Улуус номохторо, үһүйээннэрэ. СҮҮҺҮС ЭҺЭ (Өлүөхүмэ)

Сүүс эһэни өлөрөр киһи баар буоллаҕына, ол сүүһүс эһэ иэстэһэр диэн. Номоххо этэллэр. Былыргы номох. Онно биһиэхэ, Чаара Төрдүгэр, олоро сылдьыбыта Дордой диэн оҕонньор. Ол кини өлөөрү һыттаҕына, бөһүөлэккэ эһэ кэлбит этэ. Сотуун. Ити хаамар эһэни этээччилэр. Бөһүөлэк дьонноро ону өлөрбүттэрэ. Ол эһэни.
Этиттэн аҕалан, буһаттаран, сии сатаабыт уонна: «Ынараа дойдуга барар буоллум. Тыатааҕым этин кыайан сиэбэтим. Бэстилиэнэй миэхэ ананан кэлбит булт буолуохтаах бу. Миигин кытта аахса кэлбит булду бултаатылар», – диэбит. Тоҕо диэтэр 100 эһэни толорбут буолуохтаах.
***
Оставить комментарий