Курс валют
$
93.44
0.65
99.58
0.95
Курс валют
Курс валют
$
93.44
0.65
99.58
0.95
Меню
Поиск по сайту

Сунтаар улууһун бары нэһилиэгэр оптоволокно киирдэ

08.09.2021 10:18 0
Сунтаар улууһун бары нэһилиэгэр оптоволокно киирдэ
Балаҕан ыйын 7 күнүгэр, Саха Сирин 12 улууһун 43 нэһилиэгэр түргэн куйаар ситимэ холбонно. Үөрүүлээх түгэнинэн
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга миниистир Анатолий Семенов, “Ростелеком” салайааччыта Константин Войтеховскай уонна улуустар Аҕа баһылыктара кыттыыны ыллылар.
Биһиги улуус 10 нэһилиэгэр: Куокунуга, Кэмпэндээйигэ, Сардаҥаҕа, Туойдаахха, Маар-Күөлгэ, Дьаархаҥҥа, Наахараҕа, Тэҥкэҕэ, Хордоҕойго уонна Түбэйгэ барыта
 300 тахса килэмиэтиргэ мас тирэхтэри туруоран ВОЛС куйаар ситимэ тардылынна. Онон олохтоохтор ADSL технологиянан түргэн куйаар ситимигэр холбонор кыахтаннылар. Аан бастакынан нэһилиэктэр дьаһалталарыгар уонна социальнай эбийиэктэргэ холбонно.
Тэрээһин кэннэ улуус Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев уһук сытар Хордоҕой нэһилиэгэр видеозвоногунан лицей салалтатыгар быһа сибээскэ холбонно, директор Валентина Данилова түргэн куйаар ситимэ тардыллан аныгы кэмҥэ оҕолор үөрэнэллэригэр улахан көдьүүстээх буолуо диэн иһитиннэрдэ.
***

«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс-сулууспата

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»