Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Курс валют
Курс валют
$
107.18
0.57
112.8
1.51
Меню
Поиск по сайту

«ТЫГЫН ДАРХАН»: КУЙАХ, КЫЛЫС УОННА ЫҤЫЫР

05.11.2020 13:54 3
«ТЫГЫН ДАРХАН»: КУЙАХ, КЫЛЫС УОННА ЫҤЫЫР

Сэтинньи 4 күнүттэн Саха сирин киинэ тыйаатырдарын экраныгар саха норуодунай су­ру­йааччыта Василий Семенович Яковлев–Далан «Тыгын Дархан» романынан уһуллубут киинэ көстөн эрэр. Бу түгэни саха дьоно күүттэ, кэтэстэ аҕай. Эмиэ да бутуурдаах, эмиэ да өрөгөйдөөх 1993 сыллаахха тахсыбыт бу айымньыны бэйэтин дьиҥнээх сахабын дэнэр хас биирдии киһи барыта аахпыта чахчы. Далан бу романыгар түҥ былыр, саха саха эрдэҕинэ, туора дойду туос уллуҥахтаахтара, тас дойду таас уллуҥахтаахтара ааҥнаан кэлэн, аҕа, ийэ уустарынан быданан олорор урааҥхай саха омук олоҕун отуорун атыйахтаах уулуу аймыахтарын өтө көрөн, со­рохторун өйүнэн-санаатынан баһыйан, сорох­торун күүһүнэн-уоҕунан бүк баттаан биир сомоҕо гынан түмэ, Улуу Или тэрийэ, бар дьонун төлкөтүн саҥа таһымҥа таһаара сатаабыт сүдү киһи Тыгын Дархан уобараһын айбыта. Билиҥҥи төрүт үгэс, өбүгэ сиэрэ-майгыта, үйэлэргэ үөскээ­бит олохпут укулаата күөрэ-лаҥкы баран эрэр глобализация кэмигэр саха омук түҥ былыргы историятын, олоҕун, култууратын сэргэ, Тыгын Дархан уһун-киэҥ толкуйун, модун дьулҕанын кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдии улахан суолталааҕын ааһан кэм-кэрдии ирдэбилэ. Онуоха биир саамай улахан төһүүнэн история хайысхалаах уус-уран киинэ буолар.


Биһиги бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэ­тин култуура уонна искусство эйгэтигэр бөдөҥ бырайыагын «Тыгын Дархан» уус-уран киинэни олоххо киллэрбит режиссер Ни­ки­та Аржаков хамаандатын, суруйааччыла­ры, политиктары, историктары кытары си­бээстэһэн бу айымньы уонна киинэни устуу, оруоллары толоруу туһунан санааларын түм­түбүт.

Никита Аржаков, СӨ искусствотын үтүөлээх деятела, киинэ режиссера:
– Далан романа саха хааннаах билигин аныгы олох тоҕо анньан киирэр эрэр кэмигэр дьоҥҥо сүдү улахан, дириҥ суолталаах, ди­риҥ өйдө­бүллээх айымньы буолар. Маннык айым­ньыны киинэ оҥорон көрдөрүү, экраҥҥа та­һаа­рыы улахан ыарахаттардаах, уустуктардаах. Нууч­ча классикатын ылан көрдөххө, холобур, Лев Тол­стой «Сэрии уонна эйэ» диэн эпопея романын, Достоевскай айымньыларын экранизациялааһы­ны уо.д.а. айымньылары улахан маастардар оҥор­буттара. Ол эрээри сорохтор экранизация диэни төрүт билиммэттэр – литература диэн литература, киинэ диэн киинэ дииллэр…

Далан бу романы дойдуга олох тосту уларыйыы кэмигэр, 1990-с сылларга, ааспыты көрүү уларыйар-тэлэрийэр, өй-санаа күүрэр, сахалар сахабыт дэнэ сылдьар кэрдииспитигэр суруйдаҕа дии. Оттон киинэ XXI үйэ саҥатыгар, оҕолорбут тылбытын-өспүтүн умнан эрэр кэмнэригэр уһуллубута эмиэ улахан суолталаах дии саныыбын. Аныгы дьон ааҕар бириэмэтэ да суох курдук, ол да иһин маннык аныгы үйэ ньымаларынан бу курдук улахан уонна дириҥ суолталаах, сахалыы куппутун-сүрбүтүн уһугун­нарар айымньылары тиэрдэр буоллахпыт. Онон киинэ ыччаппыт атын омуктары кытары тэҥҥэ кэпсэтэригэр тирэх буоллун, сахалыы тыын­нара уһугуннун диэн санааттан уһулунна. Бу киинэ устуутугар быстахтык да кыттыбыт уону­нан тыһыынча киһи сахалыы тыыннара уһук­тубут, төрүт хааннара оонньообут, ийэ куттара уһуктубут буолуохтаах. Оттон артыыстар, кии­нэни устааччылар тустарынан этэ да барбаккын. Өбү­гэлэрбит тыыннарын иҥэринэн дьиҥ саха­лыы куп­пут арыллан адьас атын өйдөөх-санаа­лаах дьон буоллубут. Аны дьиктитэ диэн айылҕабыт кытары өйөбүл-тирэх буолар, өбүгэлэрбит бэлиэ ыытар курдуктар. Ханна уста тиийэбит даҕаны биһигини хаҥаластар Ийэ кыыллара хотой арыал­лыы сы­рытта. Урут хаһан да көрбөтөх сирдэригэр хайдах манна хотой баар буолан хаалла диэн олохтоохтор сөҕөллөр эрэ.

Мин санаабар, хас биирдии норуот маннык история хайысхалаах киинэлэрдээх буолуохтаах. Ол кинилэр глобализиция кэмигэр омук быһыытынан сүтэн-симэлийэн хаалбаттарыгар улаханнык көмөлөһүөх этэ. Омук историята, былыргыта, үйэттэн үйэҕэ бэриллэн кэлбит үгэһэ, этэргэ дылы, эрчим биэрэ сылдьар аккумуляторынан буолар. Ону дьон-сэргэ да өйдүүр, ол иһин өйүүр. Бу киинэ уһуллуутугар уонунан тыһыынча киһи баҕа өттүнэн кытынна, көмө-тирэх буолла. Биллэн турар романы барытын киинэҕэ уган кэбиһэр сүрдээх уустук, ыарахан. Ол да буоллар киинэни оҥорууга Далан айымньытыгар ыйбыт хайысхаларын, иҥэрбит санааларын арыйар, тиэрдэр курдук үлэ барда. Устуубутун таҥан, оҥорон бүтэрбиппит кэннэ киинэбит икки сериялаах буолан таҕыста. Биирдии серията чаас уон биэстии мүнүүтэ курдук буолла. Көрбүт дьон уһун дии санаабатыбыт, биир тыынынан көрөн кэбистибит дииллэр.

Юрий Бережнев, СӨ искусствотын үтүөлээх деятела, туруорааччы оператор:
– Элбэх киһилээх маассабай устууга саамай уустуга тэрээһинэ буолар. Бастатан туран, уһуллар миэстэтин булуохха наада. Чугаһынан тыытыллыбатах, чөл сирдэр хаалбатахтар. Үксүн аныгы тутуулар, күрүө-хаһаа, алаастарбытын, сыһыыларбытын уһаты-туора сүүрбүт суол-иис мэһэй буолаллар. Элбэх киһини оннук сиргэ табыгастаахтык тарҕатан туруоруу, хамсыыр хайысхаларын быһаарыы уустуктардаах. Иккиһинэн, сүүһүнэн киһини хамсатыыга наһаа элбэх бириэмэ барар. Дьэ итинник устууларга туруорааччы оператор сүрүн сыала-соруга – кылгас кэмҥэ, күн чээрэтигэр, төһө кыалларынан аҕыйах хамсаныынан элбэх кадры устуу. Ол иһин элбэх камеранан тэҥҥэ устар табыгастаах.

Төһөнөн элбэх кадры устаҕын да, кэлин киинэни таҥаргар ордук буолар. Историческай киинэ сүрүн уустуктара – былыргы тутуулары үтүгүннэрии, оччотооҕу таҥастары тигии, чөлүгэр түһэрии. Ону таһынан, декорациялары табыгастаахтык туттан, ол декорациялар истэригэр, тастарыгар былыргы таҥастаах артыыстары адьас үчүгэй көстүү­лээх өттүттэн устуу эмиэ элбэх сыраны-сылбаны, сатабылы эрэйэр.

«Тыгын Дархан» киинэни устууга туох баар кыһамньыбытын, сатабылбытын ууран туран үлэ­лээтибит. Оттон ол хайдах тахсыбытын көрөөч­чүлэр сыаналыахтара.

Ньургун Бэчигэн, Тыгын Дархан оруолун толо­рооччу:

– Мин «Тыгын Дархан» романы уонтан тахса сыллааҕыта оттуу сылдьан, үүтээҥҥэ сытан аахпытым. Онно өйбөр-санаабар билиҥҥим кур­дук дириҥник иҥэриммэтэҕим эрээри, олохпор тосту уларыйыылар буолар кэмнэригэр ити кинигэни туппутум. Онтон 2016 сыллаахха «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаан­ньаҕа үлэлии сылдьан, «Тыгын Дархан» киинэ уһуллуутун туһунан пресс-конференцияҕа Бэчээт Дьиэтигэр тиийэммин Никита Иннокентьевичтан уонна иккис режиссер Александр Лукинтан интервью ылбытым. Дьэ уонна ис-испиттэн бу киинэ уһуллуутугар кыттыбыт киһи диэн баҕа санаа төлөнө умайбыта. Хайдах эрэ гынан көмөлөспүт, боотур таҥаһын кэтэн массовкаҕа кыттыбыт киһи дии санаабытым. Кинигэбин булан хос аахпытынан барбытым. Ол сылдьан Москваҕа барар буоллум. Онно Далан «Тыгын Дархан» кинигэтин илдьэ бардым. Самолекка киирэрбэр Дмитрий Шадрины көрүстүм, оччолорго кини ити киинэни устууга сүүрэ-көтө сылдьар кэмэ. Ону дьиибэргии санаатым. Суумкабар укта сылдьар «Тыгын Дархан» кинигэм киинэтин устар «Сахафильм» дириэктэрин көрсө түстэҕим дии.

Москваҕа тиийэммин соҕотоҕун онно-манна ба-рыахпын салламмын үс-түөрт күн кинигэбин ааҕа-ааҕа сыттым. Онтон маннык сүдү өбүгэлэрдээх киһи тоҕо биир хоско бүгэн сытыахтаахпыный диэммин тахсан дьонтон ону-маны ыйыталаһан, ыйдаран, кэпсэтэн киирэн бардым. Хайдах эрэ бэйэбэр наһаа эрэллээхтик, дьоһун баҕайытык туттар-хаптар, кэпсэтэр-ипсэтэр буолан хааллым. Дьон бары ытыктабыллаах, эйэҕэс баҕайытык сыһыаннаһар. Ону, баҕар, куорат киинигэр маннык буолуо диэммин аны кытыы оройуоннарга сылдьыталаатым. Онно да син биир эйэҕэс баҕайытык кэпсэтэллэр. Онон «Тыгын Дархан» роман миэхэ бэйэбин эрэллээх­тик сананарбар, бөҕө силистээхпин-мутуктаах­пын итэҕэйэрбэр көмөлөспүтэ. Онтон ыла туохтан эрэ санаарҕаатахпына, санаабын көтөҕөөрү гын­нахпына, куппун-сүрбүн бөҕөргөтөөрү бу романы ааҕар буолбутум.

Оччолорго Тыгын Дархан оруолун толоруом диэн өйбөр да оҕустарбат этим. Тыгын Дархан сүрдээх оҕуруктаах өйдөөх, кытаанах, хабыр майгылаах киһи буоллаҕа дии. Аатынан-суолунан баһыйан, өркөн өйүнэн сүүйэн, тылын-өһүн иһитиннэрэн иннилэрин ылбатах дьонун күүс өттүнэн хам баттаан Или тэрийэ сатаабыт баһылык. Үйэтэ, кэмэ-кэрдиитэ да оннук буоллаҕа, Или тэрийэргэ сэ­рии­тэ суох сатаммаккын диэн санаалаах. Ыал аҕа­тын быһыытынан дьиэ кэргэнигэр сыһыана адьас атын, киһилии киһи. Оттон дьоҥҥо таҕыстаҕына төрүт атын тириини кэтэр. Абаҕатынаан Одуну Ойууннуун кэпсэтэрэ эмиэ атын. Ньырбачаанныын сыһыана олус үчүгэй дии саныыбын. Мин ордук ити абаҕатынаан кэпсэтиитин, ыччаттарыгар кэс тылын этэрин хос-хос ааҕабын. Бэйэм хайдах эрэ Кэрэмэһэ баара буоллар диэн саныыбын. Кэрэмэс баара буоллар, тугу эрэ гыныахтара, кыайыахтара эбитэ буолуо… Кинини өйүүр, кини курдук саныыр киһи баара буоллар, тоҕо оччолорго саха дьонугар биир да киниэхэ тирэх буолар, көмөлөһөр киһи көстүбэтэҕэ эбитэй…

Билигин бэйэм кэтэх тардыстан сытан хайдах эрэ адьас атыннык, дириҥник ырыҥалаан са­ныыр, өйдүү сатыыр буолан хааллым. Дьиҥэр Далан Ты­гын Дархан уобараһын айарыгар бэйэтин өйүн-санаатын, көрүүлэрин, төрөөбүт дойдутун тап­тыырын, кининэн киэн туттарын, көҥүллүк тыы­ныан баҕарарын барытын киллэрдэҕэ. Миэхэ, эмиэ дойдум диэн баран муннукка ытаабыт киһиэхэ, ол барыта олус чугас, истиҥ. Бу оруолга бигэргэппиттэрин кэннэ кинигэни хос-хос ааҕа-ааҕа ырыҥалыыр, «Тоҕо итинник гынна?», «Туох санааттан?» диэн толкуйдуур уонна түмүк оҥоро сатыыр буолбутум. Тыгын Дарханы баһылыыр-көһүлүүр эрэ туһугар сэриинэн ииригирбит киһи курдук буолбакка, ыччаттарын кэскиллэрин ту­һугар турууласпыт киһи быһыытынан көрдөрөргө дьу­луспуппут түмүгэр итинник оруол тахсан кэллэ.

Тыгын сааһырбыт, түспэтийбит киһи буоллаҕа дии. Киниэхэ холуйдахха, мин быдан эдэрбин. Онон сааһырбыт, түспэтийбит киһи уобараһын толоруу, тириэрдии сүрдээх ыарахан этэ. Тустаах эпизодтары устууга оруолбар киирэрбэр олохпор буолбут түгэннэри: үөрбүт-көппүт, хомойбут, са­нааҕа ылларбыт кэмнэрбин барытын хостоон аҕалан, эргитэн биэрэн, көрдөрө сатаабытым.

Бу киинэни көрөн баран саха дьоно түмсүүлээх, биир сомоҕо буолуохтарын баҕарабын. «Короля делает свита» диэн этии баар дии, биһиги, сахалар, норуоттарын туһугар туруулаһар дьоммут тула түмсүөх, биир сомоҕо буолуох тустаахпыт.

Ирина Никифорова, СӨ үтүөлээх артыыһа, Аабый Дархан оруолун толорооччу:

– Саха норуотугар улахан суолталаах, бэйэбитин омук быһыытынан билиниибитигэр хамсааһыны оҥоруохтаах киинэ тахсан эрэр дии саныыбын. Киинэ уһуллуутугар өйдөрүн-санааларын, билии­лэрин-көрүүлэрин, бары сатабылларын анаа­быт, дууһаларын ууран үлэлэспит дьоммуту­гар махтанабын. Далан маннык сүдү айымньыны суруйан хаалларбатаҕа буоллар бу киинэ суох буолуо этэ. Киинэ режиссера Никита Аржаков бэйэтин ураты көрүүтүнэн уус-уран киинэни устан сахатын норуотугар улахан бэлэх оҥордо. От­тон киинэ уһуллуута туох да мэһэйэ, тардылыга суох барарын туһугар Далан үөрэнээччитэ, киинэ дириэктэрэ Вера Филиппова элбэх сыратын биэр­дэ. Былыргы дьон таҥаһын-сабын тигиигэ киинэ худуоһунньуга Дария Дмитриева уран тарбахтаах хамаандата үлэлээтэ, барыта үс тыһыынчаттан тахса көстүүм тигилиннэ. Оттон киинэ хатыламмат декорациятын, ураһалары, былыргы араас тутуулары Петр Бояркин хамаандата олус үчүгэйдик оҥорон чахчы оччотооҕу кэмҥэ тиийбит курдук сананаҕын. Юрий Бережнев салайааччылаах оператордар чахчы Голливуд таһымнаах үлэлэрин олус үрдүктүк сыаналыыбын.

Сахабыт сирин саамай кэрэ, киһини абылыыр миэстэлэрэ бу киинэҕэ көстөллөр. Киинэ уһул­луутугар тыһыынчанан саха дьоно чахчы ту­рунан, ис сүрэхтэриттэн кытыннылар, онтон киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэр. Барыта уонтан тах­са тыһыынча киһи маассабай сыанаҕа кытын­на. Өбү­гэлэрбит араас тэриллэрин, сэптэрин-сэбир­гэллэрин оҥорууга Сахабыт сирин үгүс мындыр уустара, уран тарбахтаахтара үлэлэстилэр. Бу кии­нэ үүнэр көлүөнэбитигэр, кэнэҕэски ыччаппыты­гар саха норуотун дириҥ историятын, культуратын, этнографиятын, олоҕун-дьаһаҕын, үйэлээх үгэс­тэрин көрдөрөр ураты суолталаах.

Киинэ устуутугар кыттыбыт, оруоллары толорбут дьоҥҥо ханна эрэ куттарын түгэҕэр, истэрин киэлитигэр утуйа сыппыт сахаларын хаана уһуктар, оонньуур эбит. Мин Саха тыйаатырыгар режис­сер Сергей Потапов Иван Гоголев айымньыты­нан туруорбут «Дыгын Дархан» испэктээкилин туруорбутугар Аан Далбар оруолун оонньообу­тум. Оттон Далан романынан уһуллубут киинэҕэ Аабый Дархан оруолун толордум. Ааптардар киинэҕэ уһулларбар саха түҥ былыргы историятын кытта ордук чугастык алтыстым, ис турукпунан ол кэмҥэ таба тайанным, кини тыынын ыллым. Ол миэхэ, аныгы киһиэхэ, бастаан, кырдьык, олус уустук уонна соһуччу этэ. Ол эрээри кэлин иһигэр киирбитим, санаам сааһыламмыта, туругум тупсубута. Аабый Дархан киэҥи ырыҥалыыр, инникини өтө көрөр сүдү кэргэнин санаатын уйар, кинини кынаттыыр уобарас. Оҕолорун хас биирдиилэрин дьылҕатыгар ис сүрэҕиттэн ыалдьар, ол эрээри ону уларытар кыаҕа суох саха дьахтарын уобараһын арыйарга ылсыһыым миигин бэйэбин эмиэ киһи быһыытынан уларытта, олоҕу атыннык көрөргө үөрэттэ дии саныыбын.

Наталья Харлампьева, норуот поэта, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ:

– Саха норуодунай суруйааччыта Василий Семенович Яковлев–Далан «Тыгын Дархан» ро­ма­­нынан киинэ экраҥҥа таҕыста. Далан айым­ньытыгар биһиги норуоппут фольклоругар, но­мохторугар баар Тыгын Дархан киһи, личность быһыытынан тугу турууласпытын, туох туһугар олорбутун итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ. Тыгын Дархантан ураты тумус туттар личноспыт былыргы историябытыгар баара да соччо биллибэт. Далан романа нууччалар бу сиргэ тиксиэхтэрин иннинэ саха дьонун олорбут олохторун энциклопедията диэтэххэ сыыспаппыт буолуо. Кини бу айым­ньытыгар өбүгэлэрбит ураты мындырдарын, хай­дахтаах курдук уустарын, сатабыллаахтарын, олох­торун оҥостууларын ымпыгын-чымпыгын, сиэр­­дэрин, итэҕэллэрин, аан дойдуну анаарар, си­ри-хал­лааны ситимниир сытыы өйдөрүн көрдөрбүтэ.

Омук бэйэтин омук быһыытынан билинэригэр түҥ былыргы история уобарастара, символлара олус улахан суолталаахтар. Саха сахатын ытыкта­на­рыгар олук уурбут романы ол да иһин биһи­ги баста­кы президеммыт Михаил Николаев күүс­кэ өйөөбүтэ. Кини Василий Семеновичка норуот су­руйааччытын үрдүк аатын уонна Ойуунускай ааты­нан судаарыстыбаннай бириэмийэни бэр­дэрбитэ. Ити быстах быһаарыныы буолбатах. Омук сайдыыта кини бэйэтин аан дойду эйгэтигэр хай­дах ылынарыттан тутулуктаах, ол ааспыт кэмҥэ бэйэтин билинэр, дьаһанар кыахтаах, бөлүһүөктүү өйдөөх-санаалаах буоларын итэҕэйдэҕинэ биирдэ үрдүүр. Санаан көрүҥ, Алексей Толстой «Петр I» уонна Лев Толстой «Сэрии уонна эйэ» романнарын. Ити нуучча норуота бэйэтин тирэҕин ирдэнэр, мунан ылар быыһык кэмнэригэр суруллубут айымньылар, онон суолталара сүдү этэ. Критика да баара, киирсии да баара, того диэтэххэ, хайа баҕарар омук бэйэтин историятын олус чугастык ылынар, хас биирдии киһи сүрэҕин нөҥүө аһарар, өбүгэлэригэр төннөр.

Биһиэхэ да оннук. Ол иһин бу талааннаах режиссер (хорсун киһи диэн этэр наада!) Никита Аржаков уһулбут үлэтэ – саха дьонугар олус чугас, хас биирдии киһи тус бэйэтигэр сыһыаннаахтык ылынар киинэтэ. Манна бу киинэ уһуллуохтааҕын өйдөөбүт, үбүн-харчытын быһаарбыт ол саҕанааҕы өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Егор Борисовы ахтан аһыах кэриҥнээхпит. Глобализация омук быһыытынан уратыбытын суурайан, мэҥиэстээри сабардаан турар кэмигэр маннык киинэ уһуллара хайаан да наада этэ! Төһө да бэйэлээх ороскуоту көрсөн туран. Киинэ бэйэбит омук быһыытынан бөҕөхсүйэрбитигэр, көхсүбүтүгэр дьонноох-сэргэ­лээх, силистээх-мутуктаах буоларбытын өссө төгүл өйдүүрбүтүгэр олус улахан суолталаах. Киинэ сүрүн концепциятын мин ити курдук ылынабын.

Уонна бу биэс сыл уһуллубут киинэҕэ саха норуота түмсэн, ити үлүгэрдээх элбэх киһи кыттар батальнай сыаналарыгар Ньурба, Амма, Чурапчы дьоно-сэргэтэ турунан, ох курдук оҥостон, таҥас таҥнан, сылгы хомуйан, былыргы саха киэбин кэтэн, тымныыны, куйааһы аахсыбакка, дьиҥнээхтик ылсан уһуллубуттара. Мин тус бэйэм сиэмминээн Үс Хатыҥҥа буолбут ыһыах массовкатыгар кыттан, астыныыны, дуоһуйууну ылбытым. Ити түмсүү, ити турунуу норуот бэйэтин билиниитигэр эмиэ ураты оруоллаах. Бу киинэ массовкатыгар кыттыы үгүс саханы төрдүн-ууһун хасыһарга, билэргэ санаа укпут, омугун дьылҕатын туһунан толкуйдуурга угуйбут буолуон сөп.

Уус-уран айымньы – кинигэ буоллун, киинэ буоллун, киһи ис кутун таарыйар, кини олоҕу көрүүтүгэр, олоҕун оҥосторугар дьайар аналлаах. «Тыгын Дархан» киинэ саха киһитин долгуттун, соһуттун, хаанын хамсаттын, былыргыны бүгүҥҥү күнү кытта ситимнии саныырыгар кыах биэрдин! Ол буолар бу киинэ дьоһун соруга, ситиһиитэ.

Гаврил Андросов, «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ:

– «Тыгын Дархан» роман уонна бу айымньыга олоҕуран уһуллубут киинэ туһунан кэпсэтиэх иннинэ, Тыгын диэн кимин, кини саха омук историятыгар, духуобунай культуратыгар, уопсас­тыбалыы-политикалыы өйүгэр-санаатыгар ханнык кэрдиискэ турарын, туох суолталааҕын чопчулуох тустаахпыт.

Сахаларга «Тыгын саҕанааҕы» уонна «Тыгын үйэтэ» диэн тарҕаммыт этиилэр бааллар уонна туох эмэ эбэтэр ким эмэ урукку кэми, түҥ бы­лыргыны кытта ситимнээҕин чорботон биэрэргэ туттуллаллар. Онно «саха саха эрдэҕинэ» диэн номохторго өрүү ахтыллар өйдөбүлү холбоотоххо, бу кэм Саха сирэ уонна сахалар бэйэлэрин бастарын бэйэлэрэ бас билинэн, урукку үгэстэринэн олорор, Нуучча судаарыстыбатыгар холбоһо, олох-дьа­һах, өй-санаа эйгэтигэр Европалыы майгы киирэ, христианствоны, арҕааҥҥы цивилизациялар үөрэх­тэрин ылына илик кэрдиистэрин кэрэһилиир.

Саха фольклорун, мифологиятын хаһыстахха, Тыгын иннинээҕи кэрдиис кэм кини өбүгэтэ, саха омугу төрүттээччи Эр соҕотох Эллэй Боотуру кытта ситимнээх. Эллэй Боотур – сахалар Өлүөнэ орто сүүрүгэр көһөн кэлиилэрин уонна кыраман былыргы соҕуруу дойдуларын, оччотооҕу циви­лизацияны, культураны, итэҕэли көрдөрөр, өссө аһары бардахха, олоҥхо уонна дьиҥнээх олох кирбиилэрин торумнуур бэлиэ личность. Оттон саха омук Нуучча судаарыстыбатын чэрчитинэн, Европалыы киэпкэ олоҕуран автономиялаах өрөспүүбүлүкэ тэринэн, экономика уонна культура эйгэлэригэр тосту уларыйан, аныгы сахалыы сурук-бичик, үөрэх-наука, литература-искусство үөскээн барыытын бэлиэ өйдөбүлүгэр ааспыт үйэ саҕаланыытыгар национальнай уонна духуобунай лидер быһыытынан уһаарыллан тахсыбыт Саха АССР бырабыыталыстыбатын бастакы сала­йааччыта, уһулуччулаах суруйааччы уонна бө­дөҥ чинчийээччи Былатыан Ойуунускай аата олохсуйан, силлиһэн, дьыл-хонук аастаҕын ахсын ордук дьэрэличчи тахсан иһэр…

Онон Үс Саха – Олоҥхо саҕанааҕы Эллэй Боо­тур, үһүйээн кэминээҕи Тыгын Дархан уонна уос но­моҕо буолбут Былатыан Ойуунускай омук дьыл­ҕа­тын, историятын, олоҕун-дьаһаҕын кэрдиис кэ­мин үйэлээх бэлиэлэрэ буолаллар. Итиэннэ үһүөн утум-ситим тахсан биир быаҕа баайылла сылдьал­лар: түҥ былыргы ыраахтааҕылар удьуордара Эллэй Боотур сыдьаана – Тыгын, оттон Ойуунускай «Кээрэкээн» айымньытыгар суруйарынан кини өбүгэтэ Кээрэкээн кинээс, Дьохсоҕон ойуун – Тыгыннар уруулара.

Ол да иһин, саха омук олоҕун укулаата тосту уларыйар кэмигэр бу бэлиэ дьон, геройдар дьү­һүлгэннэригэр төннө турабыт. Холобура, 1919 сыллаахха, өрөбөлүүссүйэ өрөгөйдөөн турар, Саха сирин Гражданскай сэрии алдьархайа өссө да улаханнык хаарыйа илик кэмигэр Алампа «Тыгын кырдьаҕас саҕаттан…» диэн тылларынан саҕала­нар «Саха ырыата» диэн хомуһуннаах хоһоону айбытыгар олоҕуран, композитор Адам Скрябин музыка суруйан саха бастакы хорун туруорбута. Бу иччилээх ырыа саха интеллигенциятын, норуот көҥүлүн туһугар турууласпыт бастаанньыстар гимнэрэ буолан, сонордоһууга түбэстэр, төһө да дьүһүн кубулуйдар, 1945 сыллаахха Москваҕа Улуу Кыайыы парадын доҕуһуоллаһан аарыма дойду сүдү өрөгөйүн олохтоспуттаах.

Олох талкытын ааспыт дириҥ өйдөөх суруйаач­чы Василий Яковлев–Далан 1990-с сыллардааҕы былаас уонна идеология, олох-дьаһах уонна сиэр-майгы тосту уларыйыыларын, кинилэр көстөр уонна көстүбэт, үтүө уонна мөкү дэгэттэрин-кырыыларын Тыгын Дархан сүдү уобараһын тула түмэн, саха омук кутун-сүрүн көтөҕөр, кэскилин түстүүр, инники дьылҕатын өтө көрөргө холонор романы суруйбута. Бу история хайысхатыгар аан дойду бастыҥ айымньыларын кэккэтигэр киирэр «Тыгын Дархан» романы режиссер Никита Аржаков уус-уран киинэ оҥорон таһаарыыта саха классикалыы литературатын искусство атын көрүҥэр үйэтитии диэн сыаналыыр сөп эрээри дубук. Бастатан туран, норуот суруйааччыта Далан уус-уран тыл күүһүнэн бар дьонугар бутуурдаах уонна дьалхааннаах кэмҥэ дьиҥ олоххо ылбычча киһи арааран өйдөөбөтүнүү хас эмэ хос гына эриллибит үрүҥ-хара утахтарын сүөрэн биэрэр, быһаарар айымньытын уус-уран киинэ оҥорон таһаарыы, 1990-с сылларга норуот уонна уопсастыба иннигэр турбут кыһалҕалар ситэ быһаарыллыбатахтарын уонна өссө биирдэ саҥалыы хараҕынан көрөр, эрэдьиэстиир ирдэбил үөскээбитин кэрэһилиир. Иккиһинэн, аан дойдуга дойду эбэтэр омук өйө-санаата сиппитин, олоҕун укулаата барҕарар суолга үктэммитин, киэн тут­тунуута улааппытын мэктиэтэ – историятын суолталаах кэрдииһин уонна ол кэм бэлиэ геройун туһунан эпоска, фольклорга эбэтэр уус-уран ли­тератураҕа олоҕуран киинэ оҥорон таһаарар үгэһэ олохсуйда. Холобура, Кытай Чыҥыс Хаан туһу­нан сериала, «Герой», «Мулан» уус-уран хартыынала­ра, бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэртэн Казахстан «Кочевник», бэл, түөрэккэй олохтоох Кыргызстан «Курманжан Датка. Королева гор» киинэлэрэ да ону ырылхайдык кэрэһилииллэр. Онон «Тыгын Дар­хан» киинэни устуу – Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна саха омук киэн туттунуута үрдээбитин туоһута.

Бу киинэ уһуллуутугар режиссер Никита Ар­жаков айар бөлөҕө идеятыттан саҕалаан этно­графияҕа, артыыстары сүүмэрдээһиҥҥэ тиийэ саҥа суолу көрдөөн уус-ураннык дьүһүйүүгэ, ааспыт кэми наука нөҥүө чинчийиигэ, дьону-сэргэни сомоҕолуурга улахан үлэни ыыппытын бэлиэтиибин. Духуобунас, культура уонна искус­ство эйгэтигэр маннык бөдөҥ бырайыактар судаарыстыба, уопсастыба, омук уонна киһи кута-сүрэ бөҕөргүүрүгэр тыын суолталаахтарын, аныгы олох ирдэбилэ да буолалларын умнуо суохтаахпыт.

Афанасий Владимиров, Саха Өрөспүүбүлүкэ­тин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы:

– «Тыгын Дархан» уус-уран киинэни режиссер Никита Аржаков билиҥҥи кэмҥэ уhулбут саамай бастыҥ үлэтин быhыытынан сыаналыыбын. Бу үлэ саха норуотун, кини историятын, культуратын дириҥник ырыҥалаан көрдөрөр иккис киинэ. Киинэ биир сүрүн этэр санаата – киhи уонна айылҕа быстыспат ситимнэрэ. Былыр-былыргыттан аар айылҕалыын алтыhан кэлбит саха дьоно – айылҕа оҕото дэнэр, бу кини олоҕун төрдө, бултуур-алтыыр ыыра, тыыннаах сылдьар төрөөбүт-үөскээбит төрүт түөлбэтэ буолар.
Киhи аймах хайа да кэмҥэ бэйэтин ис мөккүөрүн, утарсыытын уҕарытан туран сомоҕолоhуу суолугар турунар баҕа санаалаах, дьулуурдаах. «Тыгын Дархан» киинэҕэ ити санаа тоhоҕолоон этиллэр. Аан дойду уларыйар, сайдар. Ону батыhан дьон-сэргэ эмиэ, кэм ирдэбилигэр сөп түбэhэр туhуттан, саҥаттан саҥа идэни баhылыыр, туох эрэ уратыны айар, саҕалыыр. Тыгын Дархан олорон ааспыт кэрдиис кэмэ – буолуохтаах уларыйыы кэмин аартыга этэ. Кини Аҕа баhылык быhыытынан ол кэмҥэ бар дьонун санаатын сөптөөхтүк салайбыта, дьаhанан олорбута бу киинэҕэ итэҕэтиилээхтик, киэҥ хабааннаахтык ойууланар, саха омугун түҥ былыргы олоҕун сырдатар.

Андриан Борисов, история наукатын доктора, киинэ консультана:

– Тыгын Дархан – саха дьонугар биллэр историческай личность. XVI үйэ бүтүүтэ, XVII үйэ саҕаланыыта Саха сиригэр сүрдээх улахан, норуот дьылҕатын быһаарар түбэлтэлэр буолан ааспыттара. Бу киинэҕэ дьэ ол күннэр-дьыллар көстөллөр. Ити XVI үйэ бүтүүтэ Саха сирин эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн барытын улахан уларыйыылар таарыйбыттара. Холобур, Арассыыйа (ол саҕана Москуба судаарыстыбата диэн этэ) саҥа сирдэри баһылыыр суолу тутуспута, Кытайга саҥа Цин династията олохтонон дойдуну түмпүтэ, атын да дойдуларга суолталаах событиелар буо­луталаабыттара. Бөдөҥ историк Борис Долгих сабаҕалыырынан, сахалар оччолорго баара-суоҕа сүүрбэччэ, отучча тыһыынча эрэ ахсааннаах норуот эбиппит. Арассыыйа уонна Кытай курдук икки улахан судаарыстыба дьайыылара уонна бүтүн аан дойдуга да буолар уларыйыылар саха норуотун дьылҕатыгар эмиэ сабыдыаллыахтаахтара биллэр.

Саха норуота оччолорго аҕа уустарынан, улуус­тарынан арахсан, эмиэ Евразия атын көс омук­тарын курдук, сүөһүлэрин иитэргэ-аһатарга та­быгастаах сирдэринэн тарҕанан олороро. Сү­рүн күүстэрин, кыһамньыларын сүөһү-сылгы иитии­тигэр уураллара. Ордук баайдар элбэх сүөһү­лээхтэрэ, сылгылаахтара. Оттон ол хайаан даҕаны киэҥ сири хабары ирдиир. Ол биир сиргэ олорор бөлөх дьон, ийэ-аҕа уустарга холбоһон, биир үгэс­тээх, өйдөөх-санаалаах буолаллар. Оннук аҕа уус­тарыттан улуустар үөскүүллэр. Улууһун аҕа ууһуттан улахан, киэҥ ситими хабар тутул буолар. Оччолорго Саха сиригэр биэс-алта улуус баар эбит. Холобур, Хаҥалас улууһа Туймаада уонна Эркээни хочотугар Мунньан Дархан, Тыгын Дархан курдук баһылыктаах тэнийэн олорбут. Илин эҥэргэ эмиэ Хаҥалас улууһун саҕа хас да улуус баар эбит. Холобур, Бороҕон, Мэҥэ, Боотур улуустара. Олор эмиэ эмиэ туспа баһылыктаахтар, бас-көс дьон­нордоохтор. Оччотооҕу улуустартан бас билэр сирин киэҥинэн, киһитин да ахсаанынан саамай улаханнара Боотур уустар. Итинник улуустарынан арахсан олорор көс омуктарыгар хайаан да хан­нык эрэ күүстээх, кыахтаах, улуустары барыла­рын өйүнэн-күүһүнэн түмэн биир киһи тахсыах­таах. Оннук киһини хаан, тайш эбэтэр каган диэн ааттыыллар. Көс омуктарга ити процесс хайаан да буолар эбит.

XVI үйэ бүтүүтэ улахан империялар – Цин эбэтэр Нуучча судаарыстыбата сирдэрин кэҥэ­тэ сатыыр кэмнэрэ. Цин судаарыстыбата би­лиҥҥи Уһук Илини эбэтэр Приморьены ыла са­­тыыр, монголлары сэриилиир эбит. Нуучча су­даа­рыстыбата буоллаҕына арҕааттан өтөн кэлэр. Оннук атын омуктар ааҥнаан кэлэн иһэллэрин туһунан сурах икки улуу судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы норуоттар тарҕанар. Олохтоох биистэр ортолоругар хайдах буолабыт диэн өй-санаа көөнньөн барар. Сахаларга эмиэ оннук санаа үөскүүр. Ол иһин бэйэлэрэ хайдах эрэ түмсэ, туох эрэ хамсаныыны оҥоро сатыыллар. Мин саныах­пар улуус систиэмэтэ итиннэ ордук көмөлөспүт курдук. Ити кэмҥэ, XVI үйэ бүтүүтэ, XVII үйэ са­ҕаланыыта, сахалар сүнньүнэн билиҥҥи киин улуустар сирдэрин хабан олороллоро. Баайдар сылгыларын ахсаана элбээн истэҕин ахсын саҥа мэччирэҥнээх, хаһыылаах сирдэргэ суудайаллара улаатан иһэрэ. Ол түмүгэр улуустар бэйэ-бэйэлэрин кытары атааннаһыылара үөскүүр.

Бу киинэ дьэ ити кэми, оччотооҕу быһыыны-майгыны көрдөрөр. Киинэ сценарийа саха но­руодунай суруйааччыта Василий Яковлев–Далан романыгар олоҕурар. Бу роман 90-с сылларга тахсыбыта, ол саха дьонугар улахан событие этэ. Элбэх кэпсэтиилэр, ырытыһыылар буолбуттара. Билигин ол романынан киинэ уһулунна. Мин бу роман тахсыытын норуот бэйэтин билиниитин бастакы түһүмэҕэ, онтон киинэ уһуллуутун ол салгыыта, иккис түһүмэҕэ дии саныыбын.

***

Данил МАКЕЕВ,

Чолбон. – 2020. – Сэтинньи

Обсуждение • 3

Добавить комментарий
  1. Мда

    Эмиэ официальшина, ити уустаан ураннаан, була сатаан хайхаабыт дьон дьин исэ туох диэн сыаналаабыттара буолла. Норуот, короччу сыанабылын ватсапка аагын. Онно короче, честнее, выразительнее

  2. Маайыс

    Наһаа үчүгэй киинэ! Ардьакыап маладьыас!!!

  3. не псевдоисторик

    Андриан Борисов не было великих борогонцев и великих ботурусов а были вассальные атах уусы которые подчинялись Тыгыну, на сегодня историческая наука якутии представляет жалкое зрелище, планку очень низко опустили

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»