В ДДН им. А.Е. Кулаковского прошли мероприятия в день рождения основоположника якутской литературы
Старт мероприятиям дала патриотическая акция «Свет Кулаковского» (Өксөкүлээх сардаҥата). В 10 часов по всей республике зажглась свеча, символизирующая идеи и пророческие взгляды Кулаковского, которые могут просветить каждого человека, осветить его путь, обогатить духовную культуру. Акция инициирована библиотекой-архивом первого президента Якутии М.Е. Николаева и Сетью Президентских школ.
Также в Доме дружбы народов был презентован новый бюст Кулаковского. Автор Слепцов Прокопий Гаврилович, скульптор, заслуженный деятель искусств Республики Саха (Якутия), соавтор рельефов вхождения Якутии в состав России, памятника Учителю, мемориала «Солдат Туймаады», автор бюста Г.П. Башарину, участник конкурсов на создание различных памятников.
Кроме того, сотрудники ДДН им. А.Е. Кулаковского во главе с генеральным директором Антонидой Корякиной возложили цветы к памятнику Кулаковскому на площади Дружбы г.Якутска. В церемонии также приняли участие внучка писателя, заслуженный работник культуры РФ и РС(Я) Раиса Кулаковская, сотрудники Института А.Е. Кулаковского СВФУ им. М.К. Аммосова, народные депутаты, землячество «Таатта Түмсүү», Союз писателей Якутии, деятели культуры, науки и др.
А я хочу, чтобы памятник ухаживали и цветы преподносили, дорожка постетилась ПОСТОЯННО, а не для того, чтобы сфоткаться.
А мы сами не праздновали дни рождения давно ушедших людей, а понимали суть приозведений и воплотили в жизнь ими написанные, могли пользоваться ВЕЛИКИМИ ЗНАНИЯМИ ПРЕДКОВ, как ПУТЕВОДНОЙ ЗВЕЗДОЙ . Думаю для этого он использовал свое образование и обходил, объездил весь КРАЙ. Это, извините меня, не всем дано и не каждый бы смог, если даже имел в ТО ВРЕМЯ образование.
Но то, что он обучился в свое время с детьми богатых и окончил реальное училище, будучи инародцем и бедным, испытывая на себе все унижения учителей того времени,ОТЛИЧНО ( с отличием окончили училище в том году Он и еще какой-то ребенок из богатой семьи) полностью владея двумя языками -это, наверное, АЙЫЛЛЫЫ. Вот поэтому мальчишки наши должны, просто обязаны, учиться в наше время только на отлично, а мужчины научиться МЫСЛИТЬ, хотя бы разбираться в своем ВРЕМЕНИ, СЕГОДНЯ.
произведений …. диэн көннөрүөххэ.
ПостеЛилась диэн эмиэ көннөрүөххэ, алҕас.
Үрдүк халлаан үктэллээх,
Үүс аас бэйэлээх
Үрүҥ Аар Тойон[15]
Үрүҥ күнү үөскэтэригэр,
Аралы халлаан алаһалаах,
Аһыныылаах санаалаах
Айыы Тойон[16] аҕабыт
Аан дайдыны айарыгар
Аата-ахсаана таайыллыбат,
Кэмэ-кэрдиитэ биллибэт,
Дьүүлэ-дьүһүнэ көстүбэт
Тус-туһунан уҥуохтаах,
Эҥинэ дьикти бэйэлээх,
Күндү-көйгө дьүһүннээх
Үөнү-көйүүрү,
Көтөрү-сүүрэри,
Тыынар-тыыннааҕы
биистэрин ууһун
Элбэҕи даа тэрийдэ этэ,
Үгүһү даа үөскэттэ этэ,
Алыһы даа айда этэ…
Ону баара
Хор бу —
Иннинэн сирэйдээх,
Эргийэр иэччэхтээх,
Икки атахтаах,
Бокуйар тобуктаах,
Босхо бастаах
Бороҥ урааҥхай обургу [17]
Хара хапсык[18] курдук
Хасты хамыйда,
Кыдьык-кыыбаҕа курдук
Кыайан туран кыдыйда,
Сидьиҥ өлүү көрдүк
Ситэн туран сиэтэ…
“Ойуун түүлэ” быһа тардыы.
Дьэ биһиги мэник-мэнигийээн эр дьоммут былаас үбүлүүр нвк каналынан, хаһыаттарынан сирдэтэн, киһиргэтиллэн,бары булчут буоллах буолан киһиргээн Аҕаларын Дойдутугар ДЬОЛУ ТУОЙАР, ОЛОХСУТАР КӨТӨРДӨРҮН, КЫЫЛЛАРЫН, аҕыйах сыл иһигэр имири эспит бүгүҥҥү ДЬААБЫЛАРЫН Үтүө Дьон Үйэни уҥуордаан өтө көрбүт.
Элбэҕи да суруйдум, эттим тохтотоору эрэнэн, Айылҕа “харыстыбылыгар” 14 төгүл сылдьан букатын үүрүллэн тахсыахпар, куорат, бэйэлэрэ этэллэринэн, уораҕайдарын барытын кэрийдим.
Билигин да хойут буолбатах, ыҥырыҥ. Суруллубуту аахпыт эрэ өйдөөбүт диэн буолбатах, ону өйдүүр туһугар ол айымньылаах киһи өйүн-санаатын таһымыгар тиийэр ирдэнэр.
Айылҕа “харыстабылын” министерствотыттан, икки миниистир хоһун өҥөйбүппүн ааҕан, 14 төгүл сылдьан :” Эн манна лэбээрэ олорума, эбиэт буолла,” – диэн букатын үүрүллэн тахсыахпар дылы, диэн эбиэххэ, көннөрүөххэ.
Бу туһуттан
Босхо бастаах
Бороҥ урааҥхайга
Үҥэр таҥарата өһүргэннэ,
Тойон таҥарата хоргутта
Айыы таҥарата абарда.
Абаран санаата:
«Үрдүк таҥараҥ үөскэппит
Үөнүн-көйүүрүн,
Үтүө-мөкү кыылын
Үлтү кыртыҥ,
Үтэ оҥоһуннуҥ,
Үөскээбэт оҥордуҥ.
Өйгүнэн буоллаҕына —
«Үрүҥ күн анныгар
Үтүөлэрэ мин» диэн
Үтүөмсүйэн үлүннүҥ,
Үгүс үөрэхтэнниҥ,
Үрдүктүк сананныҥ.
Үрүҥ күн үтүөтүн
Үлүмнэһэн туран
Үмүрү тардынныҥ,
Үксээн үөскүүргэр
Үлүһүйэн үөрдүҥ,
Үрүт өттүгэр баары[26]
Өйдүөбэт буоллуҥ…
Ол буоллаҕына —
Үөскүөҥ эрэ буоллар үөскээ.
Өрүһүлтэтэ суох
Үрүт-үрдүгэр
Үйэ аайы үөскүү тур, үксүү тур,
Үтүөҕүн көрүллүө», — диэн
Түстээн[27] көнчүө[28] бырахта.
Дьыраҥ[29] өлүүнэн дьылҕалаата,
Имэҥ[30] өлүүнэн илиннээтэ,
Содур[31] өлүүнэн суоллаата…
Киһи өйдөөбөтө туга баарый?
Ити айымньы сурулларыгар Сир үрдүгэр 1млрд.700 млн. киһи баар буоллаҕына, биир үйэттэн кыратык ордук кэмҥэ 8 млрд. буолан эрэр.
Тугу да өйдөөбөт эрээри, киһи суруйбутун өйдөөтөҕө буолан, туттугут да, Олоҥхону өйдөөбөтөх эрээри, Аан Дойдуга аатырда сатаабыккыт курдук, киэбирэн барымаҥ, Аан Дойдуну баһылыы, дьонтон ордо сүүрүмэҥ. Туох барыта ыйытыктаах, хоруйдаах, ол онто ЫАРАХАН. Сэрэппэккэ сиэттэ диэйиккит. Нууччаларга баар өс хоһоон курдук: с дураков спроса нет дии санаамаҥ.
Биһиги буоллаҕына көстөөх Дойдуну өксөйөн төрүү-үөскүү мустар, Дойдуга дьолу туойуохтаах көтөрдөрбүтүн үөлэн сиэри билиҥҥэттэн бэлэмнэнии, ол кэннэ ыһыах ыстан, Уокка аһы симэн баран Айыыттан киһилии саҥаран эбии ас көрдүөхпүт.Онтубут букатын да аккаастаммыт эбит биһигиттэн кэлэйэн. Туох буолуой диир инигит бэрт дьон. Айыыһыта аккаастаммыт дьон ӨЙӨ өһүллэр эбит.
Эҥин дьикти кэм эҥин дьикти дьоно дииргэр тиийэҕин.
Өссө төгүл суруйуохха: дьиикэй диэн ааттыыр көтөрбүт-сүүрэрбит, кыылларбыт, Аар Тайҕабыт, Эбэ Хотуттарбыт,Ийэ Сирбит иэнэ – бу барыта ХАРЫСТАНАР ЭЙГЭ.
Ону өйдөөтөҕүнэ, көннөрүннэҕинэ эрэ киһи-аймах өрүһүллэр өрүтүн өҥөйүө эрэ буолбакка, өксөйүө турдаҕа.
ЭРЭНИЭХХЭ.
ААН АЛАХЧЫН.
Кэтэһиэҕим күндү киһим
Кэлэн ааһар буоларын.
Кэрии тыабар Эйиэхэ
Кэҕэ этэн чоргуйуо,
Күөхтүүр хонуу сыһыыбар
Күөрэгэйим көрүлүө,
Күөлүм дьэҥкир Уутугар
Куһум-хааһым айманан
Күлүктэрин көрүнүө,
Баардаах Хара Тыаларбар
Баараҕайа кыылларым
Барар сиргин маныаҕа.
Кинилэргэ кыһаллан,
Кыраларын харайсан
Олохторгун олордоргун,
Оҕолоргун кинилэр
Тапталларын ырыатынан,
Олох Илгэ Тыынынан,
Иэйии сылаас илиитинэн
Кууһа тутан ылыахтара.
Харыйалаах кыыһа.
Айылҕаҕа атыннык сылдьа үөрэниҥ: дьиктиргии, билэ-көрө,иһиллии,хайгыы, махтана, хомуна-ньиминэ, чуумпутук, таптаан, Айылҕалыын Тыыҥҥын холбуу, сүргүтүн сүүрүгүрдэ үөрэниҥ.
Биһиги оҕолорбутун кууһар тугу эмит хааллараахтыырбыт дуу?
Күтэр көөбүлүн курдук эрэ хаалларан “үөрэдэрбит” дуу?
” үөрдэрбит”