Курс валют
$
94.09
0.23
100.53
0.25
Курс валют
Курс валют
$
94.09
0.23
100.53
0.25
Меню
Поиск по сайту

Саха Итэҕэлин Сүбэтин тэрийэр бөлөх олохтонно

07.10.2020 10:29 1
Саха Итэҕэлин Сүбэтин тэрийэр бөлөх  олохтонно

Сахабыт дьоно!

Киһи-аймах олорор ханнык баҕарар кэмэ бэйэтэ туспа уратылаах, хас биирдии омук туһугар суоллаах-иистээх, дьайыылаах буолар.
Биһиги билигин олорор олохпут онтон уратыта суох.


Кэнники аҕыйах сыл устатыгар олохпут балысханнык уларыйда, куйаар ситим эйгэтэ күүскэ өтөн киирэн саха омук төрүт тыынын уларытта, тылбытыгар улахан дьайыы оҥордо.
Кэлии-барыы кэбэҕэс буолан кэнники кэмҥэ саха дьоно атын сиргэ көһүүлэрэ, олохсуйуулара элбээтэ.

Ити барыта сахалыы төрүт өйдөбүллэр, төрөөбүт дойдуга таптал күннэтэ күүһүн-уоҕун сүтэрэн иһэрин, тастан атын тыын ааҥнаан киирэн бэйэ эрэ иннин көрүнэр арҕаалыы сыһыаны, өйдөбүллэри соҥнуурун арылхайдык көрдөрөр.

Биллэн турар, маны барытын «глобализация» дьайыыта, киһи-аймах сайдар суола диэн холкутук ылынан, хас биирдиибит бэйэбит олохпутун эрэ оҥостон, тус туһунан, миигин эрэ тыыппатын диэн олоруохпутун эмиэ сөп.

Ол гынан баран, киһи-аймах бу орто дойдуга олоҕун суолугар дьиҥ айылҕа өйдөбүллэрэ, өбүгэ кэнчээри ыччатыгар анаабыт кэс тыла кэһилиннэхтэринэ, күннээҕи, тутах, бэйэ эрэ иннин көрүнэр, аҕыйах кэмнээх албын соруктар баһыйдахтарына, биирдиилээн норуот эрэ буолбакка, киһи- аймах бүттүүн даҕаны олоҕо айгыраан, кута-сүрэ буомуран барар кутталлаах.

Итини барытын өйдөөн туран, Саха Итэҕэлин Сүбэтин тэрийэр бөлөҕө дьон-норуот туһугар сүрэҕинэн-быарынан ылынан үлэлии сылдьар уонна өбүгэ төрүт билиилэрин эттэригэр-сииннэригэр иҥэринэн илдьэ сылдьар бары дьоммутун *ИТЭҔЭЛ СҮБЭТИН* тула сомоҕолоһуоҕуҥ диэн ыҥырабыт.

Бу Сүбэ ааҥнаан-тиийэн кэлбит олох-дьаһах сөҕүмэр уларыйыыларын тохтотор кыах суоҕун дириҥник өйдөөн туран, саха дьонун сиэринэн, бу үүммүт кэмнэргэ, аныгылыы олоххо өбүгэлэрбит дьиҥ билиилэрин көмөтүнэн тылбытын сүтэрбэккэ, дьүһүн кубулуйбакка олохпут бигэ тутулун оҥосторбутугар суоллары тобуларга аналлаах.

Саха дьиҥ билиитин, итэҕэлин («религия» диэн буолбакка, «вера» диэн өйдөбүлгэ) араас өттүттэн көрөн, ол хас биирдии көрүүнү ытыктаан-ылынан, хас биирдиибит үүнэн-сайдан, билиитин-көрүүтүн дириҥэтэн, сахабыт дьоно бу олоххо бигэ ис туруктаах, олоххо дириҥ итэҕэллээх буолалларыгар күүс– көмө буолуоҕуҥ диэн ыҥырабыт.

Хас биирдии саха киһитэ дириҥ көрүүлээх, анаарыылаах толкуйдаах буоларын биһиэхэ өбүгэбит утум гынан биэрбит, сирбит-уоппут дириҥник иҥэрбит.

Ол көмөтүнэн, бэриллибит дириҥ билиилэри хайдах гынан биир сомоҕо оҥорон дьоммутугар, ордук чуолаан кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдэбит диэн Сүбэтэ тутуоҕуҥ!

Тус туһунан сылдьан буолбакка, ураты көрүүлээх да буоллахха биир санаанан тутуспутунан тылбытын өрүһүйэр, дойдубутугар, бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар сахалыы тыыны, өбүгэбит үгэһин, итэҕэлбитин сайыннарар туһугар бары бииргэ түмсүөххэ!

Итэҕэл Сүбэтин олохтуур бастакы мунньах балаҕан ыйын 20 күнүгэр Туймаада хочотугар тэриллэн үлэтин саҕалаабыта.

Санааҕытын, этиилэргитин бу аадырыска күүтэбит: [email protected]

***

Бары үтүөнү баҕаран туран,
Итэҕэл Сүбэтин тэрийэр бөлөх.

 

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. Дьэ бэрт!

    👍👏🙌

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»