Саха сирин соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр быстах ардыа, күнүс сорох сиринэн дохсун ардахтаах буолуо. Киин, илин улуустарга сорох сиринэн быстах ардахтаах буолуо, сорох сиринэн этиҥнэниэ. Кыра тыаллаах, этиҥнээх ардахха уонна кытылынан сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ түргэннээх тыалырыа. Түүн +13+18°, хоту, хотугулуу-илин, хотугулуу-арҕаа +8+13°, сорох сиринэн +3+8°, күнүс +24+29°, соҕуруу +32°, арҕаа +19+24°, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин ардахха +14+19°.
Дьокуускайга күнүс +27+29°. Күнүс быстах ардыан сөп, хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 5-10 м тиийэ түргэннээх тыалырыа.
***
Ааптар: Саха Сирэ
Хаартыскаҕа Екатерина Попова түһэриитэ
Оставить комментарий