Курс валют
$
98.07
0.15
105.57
0.14
Курс валют
Курс валют
$
98.07
0.15
105.57
0.14
Меню
Поиск по сайту

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр Чэбдигирдии бырагыраамматын көдьүүһүн уонна инники сайдыы соруктарын тула кэпсэттилэр

30.11.2018 16:50 0
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр Чэбдигирдии бырагыраамматын көдьүүһүн уонна инники сайдыы соруктарын тула кэпсэттилэр
Сэтинньи ый 28 күнүгэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр «Ынах сүөһүнү иитиигэ туһуламмыт Чэбдигирдии бырагыраамматын көдьүүһэ уонна инники сайдыы соруктара» диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Уопсастыбаннай Сэбиэтин кытта холбоһуктаах мунньаҕа буолан ааста.

Манна уопсайа Чэбдигирдии бырагыраамматыгар киирбит 60 хаһаайыстыба салайааччылара, тутаах үлэһиттэрэ, улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччылара, исписэлиистэрэ, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Уопсастыбаннай Сэбиэтин кыттыылаахтара – барыта 130 -ча киһи кыттыыны ылла.

Мунньаҕы тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов иилээн-саҕалаан ыытта. Тэрээһиҥҥэ М.Г. Сафронов аатынан Тыа хаһаайыстыбатын Саха Сиринээҕи научнай-чинчийэр институтун дириэктэрэ, Уопсастыбаннай Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Айаал Степанов, «Сахаплемобъединение» АУо генеральнай дириэктэрэ Николай Попов, «Туймаада» ФАПК генеральнай дириэктэрэ Петр Ефремов, СӨ Ветеринарияҕа департаменын салайааччыта Василий Бураев, Өрөспүүбүлүкэ бааһынайдарын уонна тыа хаһаайыстыбатын кооперативтарын ассоциациятын (АККОР) президенэ Александр Артемьев, Дьокуускайдааҕы көтөр фабрика генеральнай дириэктэрэ Наталья Дягилева уонна хаһаайыстыбалар салайааччылара тыл эттилэр, санааларын үллэһиннилэр.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн 2015 сыллаахха ынах сүөһү иитиитинэн дьарыктанар хаһаайыстыбалар ис туруктарын өрө тардар уонна инники сайдыыларын хааччыйар сыаллаах үс сыллаах анал Программа ылынан үлэлээн кэллэ.

Бырагырамма сүрүн соруга сүөһүттэн ылыллар валовой бородууксуйаны (эти, үүтү, төрүөҕү) элбэтэн, ону батаран тэрилтэ дохуотун үрдэтэн үлэһиттэр хамнастарын улаатыннаран үлэҕэ көҕүлээһин буолар.

Санатан эттэххэ, бырагырааммаҕа киирэргэ хааһаайыстыба уопсайа 155 төбөттөн аҕыйаҕа суох сүөһүлээх, ол иһиттэн 100-тэн элбэх ынахтаах, баар сүөһүнү аһылыгынан хааччыйар сирдээх-уоттаах, көрдөбүлгэ эппиэттиир хотонноох, үлэһиттэри хамнастыыр кыахтаах, статистическай уонна бухгалтерскай отчуоту туттарар, дохуота уонна оросхуота арылхайдык көстөр, маны таһынан үүтү, эти соҕотуопкаҕа туттарар дуогабардаах буолуохтаах.

Бастакы сыл бу көрдөбүлгэ эппиэттээн, анал 2 түһүмэхтээх конкурсу ааһан 47 хаһаайыстыба программаҕа киирбититтэн үһэ бааһынай хаһаайыстыбата этэ. Иккис сыл 50 хаһаайыстыба үлэлээбититтэн сэттэтэ бааһынай хаһаайыстыба этэ. Үһүс 2017 сылга 57 хаһаайыстыбаттан уон иккитэ бааһынай хаһаайыстыба буолбута. Программаҕа киирэн 18 улуус хаһаайыстыбалара үлэлээн кэллилэр.

Программанан 2015 сылга 222 мөл.солк, 2016 сылга 250 мөл.солк.,онтон 2017 сылга 297 мөл. солк. көрүллэн хаһаайыстыбаларга түҥэтиллибитэ.

Чэбдигирдии Программата эрдэттэн баар атаҕар туран эрэр бааһынай хаһаайыстыбалара дьулуурдаахтык тэрээһин үлэни ыытан, боруодаларын тупсаран, сүөһү аһылыгын тэрээһинин хаҥатан, хаһаайыстыбаларын кэҥэтэн, сүөһүлэрин ахсаанын элбэтэн табаары оҥорууну лаппа улаатыннаралларыгар кыах биэрбитэ саарбаҕа суох. Ол курдук Өрөспүүбүлүкэҕэ 2015 сылга 100-тэн элбэх ыанар ынахтаах 3 бааһынай хаһаайыстыба баар эбит буоллаҕына, билигин маннык кээмэйдээх 14 хаһаайыстыба үлэлии хамсыы олорор. Кинилэр бары Программа кыттыылаахтара буоллаллар. Бу бааһынай хаһаайыстыбалара бары наймыласпыт үлэһиттэрин бириэмэтигэр хамнастаан, пенсия ааҕыллыытын төлөбүрүн уйунан олороллор.

2018 сыл барыллааһын отчуотунан уопсайа программа кыттыылаахтара 1млрд 725 мөл. солк. валовой бородууксуйаны оҥорон таһаараллара сабаҕаланар, бу 2017 сылтан 8%-нан үрдүк. Быйылгы сыллааҕы былааны (тэҥнэниллэр сыананан) уопсайынан программа кыттыылаахтара толоруохтара. Ол курдук валовой бородууксуйа уопсай былаана (тэҥнэниллибит сыананан) 2018 сылга 100,2 % туолара сабаҕаланар. Онтон биир ынахтан үүтү ыаһын ортотунан 1% үрдээн 2465 кг. тиийиэҕэ.

“Инникитин өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта, чуолан ынах сүөһүнү иитии салаата 2016 сыллаахха ылыллыбыт Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын систематыгар олоҕуран улахан, тэрээһиннээх, табаары оҥоруунан анаан дьарыктанар (специализированнай) саҥа технологиялаах, механизацияҕа олоҕурбут аныгы үлэ тэрээһинин көрдөбүллэригэр толору эппиэттиир тэрилтэлэргэ олоҕуран сайдара былааннанар.

Дьэ ол иһин, Чэбдигирдии программатын кыттыылаахтарын истэриттэн сүүмэрдээн көрдөбүлгэ эппиэттиир базовай (тирэх) специализированнай үүтүнэн уонна этинэн анаан дьарыктанар хаһаайыстыбалар хаалыахтара. Маныаха Программанан үбүлээһин бары көрүҥэ, сүөһү иитиитигэр быһаччы көмө, тутуу, сир оҥоһуута, оборудование техника ылыыта бастатан туран бу базовай тэрилтэлэр кэлимник сайдыыларыгар туһуланыаҕа.
Онтон кыра кээмэйдээх хаһаайыстыбалар сыыйа атахтарыгар туран сайдыыларын хааччыйар анал “Саҥа саҕалыыр фермер”, “Дьиэ кэргэн фермаларын” сайыннарар сыаллаах программалар уруккуларын курдук салгыы үлэлиэхтэрэ. 

Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар олук буолар ыал кэтэх хаһаайыстыбалара болҕомто таһыгар хаалыахтара суоҕа. Кинилэр инникитин биирдиилээн ыалынан буолбакка, кооперация ситимигэр киирэн технология өттүнэн күүһүрэн, тэрээһиннэнэн хаҥаан иһиэхтэрэ. Маныаха сайылыктааһын программата, хотон тутуута, механизация, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин боппуруостара кооперация чэрчитинэн киирэн кинилэргэ сайдар кыах бэриллиэ.
Инникитин бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйабытынан бэйэбитин, олохтоох нэһилиэнньэни хааччыйар сүрүн сыалбыт быһаарыллар суоллара тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы – переработка (таҥастааһын), табаары оноруу – батарыы, атыы эргиэн кэлимник, биир сомоҕо буолан сайдыыларын чэрчитинэн былааннанар” 
–диэн миниистир эттэ.

***

ТХМ пресс-сулууспата

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»