Саха тыйаатырыгар «Алампа» аатынан норуот бириэмийэтин кыайыылаахтара билиннилэр
Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар “Алампа» аатынан норуот бириэмийэтин V төгүлүн туттарыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолан
ааста.
Бу бириэмийэ, Саха сирин бары айар сойуустарын, түмсүүлэрин — суруйааччылары, худуоһунньуктары, киинэ, тыйаатыр үлэһиттэрин, муусука айааччылары сомоҕолуур, холбуур бириэмийэ буолар.
АЛАМПА ААТ (айар аймах түмсүүтэ) 2018 сыллаахха ахсынньы ыйга тэриллибитэ. Бастакы тэрээһин Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр олунньу ыйын 1 күнүгэр буолбута. Бу күн Алампа аатын үйэтитэр уонна ускуустуба араас эйгэтин талааннаах дьонун бэлиэтиир соруктаах, Алампа аатынан норуот Премията төрүттэммитэ.
Сыл ахсын сэтинньи 14 күнүгэр Саха уус-уран литературатын, бэчээтин төрүттэһээччи, прозаик, драматург, поэт, тылбаасчыт, саха тыйаатырын бастакы дириэктэрэ, саха омук духовнай лидерэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа аатынан бириэмийэни туттарыы тэриллэр буолбута.
Быйылгы тэрээһин номинациялара кыайыылахтара бу курдуктар:
«Уран тыл» ( «Литературное слово» )- Варвара Борисовна Окорокова
«Бастыҥ режиссер» («Режиссер») – Потапов Сергей Станиславович
“Дархан ойууһут” (“Художник”) – Манжурьев Александр Владимирович
«Киинэ эйгэтин чыпчаал үлэһитэ» (Кинематографист»)- Сивцев Иннокентий Иннокентьевич
«Алампаҕа сүдү бэриниилээх («За верность Алампа») – Протодьяконов Михаил Александрович
“Чаҕылхай артыыс” (“Лучший артист”) – Луковцев Иннокентий Егорович,
“Чаҕылхай артыыска” (“Лучшая артистка”) – Маркова Ньургуйаана Ариановна
«Кылаан дьүрүскэн айааччы»(«Композитор» )- Михеев Николай Алексеевич
“Ырыа-айааччы” («Автор-песенник»)- Туласынов Иван Иванович
«Өрөгөйдөөх өйөөччү» («Меценат года»)- Евсеев Матвей Николаевич.
1935 сыллаахха алтынньы 22 күнүгэр А. И. Софронов Саха сиринээҕи сэбиэскэй суруйааччылар сойуустарыгар туһаайбыт кэриэс суругар литературнай нэһилиэстибэтиттэн киирбит үптэн сахалыы суруллубут бастыҥ драматическай айымньыга кини аатынан бириэмийэ олохтонуохтааҕа ыйыллар. Бу кэриэс суругу XXI-c үйэ эдэр интеллигенцията, чуолаан “Алампа” айар аймах түмсүүтэ олоххо киллэрэр, үйэлээх үгэскэ кубулуйда.
***
Aartyk.ru
Оставить комментарий