Курс валют
$
83.87
0.77
91.53
0.1
Курс валют
Курс валют
$
83.87
0.77
91.53
0.1
Меню
Поиск по сайту

Чысхаан уонна Дракон остуоруйа

18.11.2023 09:19 2
Чысхаан уонна Дракон остуоруйа

Былыыр былыр Сир Ийэбит уот кутаа дойдута эбитэ үһү.

Ол сахха, бу Сир иччитэ Дракон суос соҕотоҕун олорон олус чуҥкуйбут.

Биир күн кини Үрдүк Айыылартан аат ааттаан маннык диэн көрдөһүүлээх буолбут:

Аан дайдыны айбыт Үрдүк Айыыларым, мин бу уот кутаа дойдуга олус соҕотохсуйар буоллум.
Бука диэн миэхэ доҕордо ыытан кулуҥ” – диэн көрдөспүт.

Онуоха Үрдүк Айыылар Дракон көрдөһүүтүн ылынан дириҥ толкуйга түспүттэр.

Толкуйдарын үһүс күнүгэр маннык быһаарбыттар:

Дьэ, уолбут Дракон! Эн этиигин ылынан, эйиэхэ доҕор гына Тоҥ Томороонтон Чысхааны ыытан эрэбит.
Ол гынан, эйиэхэ уонна Чысхааҥҥа саҥа сорудах биэрэбит. Иккиэн сүрдээх эйэлээхтик, биһиги эһиэхэ биэрбит Улуу Күүспүт көмөтүнэн Орто Дойдуну ойуу-бичик оһуордаан бэлэмнээҥ! Ол кэннэ биһиги Сир Ийэҕэ араас үүнээйилэри үүннэриэхпит. Онтон үөнү-көйүүрү, кыылы-сүөлү, көтөрү уонна киһи аймаҕы олохсута түһэриэхпит” – диэн үс хос күлүүс тылынан ыпсары ыйаахтаан кэбиспиттэр, түөрт хос күлүүс тылынан эпсэри этэн кэбиспиттэр.

Ону кытары эмискэ Кудул Куйаартан үс өҥнөөх дьүкээбил уота суһумнаах, сүрдээх күүстээх силлиэнэн-буурҕанан мууһу-хаары өрө ытыйан Чысхаан обургу уотунан умайар сир ийэни үс төгүл эргийэ көтөн кэлэн Дракон иннигэр биирдэ өрө хорус гына түспүтэ эбитэ үһү.

Дьэ уонна маннык диэн этиилээх буолбут:
Дьэ, доҕоор! Бу күнтэн ылата Үрдүк Айыылар анаабыттарынан Орто Дойдуга Ытык Олох тэриллэр оннун оҥорсо эйиэхэ көмөҕө кэллим!” – диэт Чысхаан Дракоҥҥа муус кыаһаан илиитин утары уунар. Онуоха Дракон уот төлөн илиитин Чысхааҥҥа хардары уунан дорооболоһон эҕэрдэ бэссээттэрин кытта, өтөрүнэн көстүбэтэх сэттэ өҥнөөх кустук сир ийэни иилии эргийэн кэбиспитэ эбитэ үһү! Ону кытта улуу былыттар өрө көтөҕүллэн тахсан умайа турар сир ийэни сөрүүкэтэн ардаҕынан, хаарынан самыырдаан аан бастакы үрүйэлэри, үрэхтэри уһуннарбыттар.

Ол курдук отут үс күннээх түүн устата, улуу муоралар, байҕаллар дьалкыйа тэнийбиттэр. Аан бастакы туораах түһэн ача күөх ото үүнэр хара сирэ тахсыбыт. Дьэ онтон ыла доҕоттоор, Орто Дойду олоҕо саҕаламмыта эбитэ үһү.

Ол курдук Итии уонна Тымныы иччилэрэ – Драконнаах Чысхаан күн бүгүҥҥэ диэри аан дайды ытык олоҕун араҥаһыччыттара буолан орто дойдуну харыстыы, хараанныы тураллара эбитэ үһү.

 

***

Өймөкөөн Сэмэнэ

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. кэбис

    саха5а дракон диэн тыл суох ини. То5о тылы билбэт эрээри суруйа сатыыллара буолла, эбиитин кыьытаары о5олорго анаан. Инник гынан, онноо5ор ол-бу омуктар биэриилэригэр: саха тылын ацаара нуучча тылыттан турар, диэн суруйаллар.
    Дьицэр уу сахалыы драконы – адьыр5а, эбэтэр адьарай дииллэр ээ. Бу тыллар туур омуктарга барыларыгар баар.
    Аатырбыт урукку нуучча историк суруйааччыта Батый диэн (А5а дойду сэриитин иннигэр суруллубута) кинигэтигэр драконы (иллюстрациятыгар кытта баар) аджарай диэн ааттыыр. Ону билицци биьиги аьары билээ5имсийэр дьоммут, сахаларын тылларын умнан кээьэн дуу, хайдах дуу, туой луо дии сатыыллар – кытайдыы уьу, туой олох да малтаччы дракон диэн кээстилэр, кыра о5о5о дылы.

  2. Доргоон

    Саха тылын саатар орто таьымна билэр киьи ама дракон диэн суруйуо этэ да? Адьырга дэнэр.

Оставить комментарий