КӨМҮСКЭЛЭ СУОХ ХААЛЛЫБЫТ
Ааспыт 2022 сылга Бүлүү сүнньүгэр научнай экспедиция үлэлээтэ диэн буолбута. Айылҕабытын, олохтоох дьон доруобуйатын чинчийбитин, түмүк оҥорбут сураҕын истэн эрэ хааллыбыт. Биһиги Күүлэкээммитигэр кэлбэтилэр, дьону аанньа ахтыбатылар. Бэккэ эрэнэн, күүтэн көрбүппүт да мэлийдибит. Биһиэхэ ыарыы, өлүү-сүтүү да кэлин хойунна. Аҥаардас ааспыт сыл кыракый бөһүөлэктэн биэс киһи суорума суолланна. Маныаха улуус салалтата, эбэтэр республика да өттүттэн болҕомто ууруллубата хомолтолоох.
2-с Күүлэт нэһилиэгэ республикаҕа аан бастаан космическай ракета саахаллаабыт сиринэн биллэр. Ол курдук, 1958 сыллаахха Күүлэкээн үрдүгэр ракета эстибитэ. Биһигини кэлин олох да полигон оҥоһуннулар, Роскосмос “Восточнай” космодромуттан тахсар ракеталар трассаларыгар кубулуттулар. Олохтоох дьон, бүтүн республика общественник-экологтара бырачыастаах туох да туһаны ылбатылар, тоҕо диэтэххэ улууспут баһылыга С.Н.Винокуров улууһун дьонун санаатын улахаҥҥа уурбакка, Роскосмоһы кытта быһаччы сибээһи олохтообута ыраатта. Онтон тугу туһанара биһиэхэ биллибэт.
Биһиги үрдүбүт космическай трассаҕа кубулуйуоҕуттан ойуур баһаара үксээтэ, олор ракета тобоҕун быраҕар сирдэриттэн тахсар уонна атын сирдэргэ тарҕанар. Ааспыт сайын бөһүөлэкпитигэр ыкса кэлэн уолуппута. Нэһилиэкпит баһылыга С.Н.Игнатьева сөптөөх дьаһал ылан, эрдэттэн биригээдэлэри тэрийэн көмүскэммиппит. Итиннэ улуус өттүттэн ханнык да дьаһал, өйөбүл суоҕа.
Ракета тобоҕо туох да буортута суоҕун Роскосмос дьоно эрэ буолбакка, бэйэбит улууспут салалтата кытта мунньах аайы кэпсиирэ. Ордук улуус баһылыга С.Винокуров, урукку кылаабынай быраас Н.Матвеев итиннэ биир санаалаахтара, дьон туһугар кыһаллыбаттара сөхтөрөр. Кэлин кэмҥэ “Бүлүү” общественнай комитет кыһаммат буолла. Бэрэссэдээтэлинэн бэйэбит киһибит Е.Чиряев анаммытын истэбит да тугу үлэлиирэ, тугу туруорсара күн бүгүнүгэр диэри биллибэт. Уонна кэлэн биһигини ким көмүскүөй?
Ааспыт 2022 сыл сэтинньитигэр таһаарбыт ракеталарын тобоҕо 40-ча сүөһүнү көрөн олорор учаастакпытыгар түспүтүн булбуппут. Сүһүөх арахсар тыаһын сарсыарда 5 чаас саҕана истибиппит. Мин сарсыарда 7 чаас саҕана ракета кыра элэмтэтин олус куһаҕан, киһи тулуйбат сытыттан буламмын бэлиэтээн кэбиспитим. Сонно улууска экология министиэристибэтин үлэһитэ киһиэхэ кэлэн ылан барарыгар, анаалыска ыытарыгар көрдөспүтүм. Ону 5 ый буолан баран быйыл саас эрэ кэлэн ылбыттара. Сыппыт сирин хаарын анаалыстаабыттар, барыта салгыҥҥа көппүтүн, тарҕаммытын кэннэ. Элэмтэ кирин кыһыйан анаалыстыыллара буолуо диэбиппит да, ону оҥорботохтор. Экологтар дьоҥҥо, айылҕаҕа сыһыаннара итиннигэ хомотто.
Биһиги нэһилиэккэ күөл үгүс, ол иһигэр көһүнэн эргимтэлээх Улуу Эбэлэр бааллар. Олорго төһөлөөх тобох түһэрэ биллибэт. Күөллэрбит уулара көстө, киһи хараҕар быраҕыллар гына дьүдэйдилэр. Сорох күөл балыга киһи сиэбэт гына ырда, муҥар илимҥэ туппут собону эмэн сиир туох эрэ үөн баар буолла. Урут ааттаах эмис соболоох күөлгэ муҥхалыы тиийэн баран балыга дьүдэйбититтэн төннөн кэлбит түбэлтэ баар. Тыабытыгар куобах баарын үрдүнэн ыран (ыалдьан?) охтубут саһыллары булаттаатым да ону ким кыһаллан анаалыска ыытыай? Биир саһылы ыыппытым да эппиэти туппатым. Күөллэр да балыктарын үөрэтиэххэ, анаалыстыахха баара да, Экология министиэристибэтэ кыһаллыбата сөхтөрөр.
Оттон биһиги олох олоруохпутун баҕарабыт. Оҕолорбут, кэлэр көлүөнэ ыччаппыт этэҥҥэ буоларыгар кыһалла сатыыбыт да, онуоха биһиги – кыра бөһүөлэк кырдьаҕастарын баҕата, күүһэ тиийбэт. Онон биһигини харыстыах, көмүскүөх буолан андаҕар биэрбит Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев, Правительствобыт салалтата уонна Ил Түмэн дьокутааттара биһигини санаан ааһыҥ, көмүскээҥ, өрүһүйүҥ диэн өссө төгүл көрдөһөбүт. Бу күн сиригэр көмүскэлэ суох хаалбыт кырыы сир дьонун умнумаҥ, ракета дьааттаах тобоҕун үрдүбүтүгэр бырахтарымаҥдиибит.
***
Степанов Владимир Спиридонович, Бүлүү улууһун 2-с Күүлэт нэһилиэгин төрүт олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар үтүөлэрин иһин СӨ Государственнай бириэмийэтин лауреата. 09.07.2023 с.
Аартыктар редакция бу то5о Сахалыы текс буукубатын урут уоьэ тэбистэрэн бэчээттирий.Туох муодатай.Эбэтэр эбэцкилии сурук дуу.
Күүлэт тоҥустарын дьылҕата нууччатымсыйбыт Бүлүү хаһаахтарыттан сыдьааннаах АрыгыТабахтыырабы долгуппат.
Кэһэттиҥ ди😂
БЕА уонна Винокуров Илии баттаан собулэц туруорсубуттара.Роскосмос тойотторун кытта.Бутуэх буппутун кэннэ барычыастаан кыайбатахтара.Биллэр буолла5а дьаат суьуруу барара.Алроса да харчыта Ханна барара биллибэт.Газ суох.Сыаната иирбит тариф.Суол олох да суох нэьилиэктэргэ.Тоьолоох харчыны айбардыыллара биллибэт.Никита Матвеев врач Куулэт киьитэ.Тойоттору эмтиир справка биэрэр о5олорго.Армияттан куоттаран.Кыра Хара дьону эмтээбэттэр.Онон заслж.врач буолар.Медиктар морг ЗАГС ПФ соцзащита АДМ.главы ритуальный цех органнар бары биир сиэмэх цепочка.
Ол барыта ракета эрэ тобохторуттан буолара биллибэт. Ба5ар туох эрэ атын дьайыы эмиэ баар буолуон сеп. Yчугэйдик уерэтиини ирдиир эбит. Буолан баран билин,н,и ыарахан кэмн,э ким онон дьарыктаныай?