Курс валют
$
82.23
0.22
€
90.36
0.45
Курс валют
Курс валют
$
82.23
0.22
€
90.36
0.45
Меню
Поиск по сайту

«Сахалар генетическэй ыарыыбытын хайдах суох оҥоруохпутун сөбүй?» – генетик-учуонай Виктория СОФРОНОВА санаата

14.11.2026 (5 дней назад) 17:36 0
«Сахалар генетическэй ыарыыбытын хайдах суох оҥоруохпутун сөбүй?» – генетик-учуонай Виктория СОФРОНОВА санаата

Алта сыл анараа өттүгэр генетик-быраас, медицинэ наукатын доктора Надежда МАКСИМОВАТТАН сахалар генетическэй ыарыыларын туһунан бэрт интэриэһинэй  интервью ылан турардаахпын. Бүгүн кини үөрэнээччитин уонна утумнааччытын Виктория СОФРОНОВАНЫ кытары кэпсэтэбин.


Виктория ХИФУ учуутала,  Молекулярнай медицинэ  уонна киһи генетикатын научнай-чинчийэр лабораториятын Протеомика уонна геномнай редактирование салаатын научнай үлэһитэ, наука кандидата. Виктория үс сыл Япония университетыгар аспирантураҕа үөрэнэн 2023 сыллаахха философия докторын диссертациятын көмүскээбитэ.

-2020 сыллаахха Япония правительствотын стипендиятын граныгар киирсэн,  бастаан стажировкаҕа диэн барбытым. Онтон аспирантураҕа киирбитим. Дьиҥинэн аспирантураҕа түөрт сыл үөрэниэхтээх этим да, үбүлээһин татым буолан, экстерном үс сыл иһигэр үөрэнэн бүтэрбитим, – диэн Виктория кэпсиир.

-Ыарахан этэ?

 -Бириэмэтэ ыгым буолан ыарахан этэ. Лекциялар барыта дьоппуоннуу тылынан барар этилэр, ону английскайга тылбаастыы-тылбаастыы үөрэммитим. Отут лиэксийэҕэ эссе суруйбутум. Экстерном үөрэнэр буоллаххына, биир ыстатыйа оннугар үс научнай ыстатыйа суруйуохтааххын. Мин түөрдү суруйбутум.  Аны ол ыстатыйаҥ булгуччу улахан, ытыктанар научнай сурунаалга тахсыахтаах.  Ирдэбилэ кытаанах этэ. 2023 сыллаахха «доктор философии в области медицинских наук» диэн аан дойдутааҕы ирдэбилгэ эппиэттиир диплом ылбытым. Онтон манна кэлэн баран омук дипломун бигэргэтэн медицинэ наукатын кандидатын истиэпэнин ылбытым.

-Оччоҕуна международнай дипломнаах буоллаххына, ханна баҕарар үлэлии барыаххын сөп буоллаҕа?

-Оннугунан оннук да, олоххун барытын 100% аҥардас наукаҕа эрэ аныыр санаалаах буоллаххына барыаххын сөп. Олох робот курдук үлэлиэххэ наада.

-Маннааҕы ХИФУ лабораториятыгар чуолаан удьуорунан бэриллэр ыарыылары үөрэтэҕит?

-Надежда Романовна Максимова сахаларга булбут генетическэй ыарыытын салгыы чинчийэбит, үөрэтэбит. Саҥа ыарыы буолан хайдах сайдара, уларыйара чопчу бу диэн биллибэт.

-Чинчийии хайдах барарый?

-Холобур, Японияҕа үөрэнэ сылдьан килиэккэ моделын оҥорор этибит. Ыалдьар килиэккэни үтүктэн үүннэрэҕин уонна онно эксперимент ыытаҕын.  Ханнык эмкэ-томко хайдах уларыйарын-уларыйбатын үөрэтэҕин. Ыарыы төрдүн-төбөтүн эмиэ эксперименнээн билэҕин. Хайдах уларыйарын кэтиигин.

-Уопсайынан генетическэй ыарыы эмтэнэр кыахтаах дуо?

-Аан дойдуга араас элбэх генетическэй ыарыы баар. Сорох ыарыылар терапияҕа бэринэллэр – ол “геннай терапия” диэн ааттанар.  Ген таһымыгар эмтээһин. Өссө “ферментозаместительная терапия” диэн баар. Холобур, биир ыарыыга – ханнык эрэ фермент тиийбэтиттэн килиэккэ мөлтүүр, үлэлээбэт буолар. Ол тиийбэт фермени оҥорон киһи хааныгар куталлар. Итинник эмтээһин киһи олоҕун устатын тухары барыан наада. Саха сиригэр, холобур,  мукополисахаридоз 1-кы, 2-с уонна 4-с көрүҥүнэн ыалдьар дьон баар. 4-с көрүҥүнэн биир нуучча уола ыалдьар, 1-кы көрүҥүнэн кэлии узбектар ыалдьаллар. Бу дьону эмтиир ампула сыаната 1 мөл. солкуобайтан тахса.

-Тоҕо наһаа сыаналааҕый?

-Тоҕо диэтэххэ, фармацевтическэй хампаанньалар бу эми оҥороору хас да сылы барыыллар. Элбэх клиническэй чинчийии ыыталлар, эмтэнэр дьон туругун хас да сыл үөрэтэллэр.  Ол бараабыт сылларын, үлэлэрин ити ампула сыанатыгар угаллар. Ол иһин сыаната ыарахан.

-Вика, эн Инстаграмҥа (бобуллубут соцситим) страницаҕын көрөбүн уонна сахалар генетическэй ыарыыларын ахсаана элбэх уонна тарҕаммыт диэн суруйаҕын. Еврей-ашкиназиларга тэҥниигин. Ашкиназилар урут-уруккуттан генетическэй ыарыылара  тарҕаммытынан аан дойдуга бастакы миэстэҕэ турар буолуохтаахтар.

-Ашкиназилар 1975 сылтан саҕалаан 18 саастарын туолбут оҕолорун барыларын генетическэй ыарыыга анаалыстыыллар. Уонна ким кими кэргэн ылыа, тахсыа суохтааҕын быһаараллар. Инньэ гынан хааннарын олох лаппа ыраастаатылар. Сахалар биһиги эмиэ итинник генетическэй култуураны киллэрэн удьуорунан бэриллэр ыарыыбыт ахсаанын кыччатыах тустаахпыт. Ол иһин оҕо төрөөһүнүгэр, ыал буолууга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаахпыт. Бу – омукпут кэскилин иннигэр ытык иэс. Саха омуга – доруобай буоларын туһугар хас биирдии ыал олох улахан эппиэтинэһи сүгүөхтээх.

– Ыалдьар буоллахпына оҕолонуо суохтаахпын дуо?

-Оннук буолбатах. Билигин араас репродуктивнай технология бөҕөтө баар. Холобур – ЭКО-ПГТ (предимплантационный генетический тест). Хас да эмбрионтан доруобай эмбриону талан маткаҕа уган чэгиэн оҕону төрөтүөххэ сөп. Дьокуускайга оннук технология суох эрээри былааҥҥа баар. Билигин Томскайга, Москваҕа оннук репродуктивнай технологиялар бааллар.

Билигин биһиги 9 ыарыыга скрининг оҥорор кыахтаахпыт. Дьиҥинэн ыарыы арааһа элбэх бөҕө буоллаҕа. Билэрбит, үөрэппиппит оччо.

-Оччотугар бэрэбиэркэлэнэн, ыарыһах оҕо төрүүрүн “сиидэлээн” лаппа аҕыйатар кыахтаах буоллахпыт?

-Оннук.

-Эн ити мукополисахаридоз-плюс синдром ураты ханнык генетическэй ыарыыны үөрэппиккиний?

-Генодерматозтартан ихтиоһу – тирии ыарыытын чинчийбитим. Ити бастакы аспирантурабар үөрэппит тиэмэм этэ. Секвенирование кэнниттэн сорох дьоннорго биир мутацияны өйдөөн көрбүппүт. Хас да дьон “носитель” (бэйэтэ ыалдьыбат эрээри, төрүөҕүн сутуйуон сөп) этэ, ити ыарыы сахаларга тэнийбит ыарыы быһыылаах диэн түмүккэ кэлбитим.

-Ихтиоз диэн ол аата балык хатырыгын курдук ыарыы дуо?

-Тириилэрэ хааннарыар диэри хатар. Төрүөхтэриттэн  ихтиозтаах оҕолор бааллар. Оҕо бүрүөһүн курдук тириитигэр хахтаах төрүүр, тириилэрэ хатан халтаһалара, уостара тиэриллибит эҥин буолар. Тириилэрэ араастык сорууланан түһэр. Сорохторго кыратык хахтанар, сорохторго сүллэн түһэр.  Итинник тирии ыарыылаах дьон наар көрүнүөхтэрин, тириилэрин креминэн, мааһынан сымната сылдьыахтарын наада.

-Кутталлаах генетическэй ыарыы ханныгый?

-Икки улахан кутталлаах ыарыы баар:  мукополисахаридоз-плюс синдром уонна нейрональнай цероиднай липофусциноз 6 көрүҥэ. Оҕо кыра сааһыгар өлөр. Мин ити бастакы ыарыыны чинчийбитим. Патогенеһа, ол аата төрүөтэ, биллэр эрээри, хайдах сайдара үчүгэйдик үөрэтиллэ илик.

Ньиэрбэ уонна былчыҥ ыарыылара эмиэ бааллар. Хайдах төрүөххэ бэриллэрэ эмиэ араастаах. Холобур, сорох мутация – доминантнай, ол аата ыарыһах оҕо төрүүр куттала 50%-ҥҥа тиийэ улахан. Сорох мутация рецессивнэй дэнэр, оҕоҕо бэриллэрэ – 25%.

-Ити ыарыыларга ханна анаалыс туттарыахха сөбүй?

-ХИФУ клиникатын лабораториятыгар 9 ыарыыга скрининг туттарыахха сөп. Сыаната 5400 солк.,  «Виктория» диэн промокод  -10% чэпчэтиини биэрэр. Бу анаалыһы бастаан дьахтар туттарыан наада. Оҕону  тоҕус ыйы быһа кини илдьэ сылдьар буоллаҕа. Өскөтүн кини ханнык эмэ генэ мутациялаах буоллаҕына, кэргэнэ туттарыан наада. Итинник гынан эдэр ыал харчытын кэмчилиэн сөп.

-Сахаларга 9 генетическэй ыарыы баар буоллаҕына нууччаларга төһөнүй?

-Нууччаларга эмиэ элбэх. Холобур, кинилэргэ муковисцидоз, фенилкетонурия баар. Биһиэхэ көстө илик.

-Уопсайынан атын омуктартан оҕолонор кутталлаах эбит дии, ол омук ыарыытын киллэриэхпин сөп буоллаҕа?

-Оннук куттал баар эрээри, хайаан да ыарыһах оҕо төрүүр диэн буолбатах.

Ыарыы омукка хайдах киирэрий? Холобур, биир мутациялаах киһи саха кыыһыгар оҕо оҥорор, ол оҕото эмиэ мутациялаах буккаас хааннаах киһини кытары ыал буолар. Оччотугар ыарыыны омуккар киллэриэххин сөп.

«Эффект основателя и бутылочного горлышка» диэн термин баар. Холобур, 500 тыһыынча киһилээх популяцияттан 10 тыһыынчата арахсан атын сиргэ  баран олохсуйар. Ол 10 тыһыынча иһигэр мутациялаах геннээх киһи баар буоллаҕына, эбэтэр носитель баар буоллаҕына, бу кыра популяцияны түргэнник сутуйан кэбиһэр.  Оттон 500 тыһыынча популяцияҕа икки ыарыһах геннээх киһи бэйэ-бэйэтин булсуһара уустук соҕус.

-Ити сорох ыарыылар киһи олоҕун уһаппаттар диэтиҥ. Оҕолор кыра саастарыгар өлөллөр. Оттон сааһырбыттарын кэннэ кэлин биллэр ыарыылар бааллар?

-Баар – «поздно манифестирующие заболевания» дэнэллэр. 40-50 саастарыгар диэри туох да ыарыы сибикитэ суох, онтон сааһырдахтарына дьэ тахсан кэлэр. Ол кэмҥэ дьон бэлиэр оҕолонон, сиэннэнэн – тэнийэн олорор буоллаҕа.

-Төһө оҕотугар ыарыы бэриллибитин билбэт да буоллаҕа.

-Оннук. Өссө эбэтэ-эһэтэ, ийэтэ-аҕата ыалдьыбыт буоллахтарына син сэрэйиэн сөп. Оттон тулаайах дуу, эбэтэр төрүттэрин билбэт эҥин киһи ыарыылааҕын хантан билиэй? Өскөтүн ыарыыта доминатнай буоллаҕына өссө кутталлаах, оҕолоругар бэриллибит бырыһыана улаатан тахсар.

-Оҕо төрүөн иннинэ, ийэтин иһигэр сырыттаҕына скрининг оҥоһуллар?

-Өскөтүн ийэтэ дуу, аҕата дуу генетическэй ыарыылаах буоллаҕына оҥоруохтарын сөп.

-Оттон ити бокоорор ыарыы диэн баар дии – Вилюйский энцефалит. Ити ыарыынан сахалар эрэ ыалдьаллар дуо? 

-Ити уопсай хас да ыарыы аата. Тоҕо «Вилюйский энцефалит» дэммитий диэтэххэ, ити сиргэ бастаан клиническэй үөрэтиини бардаҕа. Билигин молекулярнай медицинэ сайдан «Бүлүү энцефалита» биир эрэ ыарыы буолбатаҕа  дакаастаммыта.

-Сахаларга ханнык генетическэй ыарыы ордук тэнийбитий?

–«Окуло-фарингеальная мышечная дистрофия»  диэн ыарыы. Эмиэ 40 саастарыттан биирдэ биллэн барар.  Дьон харахтарын халтаһата түһэн киирэн барар. Ону өссө пластическай хирургия көннөрүөн сөп. Куолайдарын былчыҥа үлэлээбэт буолан хаалар. Оччотугар киһи харан өлүөн сөп. Ол иһин убаҕас аһынан эрэ аһыыллар. Инньэ гынан дэлби ыран хаалаллар. Наһаа ырыган эмээхситтэри, оҕонньоттору көрөргүт буолуо.

Былчыҥ дистрофиятын 1-кы көрүҥэ диэн баар.  Оччотугар киһи былчыҥа күүрэн хаалар – тутан баран ыыппат эҥин.

Сирэй былчыҥын атрофията (атрофия мышц лица) – сирэйин былчыҥа туппат буолар. Сыҥаах былчыҥа туппакка айахтарын кыратык ата сылдьар буолаллар, өй үлэтэ мөлтүүр. Сорохтор 40 саастарыттан ыалдьаллар, сорохтор оннук төрүүллэр.

«Якутский синдром низкорослости – 3М синдром” диэн баар. Кыра уҥуохтаахтар, төбөлөрө улахан эрээри сирэйдэрэ кыра, тиистэрэ ыпсыбат, атахтарын тилэҕин уҥуоҕа уһуктаах буолар.

“SOPH синдром” диэн ааттаах ыарыы баар. Дьон 150 см-тан улааппат.

“Аномалия лейкоцита” баар. Оччотугар иммунитеттара мөлтөх буолан сотору-сотору ыалдьаллар. Оннук диагнозтаах дьон харахтара мөлтөх буолар, тириилэрэ мыччыстаҕас.

-Учуот баар дуу?

-Регистр диэн баар. Онно биирдиилээн киһи буолбакка ыалынан, ууһунан киирэ сылдьаллар (генеологическое древо).

-Саамай элбэх ыарыы ханныгый?

-Соторутааҕыта аахпыппытынан, спиноцеребеллярнай атаксиялаах дьон ахсаана билигин барыллаан  300 киһи буолла.

Аан дойдуга сэдэх ыарыылар биһиэхэ, сахаларга, син элбэх ыалга көстөн кэлбиттэрэ. Мукополисахаридоз-плюс синдром диэн ыарыы аан дойдуга үс эрэ сиргэ баар: Турцияҕа икки оҕолоох биир ыал, Италияҕа 1 оҕолоох биир ыал. Ити бары хаан урууну эр-ойох ылартан тахсар.  Уонна 19 ыарыһах оҕо Саха сиригэр баар. Тоҕо итинник элбэҕий диир буоллахха, бэйэлэрэ ыалдьыбакка эрээри тарҕатар – носитель ахсаана сахаларга элбэх – «эффект основателя».

-Саха омук төрдүгэр оннук мутациялаах геннээх киһи баар эбит буоллаҕа.

-Оннук.

-Оттон оҕо кыра эрдэҕинэ булгуччулаах анаалыс ылар госпрограмма баар дуо?

-Билигин баар. Оҕо төрөөтөҕүнэ тилэҕиттэн хаан ылаллар дии. Ити неонатальнай скрининг диэн ааттанар. 2023 сылтан кэҥэтиллибит неонатальнай скрининг диэн баар буолбута. Хас биирдии дойду генетическэй ыарыыга ылар анаалыһа араастаах. Россияҕа 38 көрүҥ ыарыыга ылаллар. Ол ыарыы барыта сахаларга баар диэн буолбатах, биһиги дойдубутугар элбэх омук олорор буоллаҕа, ол иһин итиччэ элбэх ыарыыга анаалыс ылаллар.

-Сорох дьон «билбэккэ сылдьыбытым ордук» диэн анаалыс туттарартан куттанар буолуохтаахтар. 

-Оннук эмиэ баар. Ол гынан баран – эн оҕоҥ, оҕоҥ оҕотун доруобуйатын боппуруоһа буоллаҕа. Эрдэ билэн, аныгы медицинэ ситиһиитин туһанан, чэгиэн оҕону төрөтөрү ама ким сириэй? Куттанан бүтүөххэ наада. Генетическэй гигиенаны тутустахха ити мутация эйиэхэ кэлэн тохтоон, быстан – удьуоруҥ ыраас, доруобай хааннаах салгыы ууһуу-тэнийэ туруоҕа.

-Генетическай ыарыылаах киһи профилактикаҕа наадыйара буолуо эбээт?

-Булгуччу. Нейродегенеративнай ыарыылаах киһи – арыгы, наркотик, табах тардыа суоҕун наада. Былчыҥнара уолар дьон – эрдэттэн эттэрин-сииннэрин көрүнэн, спордунан дьарыктаныахтарын наада. Оччотугар ыарыы арыый чэпчэкитик барыаҕа, суорҕан-тэллэх кэмин кэнники сыҕарытан биэриэххэ сөп.

-Вика, билигин ханнык темаҕа үлэлии сылдьаҕын?

-Бырайыак элбэх. Билигин өссө икки ординатордаахпын, ХИФУ Мединститутугар лекция ааҕабын. Научнай өттүгэр салгыы генетическэй ыарыыбытын чинчийэбит. Ол гынан баран Россияҕа сөптөөх уопут ыытар оборудованиебыт суоҕа олус атахтыыр.

Япония университетын вертолета

-Науканан дьарыктанар интэриэһинэй дуо?

-Миэхэ интэриэһинэй. Бэйэҥ илиигинэн тутан-хабан килиэккэ оҥорон, үүннэрэн эксперимент ыытар умсугутар. Түмүгүн көрөҕүн. Сатаннаҕына үөрэҕин, сатамматаҕына хомойоҕун. Элбэх литератураны хаһаҕын, араас варианнары, предметтэри эбии үөрэтэҕин. Наука биир таһымынан тохтоон хаалбат, саҥаттан саҥаны хасыһан, дириҥээн-дириҥээн үөрэтэн иһиэххэ наада.

-Виктория, сэргэх сэһэҥҥэр махтанабын. Уонна сахалар удьуорбутун тупсарар туһугар хас биирдиибит эппиэтинэстээх буолуоҕуҥ диир ыҥырыыгын олус сөбүлээтим. Салгыы итинник санаанан науканан дьарыктанан иһэргэр баҕарабын!

***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru

Оставить комментарий