбүт
Горнай улууһугар Аһыма олохтооҕо Дьячковская Анна Ивановна соторутааҕыа отоннуу сылдьан ” кырдьаҕаһы” көрсүбүт. 84 саастаах эмээхсин уолуйбкка, куоппакка тэбис- тэҥҥэ хаһыытаатаҕына утары хаһыытаан, часкыйдаҕына утары часкыйан олус хорсуннук көрсүбүт. “Бу абааһы сиирэ буолла”, – диэн таҥаһыттан былаатын “бэлиэ” буоллун диэн окко-маска баайталаабыт.
“Сиэппэр сэрэнэммин үс хаһыаты, икки испиискэни укта сылдьыбытым абыраата”, – диэн кэпсээбит. Уот уматан кырдьаҕаһы кыйдаабыт. “Биэс эрэ биэдэрэ отону хомуйдум, сатана эһэтэ көҥөммөтөҕө буоллар өссө үргүөм этэ”, – диэн дьонугар кэпсээбит.
Анна Ивановна эдэр сылдьан бултуур эбит, кырдьаҕаһы да бултаспытым диэн кэпсээбит.
***
Социальнай ситимтэн.
Оставить комментарий