Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Олонхо XV үбүлүөйдээх ыһыаҕын аан маҥнайгы тэрээһинэ Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылын чэрчитинэн, “Үс кут – Үс сэргэ” ытык сириттэн саҕаланна

19.06.2022 18:13 0
Олонхо XV үбүлүөйдээх ыһыаҕын аан маҥнайгы тэрээһинэ Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылын чэрчитинэн, “Үс кут – Үс сэргэ” ытык сириттэн саҕаланна

Олонхо XV үбүлүөйдээх ыһыаҕын аан маҥнайгы тэрээһинэ А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылын чэрчитинэн, “Үс кут – Үс сэргэ” диэн Аһыкай ытык сириттэн, Оҥхойбут нэһилиэгитэн саҕаламмыта.

Тэрээһиҥҥэ ыраах Өймөкөөн Чурапчы, улуустарыттан, Павловскайтан кэлэн кыттыыны ыллылар. Кэлбит ыалдьыттары түмсүүлэрбит чилиэттэрэ алаадьынан айах тутан, быыппаҕынан күндүлээн көрүстүлэр.

Ытык-мааны ыалдьыттарбыт истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Өксөкүлээх Өлөксөй Үөһээ Бүлүү улууһун кытта ситимнээбит Өймөкөөн, Чурапчы улуустара ситим салҕаныахтаах диэн, Аһыкай алааһыгар буор аҕалан куттулар уонна биһиги сирбит буорун  илдьэ  бардылар. Ол кэннэ  сахалыы астаах сандалы тула олорон, итии чэй иһэ-иһэ инники былааннарын сүбэлэстилэр.

Ити курдук Аһыкай алгыстаах алааһыттан Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ааһарын туһугар диэн алгыс ылынан, кэлбит ыалдьыттар күүс-сэниэ ылынары күөх окко атах сынньах хааман, күүс-сэниэ ылыннылар. Бу тэрээһини көрсө Аһыкайбыт алааһыгар  тутулла турар саха балаҕан кэлбит дьон сэргии, сэҥээрэ көрдүлэр.

Биир улахан эппиэттээх тэрээһиммит үрдүк таһымҥа барбытыттан,  кэлбит ыалдьыттар уонна улуус аҕа баһылыга Поскачин Владимир Семёнович олус астыннылар, истиҥ көрсүү  иһин махталларын тиэртилэр.

***

Оҥхойтон Мария Алексеева

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»