Ийэ тыл, сурук-бичик күнүнэн!
Саргы-дьаалы Сахам тыла,
Айхал-алгыс Сахам тыла,
Уруй олук Сахам тыла,
Күн бэлэҕэ Сахам тыла,
Эйиигин мин ыҥырыаҕым,
«Ийээ!» диэммин хаһытыаҕым.
Саха Сирин бастакы Президена М.Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күннээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕыгар олоҕуран, С.А. Новгородов төрөөбүт күнэ — олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ.
Бу күн олохтонуута Саха Сирин төрүт олохтоохторун төрөөбүт тылларын сайыннарыыга, бастакы саха суругун-бичигин олохтообут саха лингвист-учуонайа, бастакы саха үөрэҕин кинигэлэрин таһаарааччы Семен Андреевич Новгородов сырдык кэриэһин үйэтитэр, аатын ытыктатар соруктаах.
***
Aartyk.ru
Оставить комментарий