Саха төрүт итэҕэлин ким харыстыыр?
Соторутааҕыта билэр киһим: “Хоту улуустан биир дьикти баабыска кэлэ сылдьар, кэпсээнин кэлэн истиэҥ этэ дуу?”, - диэн төлөппүөннээбитигэр бара сылдьыбытым.

Баабыска кыра эрдэҕиттэн “ону-маны” билэр, кыыллары, маһы-оту, уопсайынан тулалыыр эйгэтин – айылҕаны тыыннааҕымсытан көрөр эбит. Кинилэр кэпсэтэллэрин, дьүһүннэрин-бодолорун илэ харахтыыр эбит. Онтун барытын бэрт ылбаҕай, ыпсарыылаах тылынан хоһуйан кэрчик-кэрчик кэпсээннэри суруйбут. “Тыыннаахпар кинигэ гынан таһаарарбар көмө-тирэх буолларгыт”, – диэн көрдөһүүлээх кэлбит.
Эмээхсин: “Айылҕа тыыннаах, Айылҕаны харыстыахха, Таҥара биир, Православнай храмҥа сылдьабын, Библияны ааҕабын”, – диэн сүрүн санаалаах эбит. Кини кэпсээниттэн сылыктаатахха, саха итэҕэлэ да, православнай да итэҕэл барыта буккуллан – тэҥинэн сылдьар, кини оннук ИТЭҔЭЛИ ылынар эбит. “Бааһынайдыы” итэҕэллээх.
Бу баабысканы кытары кэпсэтии кэнниттэн, бэйэ икки ардыгар санаа үллэстиитэ курдук буолла.
Онно:
– Үөрэҕэ суох, түҥкэтэх нэһилиэккэ олорор баабыскалар кытары саха итэҕэлин уонна атын религия каноннарын буккуйан “бааһынайдыҥы” итэҕэли “төрөтө” сырыттахтарына – саха төрүт итэҕэлэ сүтэн эрэрин туоһута буолбатах дуо? Аан дойду улахан религиятын бастааҥҥы көрүҥэ – саха итэҕэлэ иҥэринэ сытар диэн билинэр буоллахпытына, бу маннык куһуок-куһуок ким баҕарар бары ылан эргитэн-урбатан билигин баһыйан олорор религияларга сыһыаран, чөл сыппыт тыытыллыбатах итэҕэлбитин суурайан кэбиһиэхтэрэ суоҕа дуо? Атын омуктар итэҕэллэрин ханнык да атын итэҕэли кытары буккуйбакка харыстаан, бүөбэйдээн илдьэ сылдьар буоллахтарына, биһиги тоҕо дьэллэмсийэн итэҕэлбитин барыларыгар тырыта тыыттаран, аһан биэрэ сылдьабытый? Харыстаабаппытый? Харыстыыр киһи билигин баар дуу, суох дуу?
– Урут итэҕэл конференциялара буолаллар этэ. Билигин ол суох. Куттаналлар – бары аҥыы-аҥыы туойа сылдьар дьон кэлэн мунньахха этиһиэхтэрэ-охсуһуохтара диэн. Этиһэн-мөккүһэн биир санааҕа кэлиэхпит эбитэ буолуо. Ону муоһулуур олитик көстөрөр дуу… Туох даҕаны, буолаары буолан, итэҕэл боппуруоһа олус ыарахан, дириҥ, дэбигис киһи ылбычча биир быһаарыыга тиийбэт улахан боппуруоһа. Төгүрүк остуол тула олорон кэпсэтии салҕаныахтаах этэ.
– Билигин сити былааска тахсыбыт дьон, бэйэлэрин кэмигэр Саха итэҕэлэ диэн былаах тутан ааттаммыт-суолламмыт дьон. Бэйэлэрин карьераларыгар саха итэҕэлиттэн томту тутан ылан аат-суол оҥоһуннулар уонна билигин ол дьон итэҕэлгэ эргийэн да көрбөттөр. Тоҕо?!
– Саха анал үҥэр дьиэтэ суох. Ханна баҕарар Айыыларга үҥэр кыахтаах этэ диибит. Билигин кэм уларыйда. Ким да ылбычча уот оттон сиэр-туом оҥорор кыаҕа, билиитэ да суох. Өскөтүн куорат олохтооҕо буоллаҕына, букатын да кыаллыбат суол. Ити биир Арчы дьиэтэ баара – кулууп, государствоттан үбүлэнэр. Сокуон буоллаҕына, религиознай тэриллиилэри 1917 сыллаахха государствоттан үбүлэниитин тэйиппитэ. Ити тэллэй курдук үүнэр атын итэҕэллэр дьиэлэрэ бэйэлэрэ бэйэлэрин үбүлэнэр тэрилтэлэр дэнэллэр. Омуктары баайдара бэрт. Сахаларга Айыы дьиэтин үбүлээн туттарар, үлэһиттэрин хамнастаан, уотун-күөһүн төлөөн тутар дьон бааллар дуо?
– Татаардар да, башкирдар да, нууччалар да итэҕэллэрин сүрдээҕин өрө тутан олороллор. Государствоттан өйөбүлэ суох ити итэҕэл тэриллиилэрэ хайдах да сайдар кыахтара суох. Биһиги былаастаах дьоммут “сокуон оннук” диэн баран тиэрэ хайыспакка, үбүлүүр суолу-ииһи тобуларга үлэлэһиэхтээхтэр этэ. Сатаммат өттүн дириҥэтэ сатаабакка.
– Итэҕэлэ суох омук эстэр үйэтэ кэллэр. Саха төрүт итэҕэлин буккуйан-тэккийэн, кэлбиккэ-барбыкка барытыгар утары ууна сылдьан сүтэрдэ да – норуот аатыттан ааһар. Бэлиэр оннук суолга киирдибит.
Ситинник санаалар этилиннилэр.
***
Саха итэҕэлин туһунан кэпсэтии сөргүйэр кэмэ кэллэ быһыылаах.
Аҕыйах хонуктааҕыта Афанасий МАКСИМОВ Арчы дьиэтигэр ыытыллар Таҥха күннэрин утаран “Фейсбукка” тыл бырахта. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, тоҕо, туох санаалаах тыл бырахпытын “Аартыкка” тэнитэн таһаарарыгар этии киллэрдибит.
Онуоха Афанасий Николаевич МАКСИМОВ маннык хардарар:
– Мин, дьиҥэр, Дьокуускай куораттааҕы Арчы Дьиэтин сабыахха диэбэппин. Ханнык баҕар ИТЭҔЭЛ, религия бэйэтэ күрүөлээх, хааччахтаах. Арчы Дьиэтигэр араас элбэх туһалаах тэрийии элбэх. Холобур Олоҥхо, Оһуокай күннэрэ. Ол эрэн Сүллүкүүн киэһэтэ, бүлүүһэ сүүрдүүтэ диэн кэнники наһаа дэлэйдэ, аһара барда.
Сүллүкүүн диэн биһиэхэ бастакы казактар аҕалбыт “шиликун” диэннэрэ сахатыйан “сүллүкүүн” дэнэ сылдьар. Бу – соруйан оҥоһуллубут, түгэхтээх дьай дии саныыбын.
Холобур, кинилэр биһиги Ааппытын-Суолбутун былдьаабыттара, төрүт Итэҕэлбитин 1698 с. бойобуода Арсеньев укааһынан боппутун туһунан докумуон архыыпка харалла сытар. История кэрэһэлииринэн, ханнык баҕарар сэрииһит сэриилээн ылар сиригэр бэйэтин итэҕэлин соҥнуур. Бу өйдөнөр суол. Төһө да билигин итэҕэл өттүгэр көҥүллүк бардарбыт, историяҕа буолбут быһылааннары, чахчылары умнуо суохтаахпыт.
Православнай христианство, Ислам тоҕо эрэ бэйэлэрин үҥэр-сүктэр сирдэригэр хараҥа эйгэҕэ киирэн бүлүүһэ дуу, өлбүт дьон сибиэнигэр дуу кыттыһан инникилэрин ыйдаҥардыбаттар эбээт. Эн церковька киирэн спиритизм дуу, коляда дуу ыыт эрэ! Хас буолаҕын?! Бэрт түргэнник оннугун булларыахтара, хаайыыга да симиэхтэрэ этэ.
Икки атахтааҕы бобуулаах, кистэлэҥ наар тардар. Киһи эрэйдээх айылгыта оннук. Ол эрээри хааччах, күрүө-хаһаа бу өттүгэр эмиэ баар буолуохтаах.
Биһиги Итэҕэлбит бобуллубута түөрт үйэ ааһан эрэр, ол иһин мунуу-тэнии, буккуллуу элбэх.
Мин В.А.Кондаковы кытта Итэҕэл өттүгэр элбэхтик алтыспыт, кини суруйбут Аар Айыы үөрэҕин элбэхтик аахпыт буоламмын киниэхэ махталым муҥура суох. Итэҕэллээх, испэр эрэллээх буоламмын туругум бигэ, чөл, ханнык да ыарахаттары ааһарбар миэхэ Итэҕэл өйөбүл буолар.
2012 сыллаахха Аар Айыы Итэҕэлэ, Владимир Кондаков үйэтитэн хаалларбыт үлэтигэр олоҕуран, аан бастаан РФ юстициятын министиэристибэтигэр регистрацияламмыта. Бу саха норуотугар улахан суолталаах дьыала буолбута. Регистрацияны ааһарга өр кэмнээх үлэ барбыта, мөккүөр, утарылаһааччы да элбэх этэ.
Ити кэмтэн ыла Аар Айыы Итэҕэлэ син христианство, ислам, буддизм, иудаизм тэҥэ официальнай итэҕэллэр ахсааннарыгар киирбитэ. Өскөтүн официальнай итэҕэл курдук Минюст РФ билиммит буоллаҕына, биһиги бу үөрэҕи оскуолаҕа кытары үөрэтэр бырааптаахпыт. Ол ону тойотторбут-хотуттарбыт, былаастарбыт тоҕо үөрэх программатыгар киллэрбэтин сатаан өйдөөбөппүн. Эмиэ буоларын курдук, сахалар бэйэбит испитигэр утарылаһааччы, кураанах куолуну ыытааччы элбэх.
Дьиҥэр маны иилэ хабан ылан киэҥник тарҕатыахтаах этибит. Владимир Алексеевич даҕаны бэйэтэ “сыыһаларым баар буолуохтарын сөп, ол кэнники сыыйа көнүөх этэ” диэн миэхэ этэн турардаах. Уонна Итэҕэли ыллыҥ да түргэнник оннун булларар кыах суох, элбэх буккуур-таккыыр, мөккүөр кэннэ иннин солонон, булан сайдыа диэбиттээх.
Биһиги Аар Айыы Итэҕэлбит дириҥ силистээх мутуктаах Итэҕэл. Аан Дойдуга саамай кырдьаҕас Итэҕэл, Тэнгрианство биир салаата буолар.
Итэҕэлбит умнууга, батталга барбыта өрө бэрдиттэн элбэх мунуу-тэнии элбэх. Холобур, Итэҕэлбитин ойууннааһыны кытта тэҥнээһин, бутуйуу баар. Ол иһин сорох дьоммут Соҕуруу, Арҕаа халлааҥҥа, Улуу Тойоҥҥо, Улуу Суоруҥҥа үҥэллэр. Бу төрдүттэн сыыһа. Саха хаһан да Соҕуруу, Арҕаа халлааҥҥа үҥпэтэҕэ. Оннооҕор дьиэтин аанын ол диэки аньыырҕаан оҥостубат этэ.
…Таҥха туһунан этэр буоллахха, эмиэ бутуйуу баар. Дьиҥэр “Таҥха”, “таҥхалыыбын” диэн тыл “ыраастыыбын”, “арчылыыбын” диэҥҥэ тэҥнээх дии саныыбын. Тоҕо? Өксөкүлээх “Хомус” диэн хоһоонугар “таҥхалыыбын” диэн тыл суолтата сурулла сылдьар:
“Ол кэннэ таҥхалаатаҕым үһү
Ол курдук диэн:
Бэрт тимиринэн бэйэлээтим
Сүдү тимиринэн сүрүннээтим
Сыыйыы тимиринэн сыҥаахтаатым
Дьикти тимиринэн тиэрбэстээтим
Тыйыс тимиринэн тыллаатым!”
Мантан ордук быһаарыы ирдэммэтэ буолуо дии саныыбын,
Дьиҥэр, саха түҥ былыргыттан Үрдүк Айыыларга үҥэригэр, сүгүрүйэригэр туох да храм да, Арчы Дьиэтэ да наадата суох этэ. Хас биирдии саха Улуу Куйаар сорҕото, Айылҕа оҕото ханна баҕар, хаһан баҕар Айылҕаҕа да, оллоонун да иннигэр Аал Уотун иччитин нөҥүө үҥэр-сүктэр кыахтааҕа. Ол эрэн олох иннин диэки күрдьэн баран иһэр. Ол иһин биһиэхэ эмиэ түмсэр, кэпсэтэр, Итэҕэлбит биир суолу, сүнньүн буларыгар көмө буолар дьиэлэр ирдэнэр кэмнэрэ кэллэ дии саныыбын. Айыы Дьиэтэ, Итэҕэл Дьиэтэ диирбит ордук курдук.
…Саха киһитэ улаханнык куһаҕан быһыылары, майгыны кэпсии, тарҕата сылдьарыттан туттунар. Биһиги Айылҕаттан көнө, истиҥ, аһыныгас майгылаах норуот этибит. “Этибит” диирбэр тиийэбин. Бу аҕыйах хонуктааҕыта мин дойдубар дьиикэй быһыы буолбута миигин сүрэхпин сытыы кылыһынан таарыйан ааста. Маннык быһылааннар күн-түүн элбээн иһэллэр. Сахалар бэйэ-бэйэбитигэр сидьиҥник сыһыаннаһыыбыт өрө баһа элбии турар. Ким, маны хаһан тохтотор?
Итэҕэлгэ сыыһа сыһыаммыт, аһары барыыбыт, хараҥа эйгэни сиэрэ-туома суох хамсатыыбыт манна эмиэ быһа сыһыаннаах. Оннооҕор сыыһа Алгыс ыытар сэттээх-сэлээннээх, иэһэ-төлөбүрэ ыар буолар. Маны билэр дьон, хомойуох иһин, аҕыйахтар.
Ол иһин Итэҕэлбитин аһаҕастык кэпсэтэн, биир тылы була сатыыр, сүнньүн тутар Кэм кэллэ.
Эһиги, сахам дьоно, туох дии саныыгыт?
****
Туйаара НУТЧИНА,
“Aartyk.Ru”.
КОММЕНТАРИИ
Итэҕэлбит Аал-Луук маһа барыбытын сүнньүбүтүн көннөрүө!!! Оччоҕуна тойон-кулут биир сиргэ тобуктаан, Үрдүк Үрүҥ Аар Айыыга бииргэ сүгүрүйүө…
Итэҕэлбит Аал-Луук маһа барыбытын сүнньүбүтүн көннөрүө!!! Оччоҕуна тойон-кулут биир сиргэ тобуктаан, Үрдүк Үрүҥ Аар Айыыга бииргэ сүгүрүйүө…
Ол туһугар сахалар хаһан турунабыт????
Источник: old.aartyk.ru
Бииргэ тумэр итэгэл суох Сахалары.
Ити суруйбуттарын ситэри аахпатым. Ким да киhи сурэгэр тиийэр гына интириэс тардар гына эппэт.
Иили мин эрэ оннук убагас ойдоохпун дуо?
Дьэ уонна миигин санарын
Сахалары бииргэ түмэр Итэ5эл баар ол былыргыттан баччааңңа диэри кэлбит, а5албыт Төрүт Итэ5элбит. Айыы Итэ5элэ, Аар Айыы Итэ5элэ, Үрүң Аар Айыы Итэ5элэ, хайдах ба5арар кылгатыахха сөб. Бу Итэ5эл былыргы Аан Дойду барытын биир Итэ5элэ бары атын саңа Итэ5эллэртэн атына диэн кини ким эрэ эппитэ буолбатах көстөн турар кырдъык. Кини сүрүн ис хоһооно киһи солнечнай система сор5ото уонна кини оло5о, туруга, оңоһуута онноо5ор онтон тутулуктаахтара быһаарыллаллар. Айыылар диэн планеталар, иэйиэхситтэр диэн спутниктар. Билигин биһиги сахалар буккулла сылдъабыт. Ол буккулуубут төрдө бэйэбитин быһаарына иликпит, бары сахабыт дэнэбит эрээри докуменынан нууччаларбыт. Ол иһин ити онно манна нуучча буола сатааһын баар, сымыйанан бэйэ бэйэбитин кытта нууччалыы кэпсэтэбит, кыыһырдахпытына нууччалыы үөхсэн барабыт. Сахабыт дэниэхпитин наада ол эрэ кэннэ түмүллүөхпүтүн сөб буолла5а дии. Сымыйанан саха буолууну аатпыт билиммэт. Аатпыт олохпут суолун тосхоло. Саха буолуоххайын бастаан онтон түмсүөхпүт. Онно быһаарыныы наада хас биирдии киһиэхэ кытаанах сахабын диэн сымыйанан саха буола сылдъарбытын өйдүүр наада кырдъыктыы саха буолабын диэн быһаарынар наада. Холобур армяннар билигин Манчаары дуу Эллэй дуу диэн ааттаналлара буоллар төһө онно итэ5эйиэ этигитий син биир ол курдук төттөрүтэ эрэ буолла5а дии.
дойду сирин “улуу ойдоохторо” бэйэ-бэйэгитин кытта бэрт былдьасан улту куолуласан , мин этэрим эрэ соп диэн айыы итэгэлин тула дьону улту бутуйан баран бэйэгит бутуйбут “баабыскагытыттан” сосуйагыт дуо ? бутуйааччылар саатар туймаада хочотун исигэр биир тылы булбаккыт уонна кэлэн хотуттан кэлбит баабысканы туох эрэ дьиктин корбут курдук муодаргыыгыт дуу ?
Кырдьык,итинник бэрт былдьаһа-былдьаһа ,куолулуу-куолулуу,тугу да ситиспэккэ,кыайбакка,биир санааҕа кэлбэккэ олордохппут эбээт