Курс валют
$
82.13
0.19
€
89.81
0.43
Курс валют
Курс валют
$
82.13
0.19
€
89.81
0.43
Меню
Поиск по сайту

Олоҥхо дэкээдэтигэр аҕыс уонтан тахса тэрээһин ыытыллыаҕа

сегодня 09:50 (11 часов назад) 0
Олоҥхо дэкээдэтигэр аҕыс уонтан тахса тэрээһин ыытыллыаҕа

Өрөспүүбүлүкэ олоҥхоһуттара, култуура үлэһиттэрэ, ускуустуба диэйэтэллэрэ, чинчийээччилэр, олоҥхону сэргээччилэр уо.д.а. сэтинньи 25 күнүгэр —  Олоҥхо күнүгэр П.Ойуунускай аатынан  Саха академическай тыйаатырыгар муһуннулар.

Үөрүүлээх  мунньахха СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников  Олоҥхону өбүгэлэрбит кэлэр көлүөнэҕэ хаалларбыт нэһилиэстибэлэринэн сыаналаата.

“Олоҥхоҕо норуот олоҕо, кини хорсун быһыыта, үтүө санааҕа дьулуһуута, төрөөбүт дойдута таптала көрдөрүллэр. Быйылгы бырааһынньык биир ураты суолтатынан өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев дьаһалынан 2026-2035 сылларга Олоҥхо уон сыллаах үһүс дэкээдэтэ биллэриллибитэ буолар. Саҥа дэкээдэ кэмигэр өбүгэлэрбит сыаналаах нэһилиэстибэлэрин үүнэр көлүөнэҕэ хаалларар туһугар  олоҥхону харыстыырга, чинчийэргэ, сайыннарарга уонна тарҕатарга үлэ өссө күүһүрүөҕэ”, — диэтэ Сергей Местников.

Тэрээһин биир бэлиэ түгэнинэн СӨ Ил Дарханын дьаһалынан тэриллибит Олоҥхо Национальнай тэрийэр кэмитиэтин истипиэндьийэлэрин туттарыы буолла. Ол курдук, 2026 сыл түмүгүнэн:

«Олоҥхоҕо бастыҥ уһуйааччы » анал ааты: Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин «Кэрэли» эбии үөрэхтээһин киинин олоҥхоҕо уһуйааччыта Слепцова Анастасия Ивановна, олоҥхоҕо уһуйааччы, СӨ үтүөлээх учуутала Тимофеев Никандр Прокопьевич, Амма улууһун Николай Егорович Иванов аатынан  Бөтүҥ орто оскуолатын алын кылааһын учуутала Дьяконова Марта Константиновна, Уус Алдан улууһун Иван Николаевич Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын учуутала Протопопова Раиса Петровна, Нам улууһун «Түөлбэ» оҕо айар Киинин олоҥхоҕо уһуйааччыта Уваровская Тамара Степановна уонна Чурапчы улууһун Хатылы сэлиэнньэтин «Ньургуһун» оҕо сайдар киинин олоҥхоҕо уһуйааччыта Попова Розалия Михайловна ыллылар.

«Олоҥхо мецената» анал аат «Академия. Успех вместе» хампаанньа лиидэрэ  Жиркова Туяра Ивановнаҕа (Уус Алдан улууһа) туттарылынна.

«Бастыҥ үлэлээх олоҥхо ассоциациятын филиала»  диэн анал аат Нам улууһун Олоҥхо ассоциациятын филиалыгар (салайааччы —   Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Протопопов Егор Андреевич) туттарылынна;

«Бастыҥ олоҥхону толорооччу оҕолор » диэн анал аат туттарылынна:
— Дорофеева Дамираҕа —  Уус Алдан улууһун Иван Николаевич Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитигэр, салайааччы Раиса Петровна Протопопова;
— Шадрина Эвилияҕа — Нам улууһун 2 №-дээх орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитигэр, салайааччы Уваровская Тамара Степановна;
— Татаринова Айнаҕа — Амма улууһун Николай Егорович Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитигэр, салайааччы Иванова София Олеговна;
— Кривошапкин Кириккэ —  Чурапчы улууһун Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотураатынан Хатылы орто оскуолатын 1-кы кылааһын үөрэнээччитигэр, салайааччы Попова Розалия Михайловна;
— Игнатьев Павелга —  Дьокуускай куорат «Айыы кыһата» национальнай гимназия 3-с «А» кылааһын үөрэнээччитигэр, салайааччы Тимофеев Никандр.

Үөрүүлээх тэрээһин кыттыылаахтарын СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Олоҥхо үһүс уон сылыгар бэлэмнэниигэ уонна ыытыыга национальнай тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков,  СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноевэҕэрдэлээтилэр.

Онтон Үөһээ Бүлүү  олоҥхоһута Андрей Титович Титаров 110 сылыгар анаан Андрей Борисов “Хардааччы Бэргэн” испэктээгин көрдөрдүлэр. Испэктээк этно-рок-олоҥхо истиилинэн туруорулунна.

Быйыл Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 80-тан тахса тэрээһин ыытыллыаҕа.

Хаартыска; С.Скрябин (ЯСИА)

Оставить комментарий