Түүрдэр саамай улахан судаарыстыбаларыгар айан
Хара муора ханыылаах Турция кытылыгар сынньаммыт киһи балайда буолуохтаах. Курорт аата курорт, сынньалаҥҥа анаммыт сирдэр дойду ис тыынын, култууратын, историятын ситэ биэрбэттэр, онон дьиҥнээх Турцияны, туроктар туруктарын билээри Стамбул куоракка айанныырга быһаарынныбыт.
Москва-Стамбул
“Аэрофлот” толору туристаах баараҕай аала Москваттан 4,5 чааһынан Стамбулга көтөн күпсүйэн тиийдэ. Аан дойду биир саамай кырдьаҕас куората (биһиги эрабыт иннинэ VII үйэҕэ олохтоммут) туох да баһаам араас тыллаах-өстөөх саҥанан, дэлэгэй эриэккэс сытынан, энэлитэр малыыппатынан, кыараҕас уулуссаларынан, таҥас-сап, дьүһүн-өҥ, омук арааһынан көрүстэ. “Бриллиантовая рука” сэбиэскэй комедиятыттан: “Стамбул – город контрастов”, – диэн тыллар өйгө киирдилэр. Кырдьык, аан дойдуга эҥин араас да дьүһүннээх омук баар эбиит, киһи тириитин өҥө эчи элбэҕиин! Бачча үтүмэн элбэх араас омук бииргэ тоҕуоруспутун саҥа көрдүм.
Стамбул урукку ааттара – Византий, Константинополь. Стамбул диэн ааты 1930 сыллаахха Турция Республикатын бастакы президенэ Мустафа Кемаль Ататюрк (Аҕа түүр, түүрдэр аҕалара) ыйааҕынан ылыммыт. Стамбул түөрт цивилизацияны туораабыт, Азияҕа уонна Европаҕа тайана сытар аан дойдуга соҕотох куорат. Нэһилиэнньэтэ 16 мөлүйүөн, ыалдьытын ахсаана сылга эмиэ соччо мөлүйүөн эбит.
Саамай соҕуруу сытар түүрдэр улахан судаарыстыбылара, Османнар империяларын саҕана (XVI—XVII үйэлэргэ) кыраныыссатын Соҕуруу Рим империятыттан саҕалаан Вена кытыытыгар, Венгрия, Польша билиҥҥи сиригэр тиийэ, соҕуруу – Йемеҥҥэ, Эритреяҕа, арҕаа – Алжирга, Каспий байҕалыгар тиийэ улаатыннара сылдьыбыт.
Турция түөрт байҕаллаах – Хара муора, Средиземнэй, Эгейскэй уонна Мраморнай.
Мраморнай уонна Хара муораны холбуур Босфор силбэһиитэ оруобуна Стамбулу икки аҥы араара сытар – Азия уонна Европа чааһыгар. Османскай империя бастакы аан дойду сэриитин кэнниттэн ыһыллан, Ататюрк баһылыктаах Турция Республиката тэриллэр.
Турция – Турция буоларыгар дьиҥэ улахан өҥөлөөх В.И.Ленин, кини Ататюрка сэрии сэбинэн, көмүһүнэн көмөлөһөн, тула сэриилэһэ олорор ыалларын киирсиитигэр, бэйэтин иһигэр султанаты суулларарыгар улаханнык көмөлөспүт. Ататюрк, киитэрэй түүр, Ленин көмүһүгэр былааһы ылар, хомуньуустар партияларын тэрийэр, онтон кэлин салайааччыларын барыларын репрессийэлээн кэбиһэр. Онон туроктар былыргыттан Россияны туһанан баран эргийэн кэбиһэр кэмэлдьилээхтэр эбиттэр ээ. Гидтэр ону, биллэн турар, таарыйбаттар.
Ататюрк, бастатан туран, аныгы Турцияны төрүттээбит киһинэн эрэ буолбакка, реформа бөҕөтүн киллэрбит политигынан биллэр. Бастатан туран, исламы судаарыстыбаны салайыыттан туоратар, шариат суутун быһар, светскай судаарыстыбаны олохтуур. Иккиһинэн, дьахтары тэҥ бырааптыыр, элбэх ойохтонууну бобор, турок тылын араб тылын сабыдыалыттан босхолоон латиницаҕа көһөрбүт.
Стамбул иһэ-таһа барыта Ататюрк мэтириэтэ, памятнига, дойдуларын былааҕа хас булгунньах ахсын туох да үрдүк флагштоктарга кытыастар. Турция былааҕын атын дойду гражданина тыытара букатын бобуллар, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар эбит. Ататюрк туһунан куһаҕан санаа сананыа да суохтаах.
Онон-манан Эрдоган мэтириэтэ эмиэ элбэх. Баҕар былырыыҥҥы быыбарын тобоҕо буолуо. Уопсайынан туроктар олус патриот дьон эбит.
Түүрдэртэн утум тардан сэрииһит хааннаах буолан туроктар бу цивилизациялар түмсэр, эргинэр сирдэригэр кэлэн алта үйэ тухары Османнар империяларын олохтоон, ол кэннэ билиҥҥи Турция Республикатын тэрийэн олордохторо. Османнар бу сиргэ олорбуттарын тухары наар сэриилэһэн кэлбиттэр. Куорат тула, муора кытылыгар хас да эргимтэ былыргы кириэппэстэр, таас эркиннэр сэмнэхтэрэ хара баһаамнар. Ол – күн анныгар миэстэлэрин үйэттэн үйэҕэ охсуһан, кыргыһан булбуттарын туоһута.
Саха тылыгар турок тыла олох майгыннаабат. Букатын аҕыйах тыл маарыҥныыр. Ол да буоллар турок тылын латиницаҕа көһөрөрүгэр Ататюрк Бетлингк оҥорбут сахалыы алпаабытын туттубута диэн музейдара кэпсииллэр.
Ислам сабыдыала улахан. Ол гынан баран ким да үҥэ-сүктэ сытарын көрбөтүбүт. Холобур, Каирга (Египет) хас кафе, ресторан ахсын анал үҥэр сирдэр бааллара, онно эр дьон тобуктаан нөрүйэн сытар буолаллара. Стамбулга таҥастара эмиэ араас эрээри, европейскай таҥастаах дьон быдан баһыйар. Эдэр ыччат син биир муодунай, кылгас, аһаҕас таҥаһы таҥнар, табахтыыр кыыс-уол эмиэ элбэх эбит.
Стамбулга 40 тыһыынча мечеть баар. Түҥ былыргы үйэлэрдээҕи тутуу диэтэххэ тутуулара эчи баараҕайдарыын! Барыта мрамортан суоруллан оҥоһуллубут туох да сүҥкэннээхэй тутуулар.
Константинополь бастакы баһылыга Константин араас сирдэртэн языческай итэҕэл символларын көһөрөн аҕалан туруорар дьарыктаах этэ диэн гидтэр кэпсииллэр. Тоҕотун араас историк араастык быһаарар эбит. Ким эрэ “язычниктары күлүү гынаары”, ким эрэ “араас омук бу куоракка кэлэн эргиннин, сырыттын, олордун” диэн символлары таһара дииллэр эбит. Константинополь уопсайынан хара тэриллиэҕиттэн араас омук, итэҕэл, билии, култуура түмүллэр сирин курдук былааннанан оҥоһуллубут. Ол миссиятын билигин туризм көрүҥүнэн тутан турар.
Конфуций “аан дойдуну символлар уонна бэлиэлэр салайаллар” диэбитинэн сылыктаатахха, Константин тулалыыр эйгэҕэ, көстөр да, көстүбэт да эйгэлэргэ мэҥэ бэлиэлэр дьайар күүстэрин билэн “язычниктар” символларын аҕаллаҕа – куоратын байытаары, дьолун-соргутун түстээри.
Стамбулга, ол быыһыгар, 2017 сыллаахха туруоруллубут саха сэргэтэ баар. Сэргэни “Киэргэ” ювелирнай хампаанньа салайааччыта Александр Павлов уонна уус Александр Шадрин оҥорон туруорбуттар. Ол туһунан Стамбулга олорор сахалар диаспораларын салайааччыта Мотрена Азат (Егорова) кэпсээбитэ уонна ханна турарын ыйан биэрбитэ.
Интэриэһинэйэ диэн, Осман империята саамай сайдыбыт кэмин туроктар кэпсииллэригэр биири тоһоҕолоон бэлиэтииллэр: үрдүкү дуоһунаска ананыы төрдүттэн-ууһуттан тутулуга суох эбит. Ким кыахтаах, өйдөөх, бэл, кулуттуу сылдьан тойон буола үрдүөн сөбө дииллэр. “Османскай демократия” көрүҥэ диэтэҕиҥ.
Аны түҥ былыр, султан өллөҕүнэ – учууталлар, муударай кырдьаҕастар саҥа султаны талалларыгар – өлбүт султан оҕолорун барыларын мунньан тургуталлар эбит. Уонна чулууттан чулууну сүүмэрдээн ылан саҥа баһылыгынан аныыллара үһү. Уоннааҕы оҕолорун барыларын кыра-улахан диэбэккэ тууйан өлөртөлөөн кэбиһэллэр эбит. Дьэ кытаанах сокуон эбит.
Тоҕо тууйан диир буоллахха, султан хаана тохтуо суохтаах диэн үһү. “Биир султан баар буолуохтаах, былаас былдьаспатыннар диэн атын оҕолору өлөртүүллэрэ. Ол иһин султан ойохторо оҕолорун харыстаан, араас ньыманан атын ойохтор оҕолорун өлөртүү сатыыллара”, – диэн гидтэр кэпсииллэр. Кэлин султаны талар тыйыс сокуон көтүрүллүбүт. “Дьэ, ол кэнниттэн аны ини-биилэр былаас былдьаһыытыгар барбыттар, инньэ гынан империяларын мөлтөппүттэр”.
Султан элбэх ойоҕун таһынан тоҕо гарем тутарай диэн ыйытыыга хоруй араас буолла. “Өскөтүн эр киһи тас эйгэттэн энергияны дьахтар эрэ нөҥүө ылар кыахтаах буоллаҕына, султан күүһүрээри-кыахтанаары элбэх дьахтары бэйэтин тула мунньара”. “Хас чулуу эр киһи кэннигэр чулуу дьахтар турар. Гаремҥа үксүн сэриигэ кыайтарбыт дойдулар, норуоттар уустаах-төрдүлээх дьахталларын аҕалаллара. Кинилэр султаҥҥа күүһү биэрэллэрэ”.
Израиль уонна Палестина айдааныгар туроктар халты туттар курдуктар. Одоҥ-додоҥ арафатка былааты иилиммит, геноцид утары суруктаах былакааттаах дьон хаамсаллар этэ. “Оннук айылаах көмөлөһүөхтэрин баҕарар буоллахтарына, саа-саадах тутан сэриилэһэ бардыннар”, – диэн туроктар ыгдах гыналлар.
Күн итэҕэллээх түүр сыдьаана түөрт байҕал хаймыылаах Турция сиригэр тиийэн ыйга сүгүрүйэ сылдьара айылҕатыттан эмиэ тутулуктааҕа дуу? Муоралаах омуктар Ыйга үҥэллэрэ эмиэ да сөп курдук, уу таһыма, түһэрэ-тахсара ыйтан быһаччы тутулуктаах буоллаҕа.
“Харта баар?”
Туроктар биһигини бастаан казахтар дуу, киргизтэр дуу диэн “бешбермак вар, вар (баар)” дии-дии кафеларга, рестораннарга ыҥырыы-угуйуу бөҕө. Дьээбэлэнэн: “Харта наада, харта баар?” – диибит. Хантан сылдьаҕыт диэн сонурҕууллар ахан. “Саха” диэтэххэ билбэттэр, “Якутия” диэтэххэ билэллэр. Түүрдэргит диэн хата ханыылыыһыы кытаанаҕа.
Дьиктитэ диэн кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сирин, сахалары омуктар олус интэриэһиргиир, билэ сатыыр буолбуттар. Урут сахалар уруурҕаһа сатыыллара, билигин аны омуктарбыт аймахтаһа сатыыр майгыламмыттар. Интернет күүһэ эбитэ дуу, эбэтэр былырыын эмискэ аан дойдунан тыһыынчанан ыһыллан хаалбыппыт содула эбитэ дуу?
Нууччаларбыт эмиэ “из Якутии, из Якутска” диэтэххэ сирэйдэрэ-харахтара олох уларыйан хаалар. Онно тиийэн, ханна барыахпытый, нууччаларбытынаан экскурсияҕа сылдьар буоллахпыт.
Биир бөлөҕү кытары Мраморнай муора уҥуоргутугар турар Ялово куоракка бара сырыттыбыт. Сир анныттан тахсар итии уу сыккыстарын көрөөрү, сөтүөлээри. Муорабытын синньигэс сиринэн паром 30-чча мүнүүтэнэн туоратар. Паромнара улахана, ырааһа, дэлэгэйэ. Аллараа массыынаҕын туруоран баран үөһэ этээскэ тахсан олороҕун. Баҕардаххына чэй, кофе, минньигэс атыылыыр кафеҕа киирэҕин.
Турция үс куоратыгар 1999 сыллаахха улахан сир хамсааһына буолан 18 тыһыынча киһи суорума суолламмыт. Ялово куорат 3 тыһыынча кэриҥэ киһитин сүтэрбит. Ыар сүтүгү тулуйумуна уонна дьиэлэрэ урусхалламмыта бэрдиттэн, элбэх киһи куораттан көспүт. “Бу аҕыйах сыллаахха судаарыстыба саҥа дьиэ бөҕөтүн тутан дьон төттөрү кэлитэлээн эрэр”, – диэн гидпит Борис кэпсиир.
Бориспыт – турок, Инна диэн саха кэргэннээх этим, 22 сыл олорон баран арахсыбыппыт, оҕолордоохпут, улахаммыт 21-рэ диир. Инна – Инесс арахсан баран Турцияҕа олорор, хаалбыта, маҕаһыыннардаах диир. Кырдьыгын-сымыйатын билбит суох. “Омук кэргэннэммиккэр дьонуҥ туох да диэбэтэҕэ дуо?” – диэн ыйытыыга: “Үөрбүттэрэ”, – диир. Кийиит омук буоларын туроктар биһирииллэр диэн интернеккэ суруйаллар, оттон турчанка омукка тахсарын олус хайҕаабаттар эбит.
Манан диэн эттэххэ, Ялова термальнай ууларын бассейна наһаа арааһа суох. Иссык-Күөл (Киргизия), Пятигорскай (Ставрополье) санаторийдарын оҥоһуулара быдан ордук диэн түмүктээтибит. Сонно санаторий баар эбит, онно эмтэнэ кэлбит казах саастаах эбээлэрэ “урут сууккаҕа 30 дуоллар этэ, билигин 60 дуоллар буолбут” диэн сөҕөн кэпсииллэр.
Атыы-тутуу туһунан этэр эбит буоллахха, ханна эрэ Райфайзен банк картата үлэлиир үһү. Газпром ЮнионПэй картата бэрт сэдэх сиргэ үлэлиир-үлэлээбэт. Аны карта иккитэ валютаны конвертациялыыр буолан сыана хас да бүк үрдээн тахсар. Онон урукку курдук Россияттан челночниктааһын тохтообут.
Дьоҥҥо итэҕэйиэххэ наада
Биир группаҕа кэлбит дьоммут Москваттан, Калугаттан, Саратовтан сылдьаллара. Саратов кыргыттара риэлтордар эбит, Дубайга дьиэ атыылыыллар үһү. Сахалар риэлтордара бааллар, “шаманскай обряд” оҥороллор, сылдьыбыппыт уонна хайдах эрэ куттаммыппыт дэһэн күллэрдилэр. Сахалар обургулар ханна-ханна тиийбэтэхтэрэ баарай.
Бу айаҥҥа остуоруйалаах буоллум: телефоммун паромҥа хаалларбыппын. Нууччаларым миигиннээҕэр ордук айманнылар. Чэ, “шаманскай обряд” эҥин туһунан кэпсэтии кэнниттэн “судьба” диэн буолла. Гид ону бигэргэтэн “булбаккын” диэтэ, “ким да булбат паромтан, киһи-сүөһү элбэх” – сапсыйда.
Ону баара! Ону баара паромщиктар булбуттар уонна паромнар дирекцияларыгар туттарбыттар. Ол туһунан номербар эрийтэрбит кыыспар туроктыы “сиһилии кэпсээн” биэрбиттэрин уонна “хаһан баҕарар баһаалыстаҕа кэлэн ылыахпын сөбүн” туһунан Бориспыт тылбаастаабыта. Уонна бэйэтэ сөҕүү кытаанаҕа. Ону мин кинини өссө “дьоҥҥо итэҕэйиэххэ наада” диэн үөрэтээччи буоллум. Телефонум көстүбүтүгэр группа бары үөрдэ-көттө, Саха сиригэр быра кэлиэх буоллулар.
Онно-манна сырыттахха нууччалар барахсаттар киһилии майгылара, аһыныгас сүрэхтэрэ, чараас дууһалара өрүү сөхтөрөр.
Турция көҥүлүн сыаната
Атын экскурсияҕа айанныырбытыгар гид уол Босфорга хараабыллары, лайнердары, яхталары, таһаҕастаах таҥкердары ыйа-ыйа “бу хараабыллар Турция хааһынатыгар биир да солкуобайы төлөөбөттөр” диэн айманар. Осман империята бастакы аан дойду сэриитин кэнниттэн хотторон сирэ-уота тырыта тыытыллыахтааҕа. Ону 2023 сыллаахха Ататюрк Турция Улуу национальнай мунньаҕын тэрийэн дойдутун тыынын салҕаабыт өҥөлөөх.
Омугун көҥүлүн уонна тыыннаах буоларын туһугар Ататюрк “Лозаннатааҕы эйэлээх дуогабарга” илии баттыыр. Ол түмүгүнэн англосакскай дойдулар ирдэбиллэринэн 100 сылга Турция гаас уонна ньиэп хостуура бобуллар, Босфор силбэһиитинэн устар ааллартан биир да кэпиэйкэ ылбакка босхо аһардыахтаах. Ататюрк онно сөбүлэһэр.
Бэлиэтээтэххэ: Турция уонна Саха республикаларын судаарыстыбаннастара биир сыл арыттаахтар эбит.
“Үс сыл хаалла, ньиэп уонна гаас хостуурбут бобуллубут болдьоҕо бүтэрэ. Ол кэнниттэн дьэ өрө тыыныахпыт. Гаас баар, булбуппут, ол гаас саппааһа 30 сылга барар. Турция олохтооҕо бары 30 сыл босхо гааһынан туһаныахтаахпыт, ол туһунан президеммит этэн турар. Ньиэп була иликпит, көрдүү сылдьабыт. Син биир баар, булуохпут. Стамбулга муоралары силбиир саҥа канал тутуллуохтаах. Ол тутуутугар 4,5 млрд дуоллар наада. Ол гынан баран ол 4 сылынан сыанатын толуйан, 5-с сылыгар барыска тахсыахтаах. Турция Босфорунан устар хараабыллартан сылга 1-1,5 млрд сүтэрэр. Сүрдээх буолбат дуо?!” – диэн турок гидпыт ис сүрэҕиттэн долгуйан кэпсиир.
Ататюрк бастаан Турция Республикатын тэрийэригэр омук хапытаалын тутулугуттан төлөрүйээри турецкай баан аспыт уонна сыыйа-баайа баан систиэмэтин бэйэтин илиитигэр ылбыт. Олохтоох промышленноһы, производстваны бырыһыана суох кредит биэрэн өйөөбүт.
Урут судаарыстыба тэрийэргэ – нэһилиэнньэ ахсаана, бас билэр территория, ону көмүскүүр армия баара ирдэнэрэ. Билигин аан дойду тутула, оҥоһуута уларыйан эрэр диэн элбэхтик суруйар, этэр буоллулар. Баҕар, дьон-норуот территориятын бас билэригэр атын көрүҥ үөскүөҕэ диэн политологтар, учуонайдар сабаҕалыыллар. Көрөн иһиэхпит буоллаҕа.
***
Хас биирдии айантан киһи өйүгэр-санаатыгар, сүрэҕэр-быарыгар саҥаны-сонуну соһон аҕалар. Саха олоҕунан, майгытынынан сыана быһан аан дойдуну анаарар, тэҥниир, холуур, толкуйдуур. Хаһан эрэ биир төрүттээх түүр омуктарбыт хайдах дьаһанан олороллорун илэ хараҕынан көрөр интэриэһинэй. Күн анныгар хайдах миэстэ булан тыыннарын уһаттан, көҥүллэрин туруорсан, норуоттарын дьылҕаларын оҥостон олороллорун син билсэн кэллэхпит.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
А. Павлов молодец киьи дии!
Соторутааҕыта Бурятиянан Монголияҕа баран кэллибит. Монголлар да, буряттар да сахаҕа сыһыаннара киһи соһуйар, олус истиҥник сыһыаннаһаллар. Сөҕөллөр. Аҕыйах эрээригит күүстээх санаалаах омуккут дииллэр.
Ататюрк, киитэрэй түүр, Ленин көмүһүгэр былааһы ылар, хомуньуустар партияларын тэрийэр, онтон кэлин салайааччыларын барыларын репрессийэлээн кэбиһэр. Онон туроктар былыргыттан Россияны туһанан баран эргийэн кэбиһэр кэмэлдьилээхтэр эбиттэр ээ. Гидтэр ону, биллэн турар, таарыйбаттар.
Источник: Aartyk.ru
Туйаара котоку, кэм, чаҕылхайдык суруйан бачыгыраппыт. Сири сибиири кэрийэ сылдьар буолаҥҥын бэлиитикэ, интириигэ туһунан суруйууларыҥ суохтар эбит батта. Ол-бу дьокутаат туох хайдах буолбутун туһунан суруйар суруйууларгын суохтаахтым даҕаны. Түксү, бэйдиэ кэридэхтээн бүт, кэлэн үлэлээ, суруй =)
🤣🤣🤣 кэридэхтээн диэ😂
Хабырыыс,Оттон атын сайтарга ол туьунан элбэх суруйуу баар ээ.Ким Ханна Кими кытта кулэйдии бултуу балыктыы барбыта.Тоьо харчыны тойон хотун сиэбитэ.Суут сонуна бэйэтэ эмиэ эпопея.Биьиги дьоммут эппиккэ дылы били куьа5антан ас тахсар дииллэрин курдук ииригирэн Туран сиэн аьаан атыылаан айбардаан Саха сирин дьонун дьаама5а олорто.Кор кулуу кулэй ас тацас Айан молуйуонунэн харчы барар.Дьокутааттар олох да ньим бардылар.Тыыннаахтар дуу бары олон хааллылар дуу.Биир Ф.Тумусов эрэ хаалбыт курдук.Акаары ацала дьон сурэ5э суохтары итинник.
Суруйуулар баалларын билэбин, көрөбүн. Эрээри Туйаара суруйуута быдан үчүгэй буолааччы. Ону кэтэһэбин ити.