Имэҥ-дьалыҥ туһунан
Бассаапка аудио тарҕанар: саха эр киһитэ сексуальноһа уҕараата, ол иһин дьахталларбыт атын омукка бараллар.
Бу оҕонньор дьиҥэр сөпкө муҥатыйар. Биһиги сахалар былыр-былыргыттан итинник санааны билэр уонна онно сөптөөх суолтаны биэрэр этибит. Ол барыта билигин умнуллан омооно эрэ хаалан сылдьарын түмүгэр ити эрчимнээх олоҕун олорон ааспыт киһи кыһалҕаттан диэххэ итинник этэр. Ыксаан, синэ биир, аны кэлэн диэбит курдук.
Ити барыта наһаа бэйэбит төрүт культурабытын умнубуппутуттан тахсар. «Умнуу» диэн этэр өссө татым.
Культурабытын эмиэ да умнубатах сөргүтэр да курдукпут буолан баран, ис суолтатын өйдөөбөккө тас көрүҥэр оҕуннубут. Ис суолтатын умнан да кэбистибит, наадата суох курдук буолан таҕыста.
Холобур, ити Алгыс төрүт да шоуга-хамнаска кубулуйда. Оһуохай эмиэ – үҥкүү, ыстаҥалааһын, түмсэр сылтах.
Оһуохай дьиҥ суолтата аатыгар да этиллэ сылдьарын курдук – Оһуу, ол аата үтүөрүү, киһи этигэр-хааныгар туһалаах дьайыы.
Оһуохай диэн мин бу кэлин өйдөөбүппүнэн киһиэхэ син биир аһыыр, утуйар курдук суолталаах дьарык эбит. Өбүгэлэрбит хас эмэ үйэ тухары дьарыгыран кэлбиттэрин, бу түөрт эрэ үйэ устата умнан кэбистибит. Дьэ кэлэн уонна бу сааһырбыт оҕонньор сахалар секскэ мөлтөхпүт ол иһин эстэбит диэн ытыы олорор.
Олох эстэр санаабыт суох: оҕолоргутун, сиэннэргитин көрүҥ хайдах курдук ыччаттар тупсаҕайдарый. Ама хайдах итинник санаа киириэн өйүм хоппот.
В.Серошевскай “Якуты” диэн кинигэтигэр суруйбут:
“Сахалар бииллэринэн синньигэстэр, кэтит сарыннаахтар, иҥиир-ситии дьон, тиистэрэ барыта баар, үгүстэрэ сүүс саастарын ааһаллар эбит, баттахтара хара, маҥхайбат дьикти дьон», – диэн.
Онтон билиҥҥи бу биһи саастаах көлүөнэ сахалары көрүөҕүҥ: бары биил диэн үксүбүтүгэр суох, санныбыт эмиэ ол биилбит саҕа эрэ буолуо. Тоҕо оннук буолан хааллыбыт? Манна мин санаабар оһуохайы умнууттан, оһуохайдыыр да буоллахпытына, суолтатын уонна сөпкө хамсаныытын умнубуппутуттан тахсар.
Оһуохай диэн киһи аһаан баран куттаҕа аһын буһарбытын кэннэ, ол аата ас буһарыгар төһө эмэ кэм биэрэн баран киһи таҥаһын сиһин былчыҥнарын үлэлэтэн ол сүмэһинин илиилэригэр, атахтарыгар, төбөтүгэр, бары салааларыгар ыган тарҕатыыта. Ол иһин иһин ол былыр сөпкө оһуохайдыыр дьоннор бииллэрэ синньигэс, хомурҕаннарын уҥуоҕа уһун, ол аата сарыннаах этилэр.
Аны оһуохай сэргэ тула буолар. Сэргэ диэн ат баайар биир суолтата, иккиһинэн, бу дьиэ кэргэн эр киһитин символа диэххэ сөп. Былыргы эр дьон көрүстүлэр да оһуохайдыыллар.
Эр дьон оһуохайа диэн бу биһиэхэ диэри аата эрэ ордон хаалбыт. Тоҕо оннук буолуой диэҥҥэ хоруй суох курдук да, баар эбит. Мааҕыыҥҥы оҕонньор сааһырдым диэн сыыһа санааргыыр. Хайа да киһи сүүрбэтигэр, чэ отох киһи отутугар диэри эрэ улаатар дииллэр. Ол биллэр диэххэ сөп.
Онтон хайа баҕарар эр киһи уһук этэ биир кэрэ аҥардартан ордук лабаата диэххэ дуу сааһын тухары, киһи өлүөр диэри үүнэр, уһуур оҥоһуулаах. Бу научнай, медицинскэй факт. Былыргы саха эр дьонун оһуохайа ол суолталаах, көрдөбүллээх, туһалаах диэххэ сөп.
Аны тыыныыта. Искитинэн тыынаҕыт.
14-с оскуолаҕа Босиков диэн саха тылын учуутала баара өлбүтэ ыраатта. Ол оҕолору искитинэн тыынын диэн өбүгэ үгэһин этэ сатаабыта буолуо. Ону ити кэлин харбааһыҥҥа сылдьан баран өйдөөбүтүм. Салгыны айаххынан ылаҕын – муннугунан таһаараҕын онон бүтэр. Ити физкультура уруогар оҕолору сыыһа төттөрү тыынарга үөрэтэллэр эбит.
Кыыллар, сүөһүлэр кыһыл оҕолор бары истэринэн тыыналлар. Оһуохай тыыныыта оннук. Тохтоон сыыҥтааһыннаах эҥин. Ол тыл сынньалаҥ диэн буолан сылдьар. Сыыҥ диэн эмиэ отход. Хааныҥ тыҥаҕар кэлэн ыраастаныыта. Төттөрү тыыннахха ити сыыҥыҥ хааҥҥар төттөрү киирэн тымырдаргын бүөлүүр, тромба-той. Хаһыҥырааһын эмиэ ити киһи утуйа сытан муннутунан салгын ыла сатааһынын тыаһа. Муннун ис оҥоһуута салгыны таһаарарга эрэ аналлаах, ол иһин ол улахана бопсон итинник тыас таһаарар.
Оһуохай диэн дьэ итинник ис иһигэр киирдэххэ. Күнү көрсө утары эргийэллэрин туһунан, алгыскыт төттөрү барар диэн этэ сатыыбын да, олохсуйан хаалбыт быһыылаах. Айыы суолун батыһар буоллахха, Күнү көрсө эргийиллиэхтээҕэ буолуо.
***
Утуман Таман
Танаhын диэн буолбатах тараhатын диэн. Улахана диэн оннугар клапана.
Сахалар күнү утары эргийбэттэр хаһан даҕаны
Куну утары бардахха эрэ Куну керсер буолла5ын дии. Арчы дьиэтигэр баар Оhуохай былыргы хаартыскатыгар дьон тохтоон тураллар буолан баран икки киhи уна атахтарын инники тутан тураллар. Ол аата уна диэки эргийэр буолуохтарын сеп. Айыл5а5а эрийэн киирии барыта по правилу буравчика барар ол аата правай резьба курдук. Оhуохайга уна эргийэр буоллахха санаан, кердеhуун уеhээ тахсар Куннэ. Онтон левай резьбанан ханас диэки эргийэр буоллахха санаан, ба5ан, кердеhуун барыта аллараа диэки киирэр. Мин ити логически айыл5атынан оннук уонна ити хаартыска5а то5о итинник уктэнэн туралларыттан санаабытым. Оhуохай ер сылларга бобулла сылдьыбыта, онон эргиирин хайысхата умнуллан баран ким эрэ Кун эргииринэн диэбитинэн буолуо. Елбут киhини кун эргииринэн эргийии баар. Ол туох суолталааҕын билбэтим да. Оhуохай уонна елбуту эргийии утарыта хайысхалаах буолуохтарын сеп. Бу мин теоретическай толкуйум эрэ, ба5ар сыыhарым да буолуо.
Г.В. Ксенофонтов суруйуутун – Ойуун кыыран Дьалыҥ – имэҥ ылыытын сиэрин-туомун ыытарын дьахталлары, эр-дьоннору мунньан, олор ортолоругар ыытарын ааҕыҥ. Оhуокай здесь при чем, вообще.
Оhуохай доруобуйа5а оhуоба эр киhиэхэ диэн эрэ эппитим. Суруйуу саха о5онньоро имэннэ дьалынна сахалар дьо5урбут мелтех диэн муннаммытыгар Оhуохай онно туhалаах эрэ диэн. Хайа да диэки эргийбэккэ эрэ сытан, туран да оhуохайдыахха сеп. Онноо5ор олорон оhуохайдыыллара баар. Лена еруhу былыр ерус турарын са5ана оночонон туораан иhэн. Былыр да бу билинни курдук еруhу туоруурга хаайтарыы проблемата баар буолла5а дии. Ерус туораан истэхтэринэ кыдьыма5а тохтоон туран хаалла5ына олорон эрэ тууннэри оhуохайдыыллар уhу. Онтон сарсыарда тураннар сатыы туорууллар. кыдьымах оннук тургэнник тонор. Дьиэлэригэр тиийэннэр анньыылаах сыар5алаах атынан кэлэннэр оночолорун кейеннер сыар5а5а тиэйэн илдьэ бараллар. Манна оhуохай хааны эргитэн киhини тонорбот суолталаах диэн ейдуеххэ сеп. Имэн дьалын темата ити о5онньор кетехпете5е буоллар туспа тема. Онно да этэр элбэх баар. Былыргы олох ити еттугэр сурдээх разнообразнай.
Сэлээрчэх дьахталлар атын омуктары бүрүнэллэр. Саха дьахтара аһара босхо баран най барыыта, үөрэх аһара сайдан, элбээн буолла. Онно оһуохай сыһыана суох. Билиҥҥи кыргыттарыҥ уонунан киһилиин сылдьыһан баран эргэ тахсаллар. Онно оһуохай сыһыана суох диэн өссө төгүл этэбин
Дьахтар омукка барыыта бэйэтин омугун эр дьоно мөлтөҕүттэн сылтаан. Айылҕа сокуона оннук. Оһуохай былыр былыргыттан саха эр дьонун сексуально күүстээх оҥорорго эрчийии диэн ыстатыйа ис хоһооно. Оҕонньор муҥатыйар саха эр дьоно сексуально мөлтөх буоламмыт дьахталларбыт атын омуктарага бараллар диэн. атын омук дьахталлара сахалара эккирэтэ сылдьыбаттар диэн. Онно быһаарыы тоҕо оннук буолбутугар уонна тугу гынан онтон тахсарбытыгар диэн. Ол иhин оһуохай туох суолталааҕын ис хоһоонун арыйар ыстатыйа.