Хотугу Кипр уонна онно олорор сахалар
2022 сыллаахха элбэх саха ыччата тас дойдуларга көспүтэ. Үөрэхтээх-хаардаах, сытыы-хотуу, талааннаах ыччаппыт омук сиригэр көспүтүттэн хараастан ылбыппыт. Ол гынан баран, ааспыт үйэтээҕи Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин саҕанааҕы эмиграция бастакы долгунугар холоотоххо, иккис эмиграция уратыта элбэх. Бастакыга – эр дьон эргиллибэттии соҕотохтуу көспүтэ, билигин – ыал ыалынан, тылларын, култуураларын, ол аата сахалыы эйгэлэрин илдьэ уонна дойдуларын, дьоннорун кытары ситимнэрин быспакка, хаһан эмэ эргиллиэхпит диэн бүөм санаалаах көстүлэр. Ол биллэн турар, өй-санаа өттүнэн быдан чэпчэки, эрэх-турах сананарга тирэх буолар.
Дина Николаева дьиэ кэргэнин кытары Хотугу Кипрга көспүтүгэр сэтэрээччи элбэх этэ. Тоҕо диэтэххэ, Дина Олеговна инньэ Илья Михальчук саҕаттан мэрийэҕэ үлэлээбит чиновник, буолаары-буолан кэлиҥҥи 9 сылга ОДьКХ уонна энергетикэ департаменын салайан олорбута. Ол кэлэн 40 сааһыгар олоҕун тосту уларытан атын дойдуга көһөр.
-Дина, социальнай ситимиҥ сирэйин көрдөххө, омук дойдутугар көһөр санаа 2022 сыл инниттэн саҕаламмыт эбит дии?
-Биирдэ дьүөгэм эдьийэ (айдарыылаах киһи) илдьит ыыппыт этэ, кэлэ сырыттын диэн. Ону муодарҕаабытым эрээри бара сылдьыбытым. Кини “икки сылынан мантан көһүөххүн наада, көс”, – диэн эппитигэр соһуйан эрэ хаалбытым. Ити 2020 сыллаахха этэ.
Бэйэм даҕаны наһаа өр биир сиргэ үлэлээн олус сылайбытым, олохпор туох эрэ уларыйыахтаах дии саныырым, испэр ону баҕарарым.
-Михальчук саҕаттан, оттон биэс мээргэ үлэлээбиккин дии, буолаары буолан, энергетика уонна коммунальнай сулууспа курдук уустук, түбүктээх салааҕа.
-Специалистан саҕалаан департамент салайааччытыгар тиийэ. Кэлин майгым да олус кытаанах, тыйыс буолбутун билиммитим. Наар дьаһайа, хамаандалыы, соруйа, бэрээдэктии сылдьар буолан хаалбытым. “Профессиональное выгорание” диэн баар. Оннук турукка тиийбитим. Дьүөгэм эдьийин тылларын кэнниттэн сыыйа-баайа интернети хасыһан киһи олоруон сөптөөх дойдулары үөрэтэн барбытым. Кэргэммэр көһүөххэ диэбиппин бастаан олох аккаастаммыта. Сааһыран истэх аайы, ордук эр дьон олоҕун уларытарын ыарырҕатар.
Икки сылы быһа сыымайдаан-сыымайдаан баран Хотугу Кипрга тохообутум. Онно табаарыспыт баара, билэр киһилээх, биллэн турар, үчүгэй буоллаҕа. Дьиэ-уот көрөн, талан, өссө оччолорго 1 дуоллар 60 солкуобай эрдэҕинэ, балайда удамыр сыанаҕа баттаһан квартира атыыласпыппыт. Мобилизация көһөрбүтүн түргэтитэн эрэ биэрбитэ. Эрдэ бэлэмнэммит буолан дөбөҥнүк көспүппүт.
-Дина, үс оҕолооххун, оҕолор хайдах адаптацияланнылар?
-Улаханым оскуоланы бүтэрэрэ икки сыл хаалбыт буолан, манна Республикатааҕы лицейгэ үөрэнэрэ, ол интернатыгар олорон үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Быйыл үрдүк үөрэххэ киирдэ. Орто уонна кыра кыргыттарбытын илдьэ барбыппыт. Кырабыт түөртээх буолан түргэнник адаптацияны ааста, ортобут 12-лээх этэ, бэйэбит курдук атын эйгэҕэ киирэ сатыы сылдьар.
-Ханна, туох үлэни буллугут?
-Мин тута нуучча компаниятыгар риэлтордыы киирбитим, бастаан бырыһыаҥҥа, онтон тэрийэр дьоҕурум батарбакка (күлэр) хамнаска ылбыттара. Билигин турецкай риэлторскай хампаанньаҕа үлэлии киирдим.
-Статуһа үрдүк?
-Турецкай компания статуһа үрдүк.
-Оттон кэргэниҥ?
-Тутууга, инженер-тутааччы үөрэхтээх дии, онон тутуу компаниятыгар оробуочайынан киирбитэ.
-Хотугу Кипр туспа судаарыстыба буолбутун интернеттэн эрэ биллим.
-1974 сыллаахха Кипр икки аҥы арахсан турар. Соҕуруу өттө грек-киприоттар киэннэрэ, хотута – турок-киприоттар. Хотугу Кипр республикатын Турция эрэ билинэр.
-Оччотугар биһиги Соҕуруу Кипрга сылдьыбыт эбиппит, Хоту туспа республикалаахпыт диэн гидтэр да кэпсээбэт этилэр.
-Айдааннаахтык арахсыбыттар. Ол эрээри билигин конфликт суох, кыраныысса диэн эмиэ суоҕун кэриэтэ, икки өттүгэр пост турар, онон бүтэр. Киприоттар арыыга бүтүннүүтүгэр ханна баҕарар көҥүл сылдьаллар. Ол гынан баран Соҕуруу Кипр Евросоюз зонатыгар киирэр буолан онтон-мантан араас дьон барыта кэлэллэр. Хотугу Кипрга ол чааһыгар кытаанах, онон куттала суох киһи дьиэтин аанын хатаабакка да сылдьыан сөп.
-Соҕурууҥҥу киприоттар Евросоюзка киирбиттэрин сөбүлээбэт курдук этилэр, Европаттан ол-бу бомж бөҕө кэлэр диэн.
-Оннук курдук.
-Тыллара?
-Хотугу Кипрга официальный тыл – туроктыы. Элбэх британскай оскуолалар бааллар. Уруккута Британия холуоннььата этэ буоллаҕа. Дьон онон английскайдыы хото кэпсэтэр.
-Нууччалар элбэхтэр?
-СНГ барыта баар. Омугумсуйуу суох, дьон сыһыана аламаҕай, тоҕо диэтэххэ туризм – харчы киллэрэр салаа. Уонна кинилэр санааларынан, кинилэргэ баай дьон эрэ кэлэр, баай дьон дьиэ-уот ылар. Онон сыһыан соннук курдук.
-Ыйга төһө харчыга олоруохха сөбүй?
-Куортамы, коммунальнай төлөбүрү эҥин киллэрдэххэ, биһиги харчыбытынан 150 тыһ. солкуобайга ыал, курун ыга тардыммакка, олоруон сөп.
-Туроктар буоллаҕына итэҕэллэрэ ислам эҥин буолуо?
-Мечеттэрэ бааллар. Ол гынан баран светскэй судаарыстыба, дьахтары баттааһын суох. Киприоткалар тату бөҕө, кылгас, аһаҕас таҥас… Ханнык эрэ тойон мечеткэ тиийэн “дьахталлар наһаалаатылар” диэн тыл эппитигэр, ол тойону дуоһунаһыттан уһултараары миитиннээбиттэр эҥин этэ. Уопсайынан тугу эмэ туруорсар буоллахтарына, плакаттанан иһэллэр. 2022 сылга оҕо бөҕө кэллэҕэ дии, онуоха оскуола учууталлара “оҕо элбээтэ, хамнаспытын үрдэтиҥ” диэн эмиэ плакаттары оскуолаҕа ыйаабыттара.
-Айылҕатын сөбүлээтигит дуо?
-Сылга 300 күнэ – күннээх. Муора, сылаас… Ол гынан баран, кыһыннара биһиэхэ тымныы, тоҕо диэтэххэ, ититии (отопление) диэн суох: таһырдьа +16, квартира иһэ эмиэ+16. Биһиги кыһын дьиэбитигэр туруусуктаах маайканан сылдьарбытын сөбүлүүбүт дии. Арай 2022 сыллаахтан россияннар баҕаларынан ититиилээх дьиэлэри тутар буолан эрэллэр. Киприоттар кыһын квартираларын кондиционерынан, дьиэлэрин каминынан, эбэтэр сылытардаах тэллэҕинэн ититтэллэр.
-Төһө элбэх саха баар?
-Соҕурүү өттүгэр элбэхтэр, биһиэхэ 20-ччэ ыал. Соҕуруу индрайвердар “вид на жительство” ылан олороллор, онон көҥүл сылдьаллар. Дьиэ, квартира ыллаххына ВНЖ оҥороллор, оннук уһатан-уһатан иһэллэр.
-Холобур, Дубайга, сорох дойдуларга атын дойду гражданнарыгар дьиэни-уоту атыыластаххына 90 сылга эҥин эрэ биэрэллэр диэн баара, оттон Хотугу Кипрга?
-Болдьоҕо суох бас билиигэ биэрэллэр. Ол гынан баран, дьиэҕэр, дьиэҥ анныгар сиргэ 6% нолуок төлүөхтээххин. Мин дьону Хотугу Кипрга көһүҥ диэн ыҥырбаппын, сынньанар, куортамнаан валютаҕа харчы оҥостуҥ диэн этиэхпин сөп.
-Сыаната?
-Вторичкаҕа студиялары 5-7 мөл. солкуобайга ылыахха сөп. Муораттан төһө ырааҕа сыанаҕа дьайар.
-Киприоттар бэрт холку, наҕыл дьон быһыылааҕа.
-Олох наҕыл дьон. Ыксыыры, ыгылыйары эҥин сөбүлээбэтээр. Тэтимнэрэ бытаан, холку. 17.00 чааска диэри үлэлиир киһи “трудоголик” аатырар. Сарсын оҥоруохха сөп диэтэхтэринэ, өйүүн оҥоруохтарын сөп. Олохтоохтор 12 ч. диэри эҥин үлэлииллээр. Куйаас буоллаҕына, олох да өрүөхтэрин сөп.
-Муора кытылыгар киирэн күнү быһа ууп-уһун күөгүнэн балыктыы тураллаар…
-Оннук, ким да, ханна да ыксаабат. Оскуолаҕа оҕолор дневниктэригэр суруйаллар: сыанаҕа болҕомтоҕун уурума, оҕо дьоллоохтук сананарыгар болҕомтоҕун уур диэн. Итинник философиялаах олороллор.
-Дина, кыһыҥҥын суохтаабатыҥ дуо?
-Кыһын кэлэн биир ый буолан барбытым. Кэлэ-бара сылдьабын.
-Кипрга олохсуйар былааннааххыт дуу, хаһан эмэ төннүөхпүт диэн санаалааххыт дуу?
-Билигин тугу да этэр кыаҕым суох, сир көхсө киэҥ, баҕар, салгыы ханна эмэ барыахпыт, баҕар төннүөхпүт. Ырааҕы-киэҥи былаанныыр кэм буолбатах дии.
-Махтанабын, сэргэх кэпсээҥҥэр уонна барыта этэҥҥэ буоллун диэн баҕарабын.
-Махтал, оннук буолуо диэн эрэнэбин.
***
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Фото из страницы в соцсетях Дины Николаевой
Диана ситиһиилэри! Үлэһит киһи ханна ба5арар булан сылдьар. Ааҕарга интэриэьинэй
Дина Олеговна ✨💐
Дина наһаа маладьыас, билсиспиппиттэн астынабын
Бэрт ого эбит. Кыччай маччай керен саха сиригэр эрэ хаалбатах
Саха дьахтара муударай. Сорунуулаах. Куустээх.
Саамай сеп