АХСЫННЬЫ – БИЛГЭ ХААН ЫЙА
Ахсынньы ый ортотуттан улахан тымныылар түһэллэр. Ый бүтүүтэ кыһыны икки аҥыы араарар сис былыта кэлэр. Күнү тимирдэр уонна дьыл быыһын тыала диэн икки тибилээх. Ахсынньыны бэс ыйа батыһар – былыты, тибиитэ бэс ыйыгар хаһыҥ, самыыр буолан эргийэр, тымныы,хаара суох буоллаҕына, бэс ыйа кураан буолар, тыалырдаҕына, хаһыҥ түһэр. Ойбон томточчу тоҥоро – уута суох сааһы билгэлиир.
Саамай кылгас күннэрдээх, уһун түүннэрдээх ый. Ахсынньы бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар. Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ. Ахсынньы бастакы күнэ хайдах күн турарынан, кыһын хайдах буоларын сабаҕалыыллара. Ый саҥатын эргин аамдаам туманнаах тымныы түһэр. Бу тымныы тохсунньуга диэри салҕанан барар. Ый ортотун диэки кыратык салгын хамсаан ылар. Ону Дьыл оҕуһун тыына дииллэр.
***
Aartyk.ru
Дмитрия Патрушева назначат премьер-министром. Михаила Мишустина собираются отправить полпредом. Из нынешнего состава Правительства сохранят свои позиции лишь несколько человек. Так, например, заместитель председателя правительства Денис Мантуров сохранит свои позиции. Шойгу останется министром обороны. Старшая дочь Путина Мария Воронцова станет министром здравоохранения. Игорь Сечин станет ещё одним заместителем председателя правительства. ФСБ возглавит Сергей Королев.