Курс валют
$
93.25
0.19
99.36
0.21
Курс валют
Курс валют
$
93.25
0.19
99.36
0.21
Меню
Поиск по сайту

ЭДЬИИЙ КЭЭЧЭ

18.08.2022 07:51 1
ЭДЬИИЙ КЭЭЧЭ

Бу күннэргэ 85 саастаах Уус-Таатта кырдьаҕас олохтооҕо Екатерина Михайловна Гоголева бассаап сулуһа буолуон буолла. Дьон омуннаан балыксыт эмээхсин кытта диэбиттэр этэ. Кини улахан эдьиийин кыыһа Валентина Григорьева кэпсээбитинэн ити тарҕаммыт хаартыска төрүөтүнэн Екатерина Михайловна төрөөбүт-үөскээбит Кырдыл диэн сиригэр бэлиэ өйдөбүнньүк турбутун көрө бара сылдьыбыта буолбут.

– Эдьиий Кээчэ 64 сыл буолан баран бу төрөөбүт дойдутугар бара сылдьыбыта. Бэрт ыраах сиргэ эдьиийбит баҕаран туран баран, өйдөбүнньүк бэлиэни көрөн кэлбитэ. Чуппу диэн сиргэ диэри өрүһүнэн моторканан чаастан ордук айаннаан, биир килэмиэтирдээх сири туос сатыы хааман, Хабырылла күөлүгэр тиийбитэ. Онно уолаттара үүтээннээхтэр. Сиэнэ уол илимнээбит балыктара, онно көннөрү ити хаартыскаҕа түспүтэ. Эдьиийбит айаннаан иһэн кэпсээнэ элбэх. Айылҕа, сир-дойду уларыйбыт да эбит диир. Туох баар сир, күөл аатын барытын өйдүүр.

Биһиги эдьиийбит төһө даҕаны оҕото-уруута суох буоллар бииргэ төрөөбүттэрин оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин көрсүбүт киһи. Биһиги бары кинини олус ытыктыыбыт. Эдьиийбит олус үтүө майгылаах, үөрүнньэҥ. Кини сэрии сылын оҕото. Сааһын тухары ыанньыксыттаабыта. Үлэ кыһыл знамята уордьаннаах. Кэлин пенсияҕа тахсан баран сельпоҕа үлэлээбитэ. Уус Таатта5а бииргэ төрөөбүт балтын Христина Михайловна Лукиналыын уонна кини оҕолорун кытта олорор.

Биһиги эдьиийбит барыбытыгар үтүө холобурунан буолар. Кини эдэр да киһиттэн ордук үчүгэй өйдөөх-санаалаах. Дьон аатын, оҕолоругар, сиэннэригэр тиийэ барыларын билэриттэн сөҕөбүн, – диир балта Валентина Голикова.

Эдьиий Кээчэни бу курдук кини көрөн улаатыннарбыт оҕолоро тапталларыгар суулаан илдьэ олороллор. Бу буолар, саха ыалын олоҕун быстыбат тыыннаах ситимэ.

***

БАГДААЙА

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. дед

    Эдьиий Кээчэ5э уьун дьоллоох оло5у, доруобуйаны! О5олор эдьиийгитин бэккэ керен-истэн. махтанан истэ сылдьаргыт хай5аллаах,атыттарга холобур буолар, барыгытыгар утуену-кэрэни!

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»