Курс валют
$
92.26
0.33
99.71
0.56
Курс валют
Курс валют
$
92.26
0.33
99.71
0.56
Меню
Поиск по сайту

СУНТААРГА АЙМАХ КЭРИЭС МАЛЛАРЫН БЫЫСТАПКАТЫН СЭҤЭЭРДИЛЭР

31.10.2019 08:30 0
СУНТААРГА АЙМАХ КЭРИЭС МАЛЛАРЫН БЫЫСТАПКАТЫН СЭҤЭЭРДИЛЭР

Сунтаардааҕы С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын мусуойун үлэһиттэрэ араас сонун бырайыактары олоххо киллэрэн нэһилиэнньэни сэргэхситэллэр, кэрэхсэтэллэр. Бу ый 14 күнүттэн саҕалаан бүгүҥҥэ диэри «Уруу-аймах кэриэс маллара» диэн быыстапка турда.


Музей үлэһитэ Эмма Васильева этэринэн, бу быыстапка ый аҥара турбутугар 200-н тахса киһи кэлэн көрбүт. Быыстапкаҕа Сунтаартан, Элгээйиттэн, Бордонтон 100-тан тахса мал-сал киирбит. Манна ааспыт үйэҕэ дьоммут туттубут тэриллэрэ, таҥнар таҥастара, иһиттэрэ-хомуостара, симэхтэрэ, сэбиэскэй саҕанааҕы хаһыаттар, кинигэлэр, харчылар уо.д.а. бааллар.

    

Сылдьыбыт дьон быыстапканы олус сэргээн көрдө. Көрөөччү ордук кыра оҕо үрүҥ көмүс оонньуурун олус сэҥээрдэ. Бу оонньуур билиҥҥилии эттэххэ «2 в 1» эбит, ол курдук погремушка да, свистулька да буолар.

Мусуой үлэһиттэрэ 60-с, 70-с сыллардааҕыны санатар хаартыскаҕа түһэр муннуктары тэрийбиттэр. Быыстапканы көрө кэлбит дьон бары бу зоналарга хаартыскаҕа түһэн, тутатына өҥө суох хаартысканы бэчээттэтэн ыллылар.

***

Ааптар: Яина ВЛАСЬЕВА.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»