СЭТИННЬИ ЫЙ – БАЙАНАЙ ЫЙА
Ый ортотугар диэри добдурҕа салҕанар, онтон кыһыҥҥы суол арыллар. Тибии тибэр. Үстэ тибии түстэҕинэ сааһын тоҕус тибии буолар, ол өҥ сайыны билгэлиир. Тибии аҕыйаҕа – кураан сайыҥҥа. Дьүкээбил уота элбэхтик умайдаҕына (түүнэ сырдык диэн ааттыыллар), кыһына тымныы буолар. Сэтинньини ыам ыйа батыһар.
Хоту полушариеҕа сэтинньи күһүн бүтэһик ыйа, бу кэмҥэ соҕуруу саас бүтэн, сайын чугаһыыр. Россия улахан өттүгэр кыһын саҕаланар.
***
Aartyk.ru
Оставить комментарий