Курс валют
$
93.44
0.65
99.58
0.95
Курс валют
Курс валют
$
93.44
0.65
99.58
0.95
Меню
Поиск по сайту

УЛУУ КЫАЙЫЫ күнүнэн!

09.05.2017 11:48 1
УЛУУ КЫАЙЫЫ күнүнэн!

Ытыктабыллаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ! Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ эһигини Улуу Кыайыы 72 сылын туолар өрөгөйдөөх күнүнэн эҕэрдэлиир!

Ыам ыйын 9 күнэ Россия бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн буолар. Бу күн биһиги аан дойдуну фашизмтан босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын биллэрэбит, кинилэргэ булгуруйбат санааларын уонна Ийэ дойдуларыгар тапталларын иһин сүгүрүйэбит.

Уоттаах кыргыһыыларга, хаан тохтуулаах киирсиилэргэ биһиги биир дойдулаахтарбыт хорсуннук сэриилэспиттэрэ, Ийэ сири өстөөхтөн босхолуур туһугар сырдык тыыннарын толук биэрбиттэрэ. Фронтан тэйиччи ыраах тыылга Саха сирин дьоно-сэргэтэ килбиэннээх үлэтинэн Кыайыыны уһансыбыта. Оччотооҕу көлүөнэ  бары биир киһи курдук турунан, сэрии кэннинээҕи ыарахаттары санныгар сүгэн, эйэлээх олоҕу туппута.

Аан дойду историятын хаамыытыгар сабыдыаллаабыт ыар сүтүктээх уонна өрөгөй үктэллээх Улуу Кыайыы суолтата хаһан да өлбөөдүйбэккэ, дьон-норуот өйүгэр-санаатыгар ытык өйдөбүл буолан барыбытын сомоҕолуур. Хорсун быһыы кэмҥэ-кэрдиигэ бэриммэт, тугунан да кэмнэммэт нэһилиэстибэни харыстыырбыт барыбыт ытык иэспит. Ыам ыйын 9 күнүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын ыччаттара параадка тахсан, хас эмэ тыһыынчанан киһилээх “Тыыннаах полк” колоннатыгар бэйэлэрин чугас дьонун мэтириэттэрин тутан, үтүө ааттарын үйэтитэн сэлэлии хаамсыахтара.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни, ыраас халлааны, дьолу-соргуну, нус-бааччы олоҕу баҕарабыт!

***

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ

 

 

Обсуждение • 1

Добавить комментарий

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»