Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Курс валют
Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Меню
Поиск по сайту

ЫРААС УУ +ЫРААС ҮҮТ

05.10.2017 13:28 0
ЫРААС УУ +ЫРААС ҮҮТ

Мэҥэ Хаҥаласка «ВАДА» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба дириэктэрэ Максим Забровскай биисинэс эйгэтигэр улуус биир биллэр-көстөр бизнесменэ буоларын билэбит.

Улуустааҕы урбаанньыттар ассоциацияларын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. Элбэх атыы туочуката баар «Максим» ырыынагар атыылаһааччы сөбүлээн сылдьар. Былырыын ахсынньыга бу ырыынак төрүттэммитэ 5 сылын бэлиэтээбиттэрэ.
‒ Иһиттээх ыраастаммыт иһэр ууну кутар тэрилтэбит 2009 сыллаахха тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Уу кутар сыахпыт, ырыынакка маҕаһыыммыт, эргэ «Прогресс» ырыынакка соторутааҕыта аспыт кэнсэлээрийэ, сурук-бичик табаардарын «Ай-Тал» маҕаһыына бааллар, ‒ диэн кэпсиир Максим Дмитриевич. ‒ Былырыын «Прогреһы» атыылаһан ылбыппыт. Улахан маҕаһыын оҥоруохпут диибит. Билиҥҥитэ, чуолкайдыы иликпит. Үп-харчы хамсааһыныттан көрүөхпүт.
Забровскай тэрилтэтигэр 25 киһи үлэлиир. Буҕаалтыр, экэнэмиис эбээһинэстэрин тэҥҥэ сүгэр Сахаайа Сергеева, ырыынак солбуллубат харабыла Валерий Данилов, тех-үлэһит Клава Необутова, маҕаһыыҥҥа атыылааччы Туйаара Слепцова, уу сыаҕар тутаах үлэһиттэр Альберт Федоров уонна Сауле Суттибаева, ууну сакаастаабыт дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ икки массыынанан тиэрдээччи суоппардар ‒ Иван Колосов, Илья Зоркин уонна Павел Алексеев, сакааһы ылар диспетчердэр ‒ Марина Кычкина уонна Антонина Необутова, куруусчуктар уо.д.а. үлэлииллэр-хамсыыллар. Күҥҥэ 7‒10 туонна ууну араас кээмэйдээх бытыылкаларга кутуталаан тарҕаталлар. Ууларын 80 бырыһыана маҕаһыыннарга атыыга барар. Сүрүннээн, Майаҕа уонна Аллараа Бэстээххэ. «Чэгиэн» уу, харайыытын бары ирдэбиллэрин тутустахха, алта ый турарын Максим бигэргэтэр.
Максим Забровскай, аныгы кэм биснесменэ буоларынан, кредит биисинэһи сайыннарыыга улахан суолталааҕын өйдүүр. Ол иһин, наада буоллаҕына, сөбүгэр иэскэ киирэртэн дьаархаммат. Үлэлээбиттэрин тухары үстэ кредит ылбыт. Бэйэтин дьыалатын сайыннаран, барыска тахсан, ол иэстэрин сабан иһэр гына суоттанан. Саҥа кыахтарга дьулуһар салайааччы бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ көрүүтүгэр бэйэтин бырайыагын киллэрэн олорор. Ол бырайыага манан аҕай буолбатах, Саха сиригэр үүнэр сир аһын
арааһыттан утахтары оҥоруу бырайыага. Утахтары оҥорон таһаарыы конвейер ньыматыгар олоҕуруохтаах. Хантан ыларын эмиэ толкуйдуу-тобула сылдьар. Италия технологиятынан оҥоһуллар Кытай собуота. Муус устарга Гуанчжоу куоракка тэриллибит уочараттаах аан дойдутааҕы быыстапка-дьаарбаҥкаҕа бара сылдьан, маннык собуоттары оҥорор хампаанньалар үрдүкү менеджердэрин кытта көрсөн атах тэпсэн олорон кэпсэппит, бастакы кэпсэтиилэрин ыыппыт. «Дьыала үчүгэйдик бардаҕына, Саха сиригэр эрэ буолбакка, Уһук Илин эрэгийиэннэригэр, Кытайга бэйэтигэр даҕаны, бородууксуйабытын таһаарыа этибит», ‒ диэн ыра санаатын үллэстэр. Кытайга утахтары таһаарар лииньийэлэри оҥорор 5‒6 хампаанньалартан талан дуогабарын түһэрсиэн баҕарар. Өскөтө бырайыагын өрөспүүбүлүкэ өйөөтөҕүнэ.
«ВАДА» диэн ааты наар «воданы» кытта сибээстээн кэлбит буоллахпытына, ыраас үүтү кытта сибээстэнэр буолар эмиэ кыахтаах, инникилээх. Максим Воронеж куоракка хонтуоралаах «ЮВмилк» диэн хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба салайааччыларын кытта 2008 сыллаахха Москваҕа буолбут «Агрофирма-2008» быыстапка дьаарбаҥкаҕа тиийэ сылдьан билсибит эбит. Бу хампаанньа үүтү, атын да убаҕаһы ыраастыыр фильтрдэри оҥорууга идэтийэр. Фильтрдэрин хаачыстыбалара омуктар гиэннэриттэн ордугунан билиниллибит, оттон сыаналара буоллаҕына импорт фильтрдэртэн быдан чэпчэкилэр. Полипропилен фильтрдэр бигэ металл куорпустарга дөбөҥнүк угуллаллар уонна хостоноллор. Үүт кирин-хаҕын 98 бырыһыанын (5 эрэ микрон кээмэйдээх киргэ тиийэ), бары микроорганизмнары, бактыарыйалары тутан хаалаллар, Маннык ыраастаммыт үүт хараллар болдьоҕо хас эмэ төгүл уһуур, кислотноһа намтыыр. Фильтрдэри сэпэрээтэр да, пастеризатор да иннилэринэ, уу таһар массыынаттан кутуу да суолугар, үүтү астыыр-үөллүүр лииньийэ бары кэрчиктэригэр даҕаны холбуохха сөп.
Фильтрдэр 2, 3, 4, 5 туонна үүтү аһарарга суоттаммыт араас кээмэйдээхтэр. Биир фильтр үүт кэмбинээтигэр биир астааһыҥҥа-үөллээһиҥҥэ сөп буолар. Биир устуука фильтр сыаната 210‒250 эрэ солкуобай. Улууспутугар маннык фильтри бастакынан туһаммыт «Хоту» кэпэрэтиип (Иван Максимов) бэркэ биһирээн тутта сылдьар. «Хорообут» ХЭУо, Чыамайыкы сыаҕар тутталлар. Майа собуотугар тутта сылдьыбыттар эрээри, салгыы сакаастыы иликтэр эбит. Табаҕа собуота (Роман Герасимов) боруобаҕа ылан туһанан эрэр. Фильтр куорпуһун 8500 солкуобайы ууран ол суумаҕа солуокка ылыахха сөп. Иккилии фильтры боруобаҕа босхо биэрэллэр. «Бэйэбит улууспут таһынан, Уус Алдан, Амма, Чурапчы, Ньурба улуустарыгар ылаллар, ‒ диэн кэпсээтэ Максим. ‒Мин көрдөхпүнэ, бородууксуйаларын хаачыстыбатыгар кыһаллан үтүө суобастаахтык үлэлэһэр хаһаайыстыбалар бу фильтрдэри сэҥээрэн тутталлар, туһаналлар. Оттон субсидияҕа сигэммит тэрилтэлэр аахайбаттар».
«Ювмилк» хампаанньа фильтрдэрэ туһанааччы тэрилтэҕэ барыһы тэбэр тэриллэр. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ үүт соҕотуопкаһыттарга көрүллэр субвенцията 35 солкуобайга таһаарыллан турара биллэр. Астааччы-үөллээччи тэрилтэ ити көмө үпкэ бэйэтэ эбэн үүтү туттарааччыларыгар төлөһөр. Фильтр туһаныллар түбэлтэтигэр тутуллар үүт суорда барыта үрдүкү эбэтэр бастакы суорка тахсар. Ол аата, туттарааччы элбэх үбү-харчыны аахсар буолар, үүтү туттарыыга интэриэһэ улаатан, тутуллар үүт эмиэ элбээн иһэр. Холобур, фильтри туһанар тутааччы үүтүн субсидиятыгар 15 солкуобайы эбэн, 50 солкуобайга таһаардын. Кэмбинээт биир тутууга 2 туонна үүтү туттун. Икки туонна үүккэ анаммыт фильтр сыаната 210 солкуобай. Биирдии лиитэрэтигэр фильтр сыанатыттан 0,105-тии кэппиэйкэ тиксэр. Ону тутуллар лиитэрэ үүт сыанатыттан көҕүрэтэбит ‒ 50 – 0,105 =49,895 солкуобай. Оттон туттарааччы туттарбыт үүтүн хаачыстыбата, баҕар, иккис эрэ суортаахха эппиэттэһэр буолуон эмиэ сөп. Иккиэннэригэр барыстаах буолан тахсар: соҕотуопкалааччы тэрилтэҕэ даҕаны, үүт туттарааччыларга даҕаны. Үүтү тутааччы сыанатын үрдэтэн туттарааччыларын интэриэстэрин тардар, бородууксуйатын хаачыстыбатын үрдүкү хаачыстыбаҕа таһаарар, оттон үүтү туттарааччы, үүтүн төлөбүрүн
үрдүкү эбэтэр бастакы суортаах үүт сыанатынан аахсар. 88-с нүөмэрдээх федеральнай үүт регламена даҕаны үрүҥ ас бородууксуйа хаачыстыбатыгар кытаанах ирдэбиллэри туруорар. Биллэн турар, туттарааччы, кэмбинээккэ ити фильтр туруоруллубутугар сигэнэн, туттарыллар үүтүн хаачыстыбатыгар кыһаллыбат буолуо суохтаах. Син биир төһө кыалларынан ыраас үүтү аҕаларга кыһаллыахтаах буоллаҕа. Онон, биир фильтр бэйэтин сыанатын иккис күнүгэр боруостуур диэн ааҕар Максим Забровскай.
Ким интэриэһиргээбит 41-008 нүөмэргэ эрийэн сиһилии билсиэххитин сөп. Фильтрдэр туһунан информацияны тарҕатыыга, дуогабардары түһэрсиигэ менеджер Николай Юрьевич Павлов сүүрэ-көтө сылдьар. Фильтр лииньийэҕэ хайдах үлэлиирин туһунан роликтары көрдөрүөн сөп. Кини телефона ‒ 89242329527. «ВАДА» пиирмэ электроннай почтата [email protected].

***

Аркадий ИННОКЕНТЬЕВ.
Мэҥэ Хаҥалас

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»