Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Өлүөнэ эбэ устун паром сырыыта салҕанар

04.10.2020 16:03 0
Өлүөнэ эбэ устун паром сырыыта салҕанар

Өлүөнэ Эбэ хотун доллоһуйар долгунун хайытан, хас эмэ туоннанан ыйааһыны баардыылаабакка, паром Кангаласс хайатын туһаайбытынан дьулурҕатык  устар. Бу сарсыарда 09.00 чааска Хапчаҕай кытылыттан хоннубут “Пантелеймон” уу аала Уус Алдан айанньыттарын  Кангаласс бөһүөлэгин анныгар тиксэриэхтээх.


Бу саас өрүс киэҥ киэлитэ мууһа ыраастаммытын, уунан сылдьарга көҥүл бэриллибитин кэннэ Суотту нэһилиэгин Арыы Тиит бөһүөлэгин анныгар тохтуура. Айанын устата,  арыыны эргийэринэн эбиитин уу түһэн,  Дьокуускайтан балтараа  чаас  кэриҥэ буолара. Оттон төннөрүгэр сүүрүгү өксөйөрүнэн, Кангалас кытылыгар диэри 2 чаастан ордук устара. Инньэ гынан Бороҕон суоппардара үксүн Бэстээҕинэн сылдьар этилэр. Бииринэн, Төҥүлүгэ диэри суолга аспаал тэлгэнэн, тиэхиньикэ да алдьаммат, сырыы да сыыдам этэ уонна саамай сүрүнэ, паромҥа икки чаастан ордук олорбот буоллаҕыҥ. Онон Суотту паромунан бу диэки олорор нэһилиэктэр дьоно айанныыллара. Итинэн сиэттэрдэххэ паромщиктарга да ночооттоох курдук буолан тахсыбыта.

Баҕар ол иһин эбитэ дуу, от үлэтэ үмүрүйбүтүн кэннэ  устар аал Мэҥэ Хаҥалас  Хапчаҕай бөһүөлэгин анныгар тохтуур  буолбута. Билигин манна икки паром анаммыт болдьоҕунан олбу-солбу сылдьар. Холобура, Хапчаҕай кытылыттан, биитэр норуокка биллэринэн “Кыһыл Маягынан” сарсыарда бастакы паром 07.00 чааска турунар, салгыы 09.00, 12.00, 15.00 уонна 18.00 ч. айанныыр.  Арыы Тиит  бөһүөлэгиттэн  сырыыга тэҥнээтэххэ, манан быдан түргэн, чаас аҥарын кыайбатынан, баржа өрүһү уҥуордуур. Паром  Кангаласс хайаларын субу көрбүтүнэн устар. Ол иһин икки паром мэлдьи кэриэтэ толору массыыналаах буолар. Биир баржаҕа 32, атыныгар  26 массыынаны ылар. Арай төһө да түргэнник уһуннар, төлөбүрэ Суоттунан айаннаабыт саҕа, айанньыттан биир мөһөөҕү кассирдар массыынаны кэрийэ сылдьан  хомуйаллар, кырдьаҕаска-кыаммакка чэпчэтии баара биллибэт, кыра массыыналаах суоппар 450 солк. биэрэр, уазиктаахтарга  билиэт сыаната  650 солк. буолар. Күһүн буолан, ол-бу таһаҕас тиэммит тиэхиньикэ элбээбит, биллэн туран таксистар тиһигин быспакка сылдьаллар.

“Паром “Кыһыл Маягынан” сылдьара ордук курдук, холобура, Бороҕонтон сарсыарда 7 чааска туруннахпытына, Бэстээххэ 09.20 мүн. парому баттаһан, чаастан ордук устан, Даркылаахха 10.20 мүн. тиксэбит. Бу “Кыһыл Маягынан” туруннахха  эмиэ оннук буолар, быһатын бириэмэтигэр  таһаардахха улахан араастаһыыта суох эрээри, айанын кылгыыр. Манан сырыы биир мөлтөҕө диэн, Суоттуттан Хапчаҕайга диэри иҥнэл-таҥнал түһэн айанныыгын, кураан эрэ сатыылаан,  кыра массыына сылдьар. Урут өссө 90-с сылларга Уус Алдан баһылыгынан Роман Попов Суоттуттан бу кытылга диэри гравий куттаран, көнө суолу оҥоттороору бырайыагын бэлэмнэппитэ эрээри, үп көстүбэккэ оннук кыаллыбатаҕа. Арай табыллыбыта буоллар, дьэ Уус Алдаҥҥа, мэҥэ хаҥаластарга да сырыы сыыдамсыа эбит, аны туран дьоҕус ааллар буолан, хойуу туман хаһан көтөрүн кэтэһэн айаннаабаттар. Биллэн туран, сэрэнэллэрэ ордук гынан баран, ырааҕы тыктаран сырдатар  уот-күөс мэлигир, айанньыт биэрэккэ кэтэһэригэр усулуобуйа диэни этэ да барбаккын. Ыксаабыт киһи талах диэки барарыгар тиийэр. Хата, олохтоохтор итии чэйи, шашлык игин атыылыыр эрэ буолан, күһүҥҥү тымныыны, өрүс чэлгиэнин билиммэккин”, – диэн уопуттаах суоппардар этэллэр.

Оттон паром Өлүөнэ өрүһүнэн устан, тыаһа куугунуур, бука алтынньы ый устата оннук салҕанар чинчилээх. Хаар түһэн, Эбэҕэ кыдьымах киирэрэ айылҕа сылыйбытынан  хойутуур бадахтаах.

***

Источник: Екатерина Аммосова,Ulus.media

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»