Курс валют
$
92.26
0.33
99.71
0.56
Курс валют
Курс валют
$
92.26
0.33
99.71
0.56
Меню
Поиск по сайту

Кыбартыыра, Лексус!!! Ил Дархан бирииһигэр аттар киирсиилэрин кэлэн көр

27.06.2019 21:58 0
Кыбартыыра, Лексус!!! Ил Дархан бирииһигэр аттар киирсиилэрин кэлэн көр
Бэс ыйын 30  күнүгэр киэһэ 18:00 чаастан бука барыгытын Үс Хатыҥ ипподромугар ыһыылаах-хаһыылаах күрэхтэһиигэ ыҥыраллар. Ил Дархан Айсен Николаев бирииһигэр ат сүүрдүүтэ ыытыллыаҕа. Бу күн күрэхтэһиигэ киирии билиэттэринэн сыаналаах бириистэр оонньонуохтара.
Ил Дархан бирииһигэр былырыыҥҥы ат сүүрдүүтэ Туймаада ыһыаҕын кэмигэр ыытыллыбыта. Барыта алта дистанцияҕа аттар илин-кэлин түһүспүттэрэ. 2400 м уһуҥҥа түөртэригэр диэри саастаах, ыраас хааннаах сүүрүүк аттар күрэхтэспиттэрэ. Амма улууһун ата Форлан кыайбыта. Кини биэтэккэ 2 мүнүүтэ 49,1 сөкүүндэнэн кэлбитэ. Тренерэ Анатолий Баишев. Иккис миэстэ – Блэк Джет (Мэҥэ Хаҥалас), үһүс – Мэйн Кониг (Чурапчы) буолбуттара.
Быйылгы сүүрдүүгэ эмиэ алта дистанция билэриллэр:
800 м (Сайыҥҥы):
1.Арктик Бой
2.Губернатор
3.Норд Стар
4.Тумэн
1000 м (Критериум):
1.Литл Лайт
2.Дилинджер
3.Белман
4.Мистер
1600 м (Окс).
1.Арабика
2.Балерина Ар
3.Кэрэл
4.Росарита Гойя
5. Габриела
1600 м (Стерх):
1. Анриетта Барс
2.Кул Джет
3.Неарх
2400 м (Ил Дархан бирииһэ):
1.Скай Файтер
2.Конкистадор
3.Майн Кониг
4.Крискубина
5.Корибиан Бой
6.Мейзи Кинг
7.Есаул
8.Эсквайр
9.Варадеро;
3200 м (СӨ Бырабыыталыстыбатын бирииһэ):
1.Байтал
2.Тускул
3.Мааны
4.Айнцер Гут
5.Бо Виннер
6.Сайбер Шот.
Ким күүстээх, бэлэмнээх – ол кыайдын!
Ил Дархан бирииһигэр ат сүүрдүүтүн историятыгар аан бастаан киирии билиэттэринэн сыаналаах бириистэр оонньонуохтара. Сүрүн бириистэр – икки хостоох, аныгылыы өрөмүөннээх кыбартыыра, LX570 Лексус массыына! Болҕойуҥ, бу бириистэр тэрээһин бырагырааматын ылбыт эрэ көрөөччүлэр икки ардыларыгар оонньонуохтара!
***
Aartyk.RU

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»