Курс валют
$
96.95
0.84
106.42
0.73
Курс валют
Курс валют
$
96.95
0.84
106.42
0.73
Меню
Поиск по сайту

Улуу Куйаар Билиитэ-3

18.05.2024 15:04 13
Улуу Куйаар Билиитэ-3

Бастакы (Улуу Куйаар Билиитэ), иккис (Улуу Куйаар Билиитэ-2) ыстатыйалар тахсыбыттарын кэннэ балайда кэм ааста. Ааҕааччыларбыт ээр-сэмээр “салгыыта хаһан тахсарый” диэн сураһаллар.

Светлана олоҕо бу кэм иһигэр эмиэ улаханнык сэргэхсийдэ. Ол туһунан кини социальнай ситимҥэ билиһиннэрэ турар (@innokenteva.sveta). Бастатан туран, дьону эмтиирин, ыраастыырын, турукка киллэрэн уруһуйдатарын таһынан бэйэтэ эмиэ хартыыналарын салгыы айар. Бэс ыйыгар персональнай быыстапкатын оҥорор буолла. “Азия оҕолоро” аан дойдутааҕы спортивнай оонньуу культурнай программатын иһинэн киирэн бигэргэннэ. Манна өнөлөөх киһинэн буолар “Азия оҕолоро” дирекция салайааччыта – Михаил Сивцев, сахалыы тыыннаах эдэр киһиэхэ барҕа махтал.  Быыстапка аныгы технологиянын оҥоһуллар, хартыыналар хамсаан, тыаһаан-ууһаан дьоҥҥо көрдөрүллүөхтэрэ. “Россия – моя история” мультимедийнай түмэлгэ тэриллиэҕэ. Иккиһинэн, “Айар” Национальнай кинигэ кыһатын дириэктэрэ Август Егоров этиитинэн, күһүөрү Светлана саха духуобунай култууратыгар сыһыаннаах бэйэтин көрүүтүн кинигэ оҥорон таһаарыахтаах. Эмиэ биир улахан суолталаах үлэ күүтэр.

Итинник тэттик сонун кэнниттэн хартыыналарбытын салгыы ырытыыга киирэбит.

“ДЬАХТАР ЭНЕРГИЯТЫН УҺУКТУУТА”

Светлана ИННОКЕНТЬЕВА:

– Бу аан бастаан турукка киирэн баран уруһуйдаабыт айымньым.

Баттах диэн – информация. Кассовай аппараакка чек тахсар дии, ким тугу, төһөнү ылбыта, ол курдук олохпутугар туох буолбутун барытын баттахпыт “бэчээттээн” таһаара турар.

Наһаа улахан уйулҕа хамсааһынын (стресс) киһи түргэнник тута өйүнэн-сүрэҕинэн кыайан буһарбат, тиһэҕэр диэри өйдөөбөт. Өйдөөбөтөх буоллаххына (непрожитые эмоции) баттаххар информация кыайан барбат. Ол иһин баттах эрдэ маҥхайар. Сорох дьон төһө да саастаахтарын иһин астара маҥхайбат. Ол аата бу дьон аа-дьуо сылдьан барытын ылынар, өйдүүр эбиттэр. Эмоцияҕыттан аккаастанар, көрө-көрө көрбөтөҕо, билэ-билэ билбэтэҕэ буоллаххына – баттаҕыҥ түргэнник маҥхайар.

Дьахтар баттаҕын ыстара, ыытара ханнык баҕарар култуураҕа – кистэлэҥ, сакральнай өйдөбүллээх.  Холобур олоҥхоҕо, “тоҕус былас суһуохтаах туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” дэнэр. Тоҕус халлаан энергиятын барытын ылбыт, ылыммыт. Дьахтар дьиҥинэн тоҕуһунан сылдьар, ону билигин мунан-тэнэн, умнан кэбиспит. Дьахтар суһуоҕар үс араас өҥөөх оҕуруо тиһиллибит: араҕас – күн (уот) символа, халлаан күөх – уу бэлиэтэ, кыһыл – дьайыы. Уот уонна уу дьайсыытыттан, алхимиятыттан – олох саҕаламмыт символа.

Икки сиринэн уот оҥорбуппун – дуальность символа. Дьахтар энергията эр киһи энергиятын сырдатан эрэр. Бу икки уот холбоһон дьахтар үһүс хараҕа аһыллар. Ол аата энергиялары (сахалыы – иччилэри) кини өйдүүр буолар.

Хартыынаҕа дьахтар ураһаҕа олорор.  Сахаларга ураһа – дьахтар күүһүн ылар сирэ диэн өйдөбүллээх. Ол иһин ураһа балаҕаннааҕар ис-тас оҥоһуута сиэдэрэй.  Дьахтар ураһаны туостан кырыйан, тигэн, оһуордаан-мандардаан, киэргэтэн оҥорор. Хартыынаҕа ураһа оройунан күн уота түһэр, аллараа аһаҕас кутаа уота дьахтар киэбин кэтэн турар. Дьахтар бу икки уот икки ардыгар сылдьан күүһүн ылынар. Арыллан, аһыллан барар.

Уруһуйдарбар дүҥүр – арыллыы бэлиэтэ. Бу олоххо бэйэ миэстэтин, кыаҕын, дьайар күүһү билинии, ылыныы.

Бу хартыынам дьахталларга эрэ сыһыаннаах буолбатах, эр киһиттэн, дьахтарыттан тутулуга суох киһиэхэ барытыгар сыһыаннаах. Урукку суруйууларга эппитим курдук, киһи икки энергияттан турар: дьахтар энергията уонна эр киһи энергията. Ийэттэн уонна аҕаттан төрүүбүт. Онон бу икки энергия киһиэхэ тэҥинэн сайдыахтаах. Билигин дьахтар энергията дьоҥҥо син уһуктан эрэр. Өскөтүн дьахталлар – дьахтар энергиятын ылынан эрэр буоллахтарына, эр дьоммут сорохторо эрэ уһугуннулар.

Эр киһи иһигэр баар дьахтар энергиятын билиммэт, баттыыр буоллаҕына кини кыайан сайдыбат, муунтуйар, этэ-сиинэ ону уйбакка алдьанар, иһэр-аһыыр, эрдэ кырдьар, ыалдьар. Дьахтар энергиятын ылыммыт эр киһи сүрэҕэ аһаҕас, санаатын сайа этинэр, амарах сүрэхтэнэр, көмүскүүр санааланар. Тугу эрэ оҥорон, тутан-хабан, саҥаттан саҥаны төрөтөн таһаарар кыахтанар. Кимин-тугун билинэр, аналын өйдүүр, толорор, өссө атын таһымҥа тахсар кыахтанар. Дьахтар энергията диэн судургутук эттэххэ – эмоциональнай интеллект.

“Өбүгэ күүһэ”

-Кыһыл фоҥҥа уруһуйдаатым. Өҥ символа – хаан, таптал, уот энергията. Хааммытыгар өбүгэбит бастакы ийэтигэр-аҕатыгар диэри информация барыта сурулла сылдьар: дьоҕурдара, талааннара, кыайбыттара-кыайтарбыттара, үтүөлэрэ-мөкүлэрэ, үөрүүлэрэ-хомолтолоро барыта баар. Ханнык эрэ информация утуйа сытар, ханнык эрэ информация биир кэмҥэ уһуктан тахсыан сөп. Ол иһин сорох дьон эмискэ талааннара тэһэ кэйэн өрө анньан тахсар.

Эбэм эбэтэ, эһэм эһэтэ, ийэм-аҕам баар буолан мин баарбын. Эбэбит, ийэбит баттаҕар 0 символ тиһиллэ сылдьар, төрүүр-ууһуур уорган курдук. Кыыс эргэ барыан иннинэ суһуоҕун икки аҥы өрүнэр – дьахтар уонна эр киһи энергията тус-туһунан сылдьаллар. Онтон кэргэннэнэр, оҕолонор – суһуоҕун биир гына өрүнэр. Бу икки энергияны кини холбоото, ылынна, өйдөөтө.

Эбээ, ийээ – төрөтөр, саҥаны таһаарар информацияны ыыта сылдьар.

Эһээ, аҕаа – 01 информацияны биэрэр. Куйаар энергиятын символа. Сахалыы уурунуу сурукка 01 өйдөбүлэ – “Сиэр ыыт“. Куйаар сокуона – сиэр сокуона. Аҕа – айааччы (творец). Биһиги хаһан да умнуо суохтаахпыт – ханнык да киһи соҕотох буолбатах.  Кини хааныгар-сиинигэр – туох баар өбүгэлэрэ бары бааллар. Өбүгэлэрбит кынат курдук кэннибитигэр тураллар. Уҥа өттүттэн – аҕабыт аймахтара, хаҥас өттүттэн – ийэбит уруулара.  Ким төһө өбүгэлэрин билинэр, ылынар соччонон кыната кыахтаах, күүстээх буолар.

Хас биирдии киһи өбүгэ ситимигэр олус улахан суолталаах утах. Эйиэхэ диэри кэлбит кынат, эйигиттэн салгыы үүнүөхтээх. Ийэбин, эбэбин, аҕабын, эһэбин көрбөтөҕум, билбэппин диир кэрэгэй, кинилэр номнуо эн хааҥҥар суураллыбаттыы иҥэн сылдьаллар. Бастакы киһиэхэ диэри. Ол аата омук-омук төрдө түмүк уһугар аймахтыы буолуо дии. Сахалар ол иһин икки атахтааҕы барытын “киһи-АЙМАХ” диирбит буолуо.  Термины сахатытарга эмиэ хантан эрэ информация кэллэҕэ эбээт. Бу хартыынабар өбүгэлэрбитин чопчу ханнык омуга биллибэт гына ол иһин уруһуйдаабыппын дии саныыбын.

Өбүгэ информацията урууга-аймахха сэттис көлүөнэҕэ диэри атылыы. Ол иһин былыр өбүгэлэрбит сэттэ көлүөнэҕэ диэри аймахтаһаллара. Оҕолорун ыал оҥорботторо. Бу Сиргэ биһиги атын-атын уопут ылыахпытын наада, оттон аймахтыылар хааннара биир. Ала-чуо биирдиҥи информацияттан туох да саҥа тахсар кыаҕа суох. Ол иһин аймахтыылар холбостохторуна иринньэх оҕо эҥин төрүүр, саҥа суох буоллаҕа.

Эбэлээх-эһэбитин күн курдук көмүс өҥүнэн дуйдаабыппын. Кинилэр биһиэхэ  өрүү информация ыыта тураллар. Куһаҕан да, үчүгэй да диэн суох. Ону өйдүөххэ наада, аҕаларын дуу, ийэлэрин дуу, эбэлэрин-эһэлэрин, атын аймахтарын-урууларын дуу абааһы көрөн бүтүөхпүтүн наада. Оччоҕо ол өбүгэҥ күүһэ эйиэхэ аһыллан тахсан олоххор көмөлөһөн барыаҕа, олоҕуҥ тупсан барыа. Киһиэхэ ханнык баҕарар түгэҥҥэ, түбэлтэҕэ бастакынан өбүгэ көмөлөһө кэлэр. Өбүгэ Айыыларга информация ыытан харысхал, көмүскэл кэлэр. Сатабылым, талааным, дьоҕурум – бу барыта Өбүгэ күүһэ, өбүгэ бэлэҕэ.

Уонна Сиргэ киһи буолан түһэргэ уускун бэйэҥ талаҕын, ханнык аймахха, ханнык урууга төрүүргүн бэйэҥ быһаараҕын. Бу сырыыга сорукпун толорорбор бу аймах, сир-уот, дойду миэхэ барсар эбит, кинилэр көмө-тирэх буолуохтара диэн талан төрүүгүн. Бэйэҥ талбыккын – ытыктыахтааххын.

Уруһуйбар хара-маҥан сиэлинэн хатыллыбыт ситии баар. Сирдээҕи олох хараттан-маҥантан сиэтиллэн турар, онтон тахсар олох символа – күөх үнүгэс.    Билиҥҥи олорор кинилэр ыччаттарын илиитин суола көстөр, ол аата өбүгэбит билиитин, уопутун удьуордар ытыспытагар түһэрэн сыа-сым курдук тутан харыстаан илдьэ сылдьарбыт туоһута.

***

Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр Национальнай художественнай музей саалатыгар Светлана Иннокентьева уонна Валентина Романова – Чыскыырай “Түмэл түүнэ” акцияҕа 21.45 чаастан кыттыахтара. Турукка киирэн айыы хайдаҕын билсиэххит.

 

(Хартыыналары ырытыы салгыы бэчээттэниэ).

***

Сурукка тистэ Туйаара НУТЧИНА,

Aartyk.Ru

*Инстаграм-РФ территориятыгар бобуллубут ситимтэн хаартыскалар туһанылыннылар. 

Обсуждение • 13

Добавить комментарий
  1. Рио

    Ждем продолжения👍🏻

  2. Аазааччы

    Махтаал, наьаа учугэйдик быьаарбыккыт🥰❤

  3. Олох олорбут киhи.

    Бу кыысчааны ,уолаттар ,тюргэн согустук ойох ылын эрэ….

    Может перестанет ерундой маяться,жизнь и без того тяжёлая штука,полегче надо.Не надо выдумывать всякие проблемы себе на голову…потом не расхлебаешь…..

  4. Мария

    Махтаал, салгыы суруйан иһиҥ!

  5. Массагет (мас сахата)

    Дьылга Хаан, Танха Хаан, Билгэ Хаан олоххун, эйигин онороллор. Одун Хаан ситэрэн биэрэр. Киhи тугу да оло5ун дьыл5атын быhаарбат, билбэт,онорбот. Кини бу баларга марионетка

  6. Буратино

    Маннык дойгох интернекка наьаа элбэх.Психологтар суруйаллар.Уксэ омук дьонун кинигэтин переводтаан бэйэлэрин быьаарыыларын курдук тиэрдэ сатыыллар.Барыта борустуой примитивный.Оннук тестэр бааллар упражнения уо.д.а.элбэх.Ону аа5ан баран уруьуйдуохха соп.Аа5ар кинигэни иллюстрациялыр курдук.Дьон оччо итэ5 эйбэт.Коуч блогер лектор психолог невролог араас спортив.тренер эмчит дэммиттэр наьаа элбэхтэр.

  7. Буратиналаама

    Талаан, ис турук, видение наада маннык уруhуйдуурга

  8. Халлаан

    90- сылларга эмиэ дьахталлар бары уда5ан корбуоччу суруйааччы буолбуттара.Элбэх со5ус этилэр.То5о эрэ биир да киьи туьаммыта абыраммыта биллибэт.Эбэтэр Ол оннук айыылаах утуону кэрэни Дойгуга Дьоццо оцорбуттара костубэт.Киьиргэс бэйэни эрэ арбаныы.Бэйэтэ бэйэтин быьаарар дьон оннугар.Хата Ол баар.Дьон сэцээрэн вывод оцоруохтаах этэ.Сымыйа дойгох.Сурэ5э суох эдэр дьахталлар о5уруо лента уруьуй тиьэн улэлээн харчы оцоробут диилэр.Ким онно уочараттаан турарый о5уруо лента туой от мас сувенир туьугар.Киьи барыта ипотека кредит ыары сэрии.

  9. А

    Элбэх эдэр ыччат уда5аммын,ойууммун,эмтиибин,таайабын,лекция арчыга ыытабын дииллэр. Интернет сайдыа5ыттан ардах кэннэ ууммут тэллэй курдук дэлэйдилэр. Итини бэрэбиэркэлээн лицензия биэрэн, нолуоктуохха игин баара, дьоннор таах итэ5эйэннэр киирэн биэрэллэр, уйул5аларын игин таарыйтараллар. Дунурдээх да уда5ан диэн буолбатахтар. 20-с уйэ са5атыгар эрэ хомусуннаах ойууттар бааллара. Оччолорго биир ойуун эппит усу:”Мантан ылата куустээх ойууттар торооботтор,айахтарын эрэ соболонун ииттээри кыра айдарыылаахтар баар буолуохтара”-диэбит. Оннук дьиэ исигэр кыыран онус халлаанна тиийэн сай ортото муус кырыа буолбут, аллараа дойдуга барбатах балык миинин кэриэтэ сиргэ куо5аас буолан умсубут уонна куту былдьаан суолун сонун тэллэ5инэн соппут игин диэннэр суохтар. Тыатаа5ы да кырынаас да буолан кубулуйбаттар,бисилэх колоосконон тыган котон эрэр хаасы суулларбаттар. Улуу Куданса кэриэтэ сылаас ыйы эппэттэр. Гипнозтара да суох. Айдарыылаах уонна босхо улэлиэхтээх,харчы ылыа суохтаах. Саха тордо барыта ойууннар, миэхэ5э да кыра баар да туоспун охсо2 харчыласаары аан дойдуну биир гына биллэ сатаабаппын. Ким :”Мин ойууммун”,-дэнэ сылдьыай?

  10. Массагет (мас сахата)

    Улуу Суорун Омоллоон ойууттары хара итэ5эл. омугу, сайдыыны таннары тардар хара дьай дьонноро диэн себулээбэт этэ. Православнай итэ5эли, а5абыттары, танара дьилэрин, революционердары ере тутара. Политссылка музейын, острогтар, церковтар реконструкцияларфн онотторбута Улуу Суорун биллэ5э буолуо…

    • Дарина

      Суорун Омоллоон сахалар православнай итэгэли ылыныахха диэн этэрэ. Теье киьи ылынна? Теруи итэгэлбитигэр теннуезтээхпит, ону уерэтиэхтээхпит. Бу Света эдэр киьи сепке этэр. Малальыас кыыс. Эдэр дьоммут уерэтэр кэмнэрэ кэлбит. Ол учугэй. Ол аата саха норуота кэскиллээх!

Оставить комментарий