Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Тыйаатыр сылыгар Маалыкайга икки култуура эбийиэгэ тутуллар

12.08.2019 07:40 1
Тыйаатыр сылыгар Маалыкайга икки култуура эбийиэгэ тутуллар

Быйыл дойду үрдүнэн биллэриллибит Тыйаатыр сылыгар Ньурба улууһугар саамай элбэх тутуу  Маалыкайга барар. 170 олорор миэстэлээх Норуот айымньытын уонна Оҕо эстетическэй киинин дьиэлэрэ тутулла тураллар. Бастакы эбийиэккэ үлэ муус устар ыйыгар, иккискэ от ыйыгар саҕаламмыттара.


Дьокуускайдааҕы «Адгезия» ХЭТ салаа тэрилтэтэ — «ДСА» 18 киһилээх биригээдэтэ Маалыкайга Норуот айымньытын дьиэтин тутуутугар күүскэ үлэлиир. «Адгезия» ХЭТ исписэлииһэ Егор Жирков кэпсииринэн, дойдута — Кэбээйи Мукучута, үлэһиттэр Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Дьокуускай таһыттан сылдьаллар. Бетон үлэтигэр 3 кэлии омук үлэлиир.

Эбийиэк «ЛСТК» технологиянан туттуллар — «легкие стальные тонкостенные конструкции». Адгезиялар манна ылсан үлэлээбиттэрэ номнуо 5 сыл буолбут. Бастакы эбийиэктэрин Таатта Чөркөөҕөр Ойуунускай музейын туппуттар. Онтон ыла Муоманан, Халыманан, Сааскылааҕынан, Өлөөнүнэн, Мэҥэ Хаҥалаһынан элбэх эбийиэктэри, ол иһигэр оҕо уһуйааннарын, оскуоланы туппуттар. Сылааһы тутар матырыйаал быһыытынан канадскай технологиянан оҥоһуллубут, баһаартал куттал суох буолуутугар уонна доруобуйа харыстабылын өттүнэн сертификацияны ааспыт натуральнай утеплитель туһаныллар. Дьиэ ис эркинигэр хос тыастары, ой дуораанын сүтэрэргэ аналлаах акустическай гипсокартоннары тутталлар.

Тутааччылар графиктарын эрдэлээн иһэллэр. Дуогабар быһыытынан эһиил кулун тутар ыйга үлэҕэ киллэриэхтээхтэр. Эбийиэк тас өттүн тупсаран оҥоруу үлэтэ эмиэ барар. Олбуорга киирии ааныгар брусчаткаларын тэлгэтэн, массыына сылдьар өттүн бетоннаары бэлэмнииллэр. Бу ый 25 чыыһылатын диэки отделочниктар кэлэллэрэ күүтүллэр. Быйыл дьиэ көҥдөйүн бүтэрэн, ис-тас өттүн оҥорон баран сылааһын холбуохтаахтар, оччоҕо кыһыннары үлэ барыаҕа. Бу улахан култуура уораҕайыгар норуот айымньытын дьиэтэ уонна бибилэтиэкэ киирэн олохсуйуохтара.

Ити дьиэ таһыгар «Стройимпульс» ХЭТ 10 киһилээх биригээдэтэ Оҕо эстетическэй киинин тута сылдьар. Бу сыл от ыйыгар улуус уонна тэрилтэ муниципальнай хантараакка илии баттаспыттар. Эбийиэк 42 м усталаах уонна 18 м кэтиттээх буолар. Үлэһиттэр ленточнай акылааты оҥороллор. Үлэ хаамыытын прораб Андрей Прокопьев салайар.

«Ленточнай акылаат эрээри уратылаах буолар, — диир Андрей Прокопьев. — «Пяткалаах уонна баалката тахсар. Муостата уонна үрдэ монолит буолуоҕа. Эркинэ — андезитобазальтовай М75 диэн блоктартан оҥоһуллар. Сүрдээх сылаас буолуохтаах, тоҕо диэтэххэ, үрдэ 30 см, тас эркинэ — 25 см халыҥнаах сылааһы тутар матырыйааллах буолар. Билигин уоммут, өссө 4 киһи кэлиэхтээх. 2 олохтоох уолу ылан үөрэтэ сылдьабыт. Арматуратын оҥоруута быыччык буолан бытаан соҕуспут, бетон кутуута буоллаҕына суһалсыйыахтаах. Арматурата бүппүт сирдэринэн баскыһыанньаттан саҕалаан бетонун кутан барыахпыт. 3-4 хонук туруон наада, онтон опалубкатын, цокольнай перекрытиетын оҥоруохпут, каркаһын баайыахпыт, итиэннэ эмиэ бетонун кутан иһиэхпит. Тиэхиньикэ хаппырыыстаабатар эрэ, үлэ түргэн буолуоҕа. Быйыл дьиэ көҥдөйүн бүтэриэхпит, сарайданыахтаах. Онтон эһиил түннүктэрэ-ааннара олордуллуохтаах уонна ис-тас отделката оҥоһуллуохтаах. 17 ыйынан бүтэрэн үлэҕэ киллэрэргэ хантараактаспыппыт. Үлэбитин кэмигэр бүтэриэхпит».

Бу курдук улууспут биир улахан нэһилиэгэр — Маалыкайга Тыйаатыр сылыгар элбэх үлэ ыытыллар. Маны сэргэ «ЖКХ-Альтернатива» ХЭТ эмиэ мантан чугас саҥа хочуолунай дьиэтин тута сылдьар.

***

Ааптар: Геннадий Антонов

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. МИН

    Туйаара Карловна төрөөбүт дойдутугар үөрүүлээх сонун!

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»